Якутские буквы:

Якутский → Якутский

туллай

I
дьүһ. туохт. Төрдүгүттэн тууллан, арахсан хаалыах курдук хамсаа, олоҕо суох, түөрэккэй буол; кыракыратык хардыылан, өрө көтүөккэлээн хаамп. Быть неустойчивым в своём основании, в точке опоры; ходить короткими шагами, как бы подпрыгивая. Сүгэм уга туллайбыкка дылы
Чэ, тукаам, сүүрэн туллайан ис. ПЭК СЯЯ
II
көр толлой
Бэйэтин кэрэтигэр олус эрэллээх тырыбынаабыт кыыс онуоха кыыһыран туллайбыта. «Чолбон»
Ийэтин түһэҕиттэн тайанан түөрт-биэс саастаах үчүгэйкээн кыыс оҕо туллайан олорор. ПНИ АДХ
III
1. даҕ. Түргэнник кэтиллэр-уһуллар, киэҥ айахтаах, кылгас остоох, уһуллаҥнас (атах таҥаһын туһунан). С широким коротким голенищем, просторный, болтающийся, легко скидывающийся (об обуви)
Торбос ыстааннаах, Туллай этэрбэстээх Саха киһитэ муҥнаах Саманнааҕар тымныы Сатыылаабыт кыһыннарын Туораамахтаабыт буолуохтаах. С. Тарасов
Арай, киэһэ хараҥаран эрдэҕинэ, туллай эрэһиинэ саппыкылаах киһи атаҕын тыаһа дурдам кэннигэр тиийэ таллырҕайдаан кэлэн тохтоото. «Чолбон»
2. аат суолт., эргэр. Нууччалар сутукаттан, туостан өрүллүбүт оһо суох былыргы атахтарын таҥаһа. Лапоть, лапти
Икки саха …… сутуканан, туоһунан туллай оҥостон, хаамсан иэҕэҥнэһэн истилэр. Н. Павлов
[Иван Иванович хоһуттан] сотору кэминэн үс оҕо туллайдарын тутан таҕыста. «ХС»
Дьоно, сабыс-саҥа сутука туллайдарынан муоҕу батары үктүү-үктүү, ардаҕы-самыыры аннынан кыраман ыраах аттаналлар. А. Фадеев (тылб.)

Якутский → Русский

туллай=

образн. 1) быть, казаться неустойчивым в своём основании; 2) быть, казаться маленьким и неустойчивым.


Еще переводы:

топпоҥноо

топпоҥноо (Якутский → Якутский)

топпой диэнтэн б
тэҥ. көстүү. [Туллай] Тоотоҥноон, Топпоҥноон, Айаннаан, Айдааран, Айгыстан испит арай. П. Тобуруокап

биилээ

биилээ (Якутский → Якутский)

туохт. Аалан биитин таһаар; сытыылаа. Точить, заострять (острие, лезвие)
Туллайа өтөҕүттэн кэлэн, күнүнэн булуук биилиир, боромньу тииһин уһуктуур. Н. Босиков. [Хотууру] өтүйэнэн таптайаннар сытыы кылаан биилииллэр. КАА Т

кэкэс гын

кэкэс гын (Якутский → Якутский)

кэкэй диэнтэн көстө түһүү. Туллай туран …… Кэтэҕин оҕото Киргил киэнинии Кэкэс гыныар дылы Кимиэхэ барытыгар Кэдэччи киҥнэннэ. П. Тобуруокап
Уол кулун тэллэҕэр кэкэс гына олоро түстэ. «ХС»

өксөкүс гын

өксөкүс гын (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Эмискэ түргэнник сылыпыс гынан хаал. Неожиданно выскочить, уйти, исчезнуть
Туллайа тылларын олох сөбүлээбэтэх киһилии туттан Сүөдэр Сүөдэрэп таһырдьа өксөкүс гынан хаалла. Н. Босиков

сүүртэлээ

сүүртэлээ (Якутский → Якутский)

сүүр I диэнтэн төхт
көрүҥ. [Умайбыт] эрэһиинэ туллайа саамай сэтиэнэхтээх сиргэ түспүт, уолаттар уоттан куттанан онон-манан тыа диэки сүүртэлээн эрэллэр эбит. Р. Кулаковскай

тулларый

тулларый (Якутский → Якутский)

туллай I диэнтэн хамс. көстүү. Онуоха тулаайах кыыс Тулларыйа ойон Толугуруу сиэлэн тахсан, …… От-мас сыыһын көрдүөтэ — да булбата. Саха фольк.

богдолун

богдолун (Якутский → Якутский)

богдой диэнтэн бэй
туһ. Оҕонньордоро туохха да кыһаммат, көхсө бэрт холкутук богдоллон иһэр. Амма Аччыгыйа
Бүөтүр оҕонньор богдоллубут көхсө уонна эйэҕэс харахтара бу баарга дылылар. В. Гаврильева
[Туллай] Бобо кыыһырда, Богдоллон таҕыста. П. Тобуруокап

көкөй

көкөй (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Умса, куоҕаччы түс (уһун моойдоох синньигэс киһи эбэтэр үрдүк бэргэһэ туһунан). Наклоняться вперед (о длинношеем худощавом человеке или высокой шапке)
Көкөйбүт күөс бэргэһэлээх, Нээдэллибит нэк сонноох, Толунньаҕынан туллай этэрбэстээх [дьахтар]. Өксөкүлээх Өлөксөй

өһүөннээҕинэн

өһүөннээҕинэн (Якутский → Якутский)

сыһ. Өһүүр курдук, өстүйбүт курдук (көр). С ненавистью (смотреть)
Кини [Кууһума] диэки ачыкытын үөһээ өттүнэн өһүөннээҕинэн көрөн кэбиһэн баран, үөрүйэҕинэн, уоһун чамырҕата-чамырҕата аахта. А. Софронов
Анараа уол Туллай диэки өһүөннээҕинэн сүүһүн аннынан көрбүтэ. И. Федосеев

таллырҕайдаа

таллырҕайдаа (Якутский → Якутский)

тыаһы үт. туохт. Олус улахан атах таҥастаах хааман, сымнаҕас сымнаҕаска охсуллар тыаһын таһаар. Шлёпать в чрезмерно широкой обуви
Арай, киэһэ хараҥаран эрдэҕинэ, туллай эрэһиинэ саппыкылаах киһи атаҕын тыаһа дурдам кэннигэр таллырҕайдаан кэлэн тохтоото. «Чолбон»