Якутские буквы:

Якутский → Русский

тулут=

побуд от тулуй=; сүрэҕим-быарым тулуппата сердце не даёт мне покоя; ними тулутуох киһиний кто же устоит против него (никто не устоит).

Якутский → Якутский

тулут

туохт.
1. Кими эмэ, утарылаһар кыах биэрбэккэ, кэбэҕэстик кыай (үксүгэр буолб. ф-ҕа эбэтэр мэлдьэх. этиигэ тут-лар). Побеждать, одолевать кого-л. легко и быстро, не давая возможности оказать сопротивление (обычно употр. в отриц. ф. или в отриц. выражениях)
Хаарга куобахтаатылар. Киристипиэл тулуппата. Амма Аччыгыйа
Атах оонньуутугар чугаһынан тулутар киһитэ диэн суох буолбута. Багдарыын Сүлбэ
Киһитэ киирдэ да, Сергейи түҥ-таҥ тутан барда, төрүт тулуппата. СМН ТС
2. Тугу эмэ ыарырҕаппакка, кыайахото тут, түргэнник бүтэрэ-оһоро оҕус (хол., үлэни, үөрэҕи — үксүгэр буолб. ф-ҕа эбэтэр мэлдьэх. этиигэ тут-лар). Справляться с чем-л. (напр., с учёбой, работой) с лёгкостью (обычно употр. в отриц. ф. или в отриц. выражениях)
[Андриан оҕонньор:] Оҕом оннук буолумуна, кыһаннар эрэ үөрэҕи баҕас тулутуо дуо? М. Доҕордуурап
Эдэр дьон туох да үлэтин тулуппат этилэр. И. Данилов
Икки-үс биэрэстэ сири тулутуо дуо, аҕатын суолунан олуктанан, быһыкка кэлэн, кэтиллэ түстэ. «ХС»
3. көсп. Кими эмэ ааспакка-арахпакка, киһи тулуйуо суоҕун курдук, күүскэ эрэйдээ (буолб. ф-ҕа эбэтэр мэлдьэх. этиигэ тут-лар). Нестерпимо мучить, одолевать кого-л. (употр. в отриц. ф. или в отриц. выражениях)
[Маайа:] Тойонум, хотунум аах тулутан олордоллоруттан аастылар. А. Софронов
Дьиэтигэр кэлээт Миитэрэй сытта. Хараҕын ыарыыта түүнү быһа тулуппата. Амма Аччыгыйа
Көхсүм дьарҕата тулуппата. Н. Заболоцкай
Өй мэйдээҕи тулуппат — өй мэйдээх тулуйбат диэн курдук (көр өй мэйдээх)
Сэмэнчик диэн …… ытаатар эрэ өй мэйдээҕи тулуппат омуннаах, кыра быраат баар буолбут эбит. Амма Аччыгыйа
Өкүүбүт эмиэ сарылаан, өй мэйдээҕи тулуппата. И. Федосеев
Сүрэҕэ батарбат (тулуппат) көр сүрэх I. Табык дорҕоонноох тыаһын истэн, Сүрэҕим тулуппакка, бу тиийэн кэллим. И. Гоголев
Сүрэҕэ-быара батарбат (тулуппат) көр сүрэх-быар. Кулан оҕонньор төһө да тоҥхойо кырыйдар, сүрэҕэ-быара тулуппат. И. Федосеев


Еще переводы:

сулугулдьус

сулугулдьус (Якутский → Якутский)

сулугулдьуй диэнтэн холб. туһ. Мастарыскыайга киирэн биһиги онон-манан сулугулдьустубут. Далан
Сирдэрин тулуппатылар. Хааман сулугулдьуһан чүөмпэҕэ тиийдилэр. В. Миронов

халбарыҥнас

халбарыҥнас (Якутский → Якутский)

халбарыҥнаа диэнтэн холб. туһ. Эдэрэ лөкөйү, биир сиргэ туруоран, тулутан харыһыннарбата
Аны халбарыҥнаһа сылдьан эрийсэр буоллулар. Н. Борисов

сабыр

сабыр (Якутский → Якутский)

даҕ., кэпс. Хойуу, түҥ (тыаны этэргэ). Густой, дремучий (о лесе)
Туруннахпытына олох тулутуохпут суоҕа. Оннук бөдөҥ мастаах Сабыр тыа буолбатах. Н. Босиков

сарбыдах

сарбыдах (Якутский → Якутский)

сарбыдаһын диэн курдук
Хаары тулуппатылар. Күрдьэн бүтэрэн баран, бары мас сыыһа итигэстээн, сарбыдаҕы мунньан бардылар. А. Сыромятникова
Уһаат маһын сарбыдаҕынан Улахан дьиэни тутарым. Баал Хабырыыс

суксурҕалаа

суксурҕалаа (Якутский → Якутский)

туохт. Хас да көлөнү субуһуннары көлүй. Запрягать цугом (лошадей, быков)
Эн соноҕоһуҥ ону [таһаҕаһы] тулуппат сылгы. Мин билэбин. Хайа уонна бэйэм аппын суксурҕалыам. «ХС»

сырыһыннар

сырыһыннар (Якутский → Якутский)

сырыс диэнтэн дьаһ
туһ. Сырсыыктары булан Сырыһыннаран көрүөхпүт. П. Ойуунускай
Талбалар Хоччорхой соноҕоһугар биир аты киллэрэн сырыһыннаран көрбүттэрэ да, соноҕос тулуппатаҕа. И. Федосеев

туоххаһыйыы

туоххаһыйыы (Якутский → Якутский)

көр туорхаһый I
Кэлин кэмҥэ иччитэхсийбит дууһаҕа туоххаһыйыы баар. Н. Лугинов
Төрөөбүт дойдуттан өр тэлэһийэн сылдьыы сүрэх-быар тулуппат-тэһиппэт туоххаһыйыытын үөскэтэр. «Чолбон»

үргэт

үргэт (Якутский → Якутский)

үргээ диэнтэн дьаһ
туһ. Хараҕым одурууна дэлби үүнэн, тулуппатаҕын Алааппыйа кыыска үргэтээри гыммыппын ситэ үргэппэккэ ити уол тахсан киллэрдэ. Амма Аччыгыйа

ыксалдьыт

ыксалдьыт (Якутский → Якутский)

туохт. Кими эмэ аймаа, уйгуурт, тулутума, тиэтэт. Беспокоить, тревожить. Ойоҕуттан арахсаары ыалбыт киһи араастаан киирэртахсар, ыксалдьытар
Ардах түһээри ыксалдьытан эрэр. А. Бэрияк

дьиибэр

дьиибэр (Якутский → Якутский)

көр дьээбэр
«Маннык күрүлүүр күн ортото хантан кыһыллар кэлэллэр ол? Ити киһи дьиибэрэн сымыйалаатаҕын аайы...» - хаартылаһа олорор дьонун уоскута сатыыр. Н. Якутскай
Бу сундуук иһигэр сыппыт киһи араас сэкириэти истиэх эбит... Үөнүм эмиэ тулуппата, хайаан да дьиибэрдэхпинэ сатаныыһы. И. Гоголев