Якутские буквы:

Якутский → Русский

тэтиҥ

осина || осиновый; тэтиҥ сэбирдэҕэ осиновый лист.

Якутский → Якутский

тэтиҥ

аат. Сырдык бороҥ субалаах, хатыҥҥа маарынныыр сэбирдэхтээх мас. Осина
Баараҕай тиит таһыгар кырдалга тэтиҥ илибирии турарын көрдө. А. Софронов
Сэлибирии мөхсөр сэбирдэхтээх тэтиҥ мастар халыҥ балаһаларын уҥуордаата. Амма Аччыгыйа
Тэтиҥнэр сэбирдэхтэрин сиккиэрэ Кыһыллаайы сабыта охсор, аһаҕас уолугун сөрүүнүнэн даҕайар. Л. Попов
Тэтиҥ тэллэйэ кэпс. — тэтиҥнээх сиргэ үүнэр араҕас эбэтэр кыһыл дьүһүннээх сиэнэр тэллэй. Подосиновик. Тэтиҥ тэллэйэ бөҕө үүммүт
Хатыҥ тэллэйин кэнниттэн арыылаах тэллэйдэр, тэтиҥ тэллэйдэрэ, сиик тэллэйдэрэ үүнэллэр. КВА Б

тэти

аат., түөлбэ. Оһуордаах таба саҕынньах. Оленья доха с орнаментом
Дьэрэкээннээн, чуорааннаан Ньэлэкэни тигэллэр, Дьарҕааламмыт таһаалаан Тэтилэрин симииллэр. С. Данилов
Ол хаар устун устан ааһар Өрүү күндү тэтилээх Ол уол ахтар, таптыыр кыыһа, Ол уол дьоллоох эрэлэ. «ХС»
Илумуттан килэрийбит түү тэтилэрин бүрүммүтүнэн Гиголаах Юко сырсан таҕыстылар. А. Кривошапкин (тылб.)


Еще переводы:

осина

осина (Русский → Якутский)

сущ
тэтиҥ

осина

осина (Русский → Якутский)

ж. тэтиҥ.

осиновый

осиновый (Русский → Якутский)

прил. тэтиҥ; осиновый лист тэтиҥ сэбирдэҕэ.

осинник

осинник (Русский → Якутский)

м. тэтиҥ ойуур.

осиновик

осиновик (Русский → Якутский)

м. (гриб) тэтиҥ тэллэйэ.

тэтиҥчээн

тэтиҥчээн (Якутский → Якутский)

тэтиҥ диэнтэн атаах. Титириктэр, тэтиҥчээннэр Суугунууллар, куустуһаллар. И. Гоголев

кубачыын

кубачыын (Якутский → Якутский)

аат. Төгүрүччү бүүрүктээх, кытархай сэлээппэлээх, киһи сиир тэллэйэ. Рыжик (гриб)
Үрүҥ тэллэйдэр хатыҥнар, харыйалар, дууптар тастарыгар, кубачыыннар бэс уонна харыйа ойуурдарга, тэтиҥ тэллэйэ тэтиҥнэр чугастарыгар үүнэллэр. КВА Б
От ыйыттан — хатыҥ, тэтиҥ тэллэйдэрин, кубачыыны хомуйуохха сөп. УГС ССКОТ

ибигир гын

ибигир гын (Якутский → Якутский)

туохт. Эмискэ чэпчэкитик хамсаан ыл (хол., сэбирдэх). Слегка вздрогнуть, шевельнуться, встрепенуться, зашелестеть (о листьях). Тэтиҥ сэбирдэхтэрэ ибигир гынан ылаллар

быыраайылаах

быыраайылаах (Якутский → Якутский)

даҕ., түөлбэ. Быыстаах, былааһыктаах, булкаастаах (хол., ойууру этэргэ). Смешанный, с небольшой примесью других пород (о лесе)
Эмпэрэ өттүгэр — тиит, тэтиҥ, быыраайылаах бэс чагда. П. Степанов

саһылчай

саһылчай (Якутский → Якутский)

саһыл тэллэйэ диэн курдук (көр саһыл)
Маринуйдааһыҥҥа үүнэн ситэ илик, кытаанах эттээх үрүҥ тэллэй, хатыҥ, тэтиҥ, бэс тэллэйдэрэ, чөҥөчөк тэллэйэ, саһылчай бараллар. УГС ССКОТ