Якутские буквы:

Якутский → Якутский

түллэҥнээ

туохт.
1. Күүрэн өрө-таҥнары түллүтэлээ (хол., уу); өрүтэ үллэҥнээ (хол., сир). Сильно волноваться (напр., о воде); вздыматься (напр., о земле)
Энэлийэр, ытыыр киэҥ Днепр, Күүстээх силлиэ-тыал сирилиир, Сиргэ тиийэ талах иэҕэҥниир, Баһархай долгун түллэҥниир. И. Чаҕылҕан
Онтон арыы кутуругун эргийэн, өрүтэ түллэҥнии сытар үөскэ киирэн кэллилэр. Эрилик Эристиин
Тохтуохча гына-гына сир иччилээхтик түллэҥниирэ. И. Федосеев
Күүрэн хамсаа, үллэҥнээ (хол., сирэй быччыҥын этэргэ). Сокращаться, сжиматься и расслабляться (о мышцах — напр., лица)
Оҕонньор мүчүҥнүүр, омурда күөртүү түллэҥниир. С. Васильев
Аһылык маассата буһан истэҕин аайы куртах эркинэ түллэҥнээн кумуллуутугар куртахтан тахсан синньигэс оһоҕоско киирэн иһэр. СИиТ
2. Өҕүллэҥнээ, өҕүллэҥнии хамсаа. Гнуться, изгибаться, пружинить
Аал Луук Мас Төрүттүүн түллэҥнээтэ, Төбөлүүн түөрэҥнээтэ, Лаабычаан көмүс сэбирдэхтэрэ Иирэ-илибирии түстүлэр. П. Ойуунускай
Хотууру тумсунан маска тирээн баттыалаан көрүллэр, онуоха үчүгэй тимирдээх сытыы хотуур түллэҥнээччитэ суох. СБХА
Өрөтаҥнары бүгүллэҥнээн сыҕарый, бүгүллэҥнээн мөҕүс (хол., сыылааччылары этэргэ). Ползать, передвигаться, извиваясь всем телом, извиваться (напр., о пресмыкающихся)
Моҕой кыылым мохсоҕолтон куттанан мөлбөрүс гынан түллэҥнии түстэ. П. Ойуунускай
Өлөртөн куотаары түллэҥнээн, Уол сордоох сир диэки мөҕүстэ. Эрилик Эристиин
Ардах чиэрбэтэ [иннэнэн таарыйдахха] араастаан түллэҥниэн, этин илин эрэ эбэтэр кэлин эрэ өттүн мунньары тардыан сөп. ББЕ З
3. Өрүтэ уһуур (хол., уоту, буруону этэргэ). Стремительно подниматься, взмывать вверх (напр., о пламени, дыме)
Икки өттүлэриттэн буруо түллэҥниир, наһаа элбэх ыҥырыа көппүтүн курдук буулдьа тыаһа дыыгыныыр. Амма Аччыгыйа
Сүүнэ улахан уоттар өрүтэ түллэҥнээн эрэллэрэ баара да, ханна да барбыппын өйдөөмүнэ хаалбытым. П. Чуукаар
Сыл сыыллар аҥаара Сырдаабат халлааннаах, Түллэҥнии оргуйбут Түптэлэс тымныылаах. И. Чаҕылҕан
4. кэпс. Улахан хамсааһыннаах, сүгүлээннээх буол (хол., дьон халҕаһатын этэргэ). Приходить в движение, колыхаться (напр., о многолюдной толпе)
Борохуолка эбэ бүгүн эмиэ үллэҥнээбит, Болуоссат саҥа киэҥ таһаата түллэҥнээбит. С. Тарасов
Эмискэ саалаҕа ытыс тыаһа ньиргийэр, саала хамсыыр, өрүтэ түллэҥниир. И. Бочкарёв
Күрэх төлөн үлэнэн Күүрэ буолак оргуйда, Көлө өрө түллэҥнээн Хотоҕостуу субуйда. Күн Дьирибинэ
5. көсп. Күүр, оргуй (хол., олох, санаа туһунан). Кипеть, бурлить (напр., о жизни, чувствах)
Кини түөһүн иһигэр Түллэҥниир киҥэ-наара, Түмүллэллэр ыар санаалара. М. Ефимов
Өлүөнэ икки өттө дьолу-соргуну уһанар олоҕунан түллэҥниир. П. Аввакумов

Якутский → Русский

түллэҥнээ=

равн.-кратн. от түлүн = 1) вздыматься (о волнах); 2) извиваться (о змее).


Еще переводы:

түллэҥнэт=

түллэҥнэт= (Якутский → Русский)

побуд. от түллэҥнээ =.

