туһахтыы баай — туһах курдук бобо тардыллар гына баай (хол., быаны). ☉ Связать с затягивающейся петлёй (напр., верёвку). Мастарын сааһылаан баран, туһахтыы баайан тартардылар
□ Хатыс быаны, туһахтыы баайаат, моонньугар кэтэртилэр уонна биир сиэр ат кутуругар холбоотулар. И. Гоголев
Быатын туһахтыы баайан баран, ампаар кэннин диэки барар. Суорун Омоллоон
Якутский → Якутский
туһахтыы
туулаа-туһахтаа
туохт. Бултаа-алтаа. ☉ Промышлять, охотиться, добывать (рыбу, дичь)
Хамначчыт буолартан уурайан, туулаан-туһахтаан да иитиллэр баҕалааҕа. А. Сыромятникова
туһахтаа
туохт. Туһахта иит, туһаҕынан бултаа. ☉ Ловить животных и птиц силками. Куобахха туһахтаа
□ Дьадаҥылар төгүрүк сылы быһа бултууллар: туулууллар, туһахтыыллар, айалыыллар. Амма Аччыгыйа
Оҕонньор, биэнсийэлээх киһи быһыытынан, талбытынан сылдьар: күһүн, саас балыктыыр, кыһын хабдьыга туһахтыыр. И. Федосеев
Кыыл табаны буоллаҕына дьахталлар мас сүгэр быаларынан туһахтаан өлөртүүллэрэ дииллэр. Далан
Якутский → Русский
туһахтаа=
ловить петлями, силками кого-л., ставить петли, силки на кого-л.; куобахха туһахтаа = ставить петли на зайцев; куска туһахтаа = ловить уток силками.
Еще переводы: