Якутские буквы:

Якутский → Русский

тэлэй=

широко раскрывать, распахивать что-л.; ааны тэлэй= раскрыть настежь двери.

Якутский → Английский

тэлэй=

v. to reveal, disclose

Якутский → Якутский

тэлэй

туохт.
1. Туох эмэ аанын киэҥник ас, арый. ☉ Широко раскрыть, распахнуть двери или окна
Сыллай хатамматах халҕаны тэлэйэ тэбэн «дир» гыннарда. Амма Аччыгыйа
Оҕонньор тура охсон, тирии бүрүөһүннээх аанын тэлэйэ баттаата. Л. Попов
[Александр] турда, олордо уонна, «Маша ханна буолла?» — дии санаат, ааны тэлэйэн эмиэ тахсан барда. М. Доҕордуурап
2. көсп. Туох эмэ саҥаны кыайыылаахтык саҕалаа, суолла ас. ☉ Открыть что-л. новое, проложить путь для чего-л.
Атомы араарыҥ, космоһы тэлэйиҥ. Эллэй
Икки атах сайдыытыгар, Иннин диэки хардыытыгар Саҥа суолу тэлэйдибит. Күннүк Уурастыырап


Еще переводы:

тэлэт=

тэлэт= (Якутский → Русский)

см. тэлэй=.

растворить

растворить (Русский → Якутский)

I сов. что ас, тэлэй; растворить двери ааннары тэлэй.

тэлэйии

тэлэйии (Якутский → Якутский)

тэлэй диэнтэн хай
аата. Эмиэ чупчурҕан ох тэлэйиитэ Хааннаах хойгуо эркээриитэ буолла. Саха фольк. Доҕордуу буолуу диэн — Бары омукка Кэрэ олох Киэҥ аанын тэлэйии! ААС

тэлэлин=

тэлэлин= (Якутский → Русский)

страд. от тэлэй = быть раскрытым, распахнутым настежь; олбуор аана тэлэллибит ворота распахнуты настежь.

тэлэйтэлээ

тэлэйтэлээ (Якутский → Якутский)

тэлэй диэнтэн төхт
көрүҥ. [Микиитэ] иччитэх кылаастар ааннарын тэлэйтэлээн, өҥөйөн көрүтэлээтэ. Амма Аччыгыйа

распахнул

распахнул (Русский → Якутский)

гл,сов
тэлэйэ баттаата

распахнуть

распахнуть (Русский → Якутский)

сов. что 1. тэлэччи ас, тэлэй; распахнуть окно түннүгү тэлэччи ас; 2. нэлэркэйдээ; распахнуть пальто соҥҥун нэлэркэйдээ.

сиэллэн

сиэллэн (Якутский → Якутский)

сиэллээ диэнтэн бэй
туһ. Уран тыл маастара Уурастыырап убайым, Сэттэ уоҥҥун туолаҥҥын Силлиэ тыалы сиэллэнэн Сиэлэр-хаамар айаннаах Тэргэн айан аартыгын Тэлэйэн аһаҕын. «ХС»

тиҥкинэс

тиҥкинэс (Якутский → Якутский)

даҕ. Ньиргийэн иһиллэр (тыас). ☉ Звонкий (звук)
[Саллаат] Буурҕалаах суолга туруммута, Боруоҥҥа барбыта… Тиҥкинэс тыастанан Тибиилээх суолу тэлэйбитэ, Тэргэн үҥкүүлүүр Тэлгэһэтигэр тиийбитэ. Саха нар. ыр. III

тэлэйин

тэлэйин (Якутский → Якутский)

тэлэй диэнтэн бэй
туһ. Хаппахтаммыт күн тэлэйиннэ, Сарсыарда сандаара сырдыыр буолла. С. Зверев
[Суол] Икки өттүн тэлэйинэр, Иннин диэки түһэн иһэр. Күннүк Уурастыырап