түллэҥнээһин

түллэҥнээһин (Якутский → Якутский)

түллэҥнээ диэнтэн хай
аата. Сир аннынааҕы сөҕүмэр күүстээх түллэҥнээһин дойду соҕуруу өттүн дьигиһиппитэ. МНА ФГ

түллэҥнэс

түллэҥнэс (Якутский → Якутский)

I
түллэҥнээ диэнтэн холб. туһ. Долгуннар өрүтэ түллэҥнэһэллэр. П. Аввакумов
II
даҕ. Түллэҥнээн хамсыыр, тохтоло суох түллэҥниир (хол., долгун). Пребывающий в сильном волнении, вздувающийся (напр., о волнах)
Муораҕа күүлэйдиир түллэҥнэс долгуннар Туруору биэрэккэ ыһылла сааллаллар. Чэчир-76

күөртүү

күөртүү (Якутский → Якутский)

сыһ. Уус күөрдүн курдук. Как кузнечный мех
Оҕонньор мүчүҥнүүр. Омурда күөртүү түллэҥниир. С. Васильев

сатара

сатара (Якутский → Якутский)

көр садаҕа II
[Манчаары] Адаҕа тимиртэн, Сатара кымньыыттан Таҥнары көрбөтөх, Кылырдыыр чыыннардаах Кырыктаах тойонтон Толлору билбэтэх Уот чолбон даҕаны Харахтаах дэһэллэр. Амма Аччыгыйа
[Аал Луук Мас:] Сарадах чаҕылҕаннар Сатара моҕой буолан Түллэҥнии-түллэҥнии Төрөл салаабар эриллэллэрэ. И. Гоголев

түллэҥнэтэлээ

түллэҥнэтэлээ (Якутский → Якутский)

түллэҥнээ диэнтэн төхт
көрүҥ. Волга күүскэ түллэҥнэтэлээн ылбыта, халҕаһа долгуннар кытыл диэки сырсан бара турбуттара. М. Прилежаева (тылб.)

лаһыар

лаһыар (Якутский → Якутский)

көр лоһуор
Аал Луук Мас Төрүттүүн түллэҥнээтэ, Т ө б ө л ү ү н түөрэҥнээтэ, Лаһыар көмүс лабыччалара, Лаабычаан көмүс сэбирдэхтэрэ Иирэ-илибирии түстүлэр. П. Ойуунускай

үллэҥнэччи

үллэҥнэччи (Якутский → Якутский)

сыһ. Түллэҥнээн, үллэҥнээн көстөр курдук. Вздымаясь (о волнах)
Үс үөстээх, үллэр дэбилгэн уулаах Өлүөнэ өрүс уҥуоргута биллибэт кэтит киэбэ-киэлитэ үллэҥнэччи бысхалдьыйбыт, дэбилийэ эҥсиллибит. П. Ойуунускай

үллэҥнээ

үллэҥнээ (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт.
1. Күүскэ долгуйан, түллэҥнээн хамсаа (хол., долгун). Сильно волноваться, вздыматься (напр., о волне)
Муҥурун булларбат муус муора үллэҥниир, Мууһунан көбүөхтээн, лиҥкинии түллэҥниир. П. Ойуунускай. Ыраах сыһыы иһигэр күөх туман үллэҥнии устар. Л. Попов
Хойуу оттоох киэҥ ходуһа эмискэ үллэҥнииргэ дылы буолла. А. Сыромятникова
2. Өрө көппөҥнөөн, түллэҥнээн хамсаа. Задвигаться, зашевелиться; раздуваться (напр., о ноздрях), сотрясаться (от плача)
Ол ороҥҥо туох эрэ үллэҥнээтэ. Суорун Омоллоон
[Кыыс] уордайбытын омунугар таныылара үллэҥнээтилэр. Софр. Данилов
Эһэ, бөрө уйата буолбут, үөнэ-көйүүрэ үллэҥнээбит халыҥ ойуур баара. Т. Сметанин
Үрэх уҥуоргу тумулун сэндэ мастаах халдьаайытыгар күтүр улахан эһэ тугу эрэ гынан үллэҥниирэ. Н. Апросимов
Дьахтар ытыһынан сирэйин саба туттан, көхсө үллэҥнии олордо. М. Попов

мөлбөрүс гын

мөлбөрүс гын (Якутский → Якутский)

мөлбөрүй 2 диэн тэн көстө түһүү. Моҕой кыылым мохсоҕолтон куттанан мөлбөрүс гынан түллэҥнии түстэ. П. Ойуунускай
Тыа саҕатыттан муус маҥан куобах мөлбөрүс гына ойон туран, аҕыйахтык ойоот, сүрэҕэлдьээбиттии олоро түспүтэ. Далан