даҕ. Кыайан улааппатах, үөлэнэ, үөскүлэҥэ суох, кыра, дьүдьэх, ситэ сайдыбатах. ☉ Отстающий в росте, тщедушный, хилый (о человеке, скотине)
Отох киһи отутугар диэри улаатар (өс хоһ.). Огдолуйбут олохтоох Оччугуй норуот эрэйдээх Оккураҥ торбостонон Отох дьүдьэх оҕолонон Олорбуттара этэ. Нор. ырыаһ. Күтүр дьылы туораан Күөх окко үктэммит Отох сүөһү тупсуоҕа, Чурус куҥнаах улаатыа, Буомту уҥуохтаах муҥутуо. Саха нар. ыр. III
ср. др.-тюрк., тюрк. ушах ‘мелкий, маленький’, монг. одой ‘малорослый, малый’, адаҕ ‘последний’