Якутские буквы:

Якутский → Якутский

тулларый

туллай I диэнтэн хамс. көстүү. Онуоха тулаайах кыыс Тулларыйа ойон Толугуруу сиэлэн тахсан, …… От-мас сыыһын көрдүөтэ — да булбата. Саха фольк.

тулун

туохт. Туох эмэ бүтүнтэн, бииргэ сылдьартан арахсан, хоҥнон кэл. Отделяться, отрываться, отваливаться от чего-л. целого
Чаанньык оргуйан …… туллубут тутааҕын үүтүнэн итии туман өрө дьурулаата. Амма Аччыгыйа
Сааны көрбүтүм — сомуога туллан хаалбыт. Т. Сметанин
Өр уһуннук туттуллубут өтүйэ уга ытаһата сахсайан, халкыҥнаан туллуон да сөп. ПАЕ ОСС
Күн <хараҕата> туллара, күһэҥэ <быата> быстара буолла (күһэйдэ) көр күһэҥэ. Иккиэн түөс түөстэриттэн анньыһан турдулар... Дьэ, күн туллара, күһэҥэ быстара диэн дьэ буолла. Саха фольк. Кэтэҕэ тулунна көр кэтэх. Киһиргээн кэтэҕэ тулларын кэрэйбэт (өс хоһ.). Туллар тутаах — туох эмэ саамай сүрүнэ, олоҕо. Основа, самая важная, главная часть чего-л.
Сүөһү диэн саха киһитин иитимньитин биир суол туллар тутааҕа. М. Доҕордуурап
Настаа илгэлээх Ийэ сирин эргийэр киинигэр, туллар тутааҕар, Москваҕа …… тиийэн кэлбитэ. П. Аввакумов
Балыыһа биир туллар тутааҕа Афанасий Платонович Ушницкайга бүгүн хара сарсыардаттан ыла үгүс түбүктээх күн үүммүтэ. В. Васильев. Туллубат тулааһын <өҕүллүбэт өһүө> — кимиэхэ, туохха эмэ өйөбүл буолар күүс, ким эмэ тирэҕэ, эрэлэ. Сила, поддерживающая кого-что-л., опора, надежда
[Бэрэсидьиэн:] Эһиги, уустар, саха омук духуобунай култууратын биир туллубат тулааһына, силлибэт силиһэ буоларгытын өйдөөн туран, …… үлэлээҥхамсааҥ! «Кыым». Тулхадыйбат (туллаҥнаабат, туллубат) тулааһын көр тулааһын
ср. эвенк. тул-дардаай ‘обломаться (о роге) у корня’

Якутский → Русский

тулун=

отделяться, отрываться; сүгэ уга туллубут топор снялся с топорища; тиит хатырыга туллубут кора отделилась от дерева; сонум тимэҕэ тулунна у меня на пальто оторвалась пуговица.

Якутский → Английский

тулун=

v. to be pulled out


Еще переводы:

туллараҥнаа

туллараҥнаа (Якутский → Якутский)

тулларый диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Оҕонньор …… кэтэҕэ титириир, маҥан мөчөкө бытыга туллараҥныыр. Амма Аччыгыйа
Эһэ …… икки кэлин атаҕар туран буруону сытырҕалаан хара, сииктээх мунна туллараҥнаабыта. Далан

отколоться

отколоться (Русский → Якутский)

II сов. (о чём-л. приколотом) туура бар, тулун.

отвалиться

отвалиться (Русский → Якутский)

сов. сиҥин, хоҥун, тулун; угол карниза отвалился кэрэниис муннуга хоҥнубут.

тулуспахтас

тулуспахтас (Якутский → Якутский)

тулуспахтаа диэнтэн холб. туһ. [Төҥүргэс] Силистэндулҕаттан силиргэхтэһэн, Син тулуспахтаһан иһэн, Түөрэ тартаран Туурата туллубута. К. Туйаарыскай

static

static (Английский → Якутский)

бигэ, халбаҥнаабат, туллубат

куубур-хаабыр

куубур-хаабыр (Якутский → Якутский)

тыаһы үт. т. Тимири игиинэн аалыы эбэтэр кытаанах эттик кытаанах эттиккэ аалсыытын тыаһа. Подражание звуку трения твердых предметов друг о друга
[Өлөксөй] Ардыгар, сыыһа тардан, Оҕонньору уунан ыскайдаата. Куукта тулла-тулла мөхсөн, Куубур-хаабыр тыаһаата. С. Васильев

отломаться

отломаться (Русский → Якутский)

сов. тостон түс, туллан кэл.

отлететь

отлететь (Русский → Якутский)

сов. 1. (улететь) көтөн бар, бар; птицы отлетели көтөрдөр барбыттар; 2. разг. (оторваться) түс, тулун; пуговица отлетела тимэх тулунна; 3. разг. (отскочить) ой, тэй; мяч отлетел далеко мээчик ыраах тэйдэ.

оторваться

оторваться (Русский → Якутский)

сов. 1. быһын, тулун, араҕыс; самолёт оторвался от земли самолёт сиртэн араҕыста; пуговица оторвалась тимэх тулунна; 2. (отвлечься) арах, аралдьый; оторваться от книги кинигэттэн арах; оторваться от занятий үлэҕиттэн аралдьый; 3. пергн. (утратить связь) тэй; оторваться от масс маассаттан тэй.

мунньунуу

мунньунуу (Якутский → Якутский)

мунньун диэнтэн хай
аата. Ол мастарыскыай судаарыстыба үбүлээһининэн буолбакка, тэрилтэ бэйэтин мунньунуутун суотугар тут туллуохтаах. Софр. Данилов
Холкуостаахтар бэйэлэрин мунньунууларыттан икки сүүс тыһыынча солкуобайы хомуйбуттара. «Сахаада»