- тэп I диэнтэн атын. туһ. Уол бу араллааҥҥа сүрдээх күүскэ искэ тэбилиннэ
□ Тэбиллибит киһи тиэрэ барар. Т. Сметанин - көсп. Туохтан эмэ (хол., үлэттэн) ууратылын; үүрүлүн. ☉ Быть отстранённым от чего-л.; уволенным откуда-л. (напр., с работы)
Урукку кэмҥэ ити да иһин үлэтээҕэр буолуохтан тэбиллиэххэ сөп буолара. Н. Лугинов
Онон Контоев биир эрэ хотторуулаах [күрэхтэһииттэн] тэбиллэн хаалла. «Сахаада» - көсп. Ханна эмэ үүрүлүн, үтүрүйүлүн (хол., кытыы сиргэ). ☉ Быть загнанным, отброшенным куда-л. кем-л. (напр., на край земли)
«Быйыл эмиэ хайа үрэх баһыгар тэбиллэбит», — дии-дии, эһээ Егор кумаар сиириттэн сирэйин мырдыҥнатта. М. Доҕордуурап
Олох будулҕаныгар түбэһэн сир кыраай уһугар тэбиллибит кырдьаҕас саха эрэйдээх мырчыстаҕас сирэйинэн кэмчи таммахтар субуруспуттар. «Чолбон»
♦ Очурга оҕустарымаҥ, <тэхтиргэ тэптэримэҥ> көр оҕустар. [Манчаары:] Очурга оҕустаран Огдолуйар күммэр, Тэхтиртэн тэбиллэн Тэгэлийэр кэммэр Көмүллүбүт тумулгар Күрээн кэлэ туруом. И. Гоголев
Очурга охсуллан, тэхтиргэ тэбиллэн, Эрэйгэ-буруйга аргыстыы айааран, Эбэтэр астаах да остуолга тиксиһэн, Атастыы буолбуттар диэн алҕас санаамаҥ. М. Карим (тылб.)
◊ Иэскэ тэбилин — иэскэ киир (бар) диэн курдук (көр иэс)
[Сүтүктээхтэр] иэс-күүс бөҕөҕө тэбиллээхтииллэр. Р. Кулаковскай
Түмүгэр мин дьонум, үлэлиир тээбирин булуммут уонна аһаабыт ороскуоттарын кыайан толуйбакка, улахан иэскэ тэбиллибиттэрэ. КА СДьДь
Якутский → Якутский
тэбилин
Якутский → Русский
тэбилин=
страд. от тэп =; эрэйгэ тэбилин= мучиться, страдать из-за кого-чего-л.; үлэтиттэн тэбиллибит разг. его турнули с работы.
Еще переводы: