Якутские буквы:

Якутский → Якутский

үллэҥнээ

дьүһ. туохт.
1. Күүскэ долгуйан, түллэҥнээн хамсаа (хол., долгун). Сильно волноваться, вздыматься (напр., о волне)
Муҥурун булларбат муус муора үллэҥниир, Мууһунан көбүөхтээн, лиҥкинии түллэҥниир. П. Ойуунускай. Ыраах сыһыы иһигэр күөх туман үллэҥнии устар. Л. Попов
Хойуу оттоох киэҥ ходуһа эмискэ үллэҥнииргэ дылы буолла. А. Сыромятникова
2. Өрө көппөҥнөөн, түллэҥнээн хамсаа. Задвигаться, зашевелиться; раздуваться (напр., о ноздрях), сотрясаться (от плача)
Ол ороҥҥо туох эрэ үллэҥнээтэ. Суорун Омоллоон
[Кыыс] уордайбытын омунугар таныылара үллэҥнээтилэр. Софр. Данилов
Эһэ, бөрө уйата буолбут, үөнэ-көйүүрэ үллэҥнээбит халыҥ ойуур баара. Т. Сметанин
Үрэх уҥуоргу тумулун сэндэ мастаах халдьаайытыгар күтүр улахан эһэ тугу эрэ гынан үллэҥниирэ. Н. Апросимов
Дьахтар ытыһынан сирэйин саба туттан, көхсө үллэҥнии олордо. М. Попов

Якутский → Русский

үллэҥнээ=

1) равн.-кратн. от үлүн=; муора долгуна үллэҥниир вздымаются морские волны; 2) перен. надуваться, пыхтеть (от злости).


Еще переводы:

көбөх гын

көбөх гын (Якутский → Якутский)

туохт. Үллэн ыл, көбүөхтээ, үллэҥнээ. Вздуваться; шевелиться
Күөмэйдэрэ көбөх гыннаҕына — күн үүннэҕэ дииллэрэ. ПЭК СЯЯ

морбойоохтоо

морбойоохтоо (Якутский → Якутский)

морбой диэнтэн атаах. Хаарга өлөн сытар киһиэхэ тиийдэ
— Оо, морбойоохтообут. Ол иһин, ытарбын кытта өрө үллэҥнии түспүтэ. «ХС»

көкөчө

көкөчө (Якутский → Якутский)

аат., эргэр. Курунньук, оһох тордоҕо. Печная сажа
Айаҕыттан Үс хаардаах бугул саҕа Көйүүр үөн былаастаах Көкөчө хара күүгэннэр, Туой күөс оргуйарын курдук, Өрө үллэҥнээтилэр. Д. Говоров

үллэҥнэччи

үллэҥнэччи (Якутский → Якутский)

сыһ. Түллэҥнээн, үллэҥнээн көстөр курдук. Вздымаясь (о волнах)
Үс үөстээх, үллэр дэбилгэн уулаах Өлүөнэ өрүс уҥуоргута биллибэт кэтит киэбэ-киэлитэ үллэҥнэччи бысхалдьыйбыт, дэбилийэ эҥсиллибит. П. Ойуунускай

аҕымар

аҕымар (Якутский → Якутский)

даҕ. Элбэхтик ыаммыт, сааһыра барбыт (ынах сүөһү туһунан). Молочная, дойная (много лет подряд — о крупном рогатом скоте)
Ийэ биэ кистиитэ, Атыыр оҕус айманыыта, Аҕымар ынах маҥырыыта, Үөн-көйүүр үллэҥниирин саҕана [саха киһитэ кэлбитэ]. Саха нар. ыр. II

богдьолун

богдьолун (Якутский → Якутский)

богдьой диэнтэн бэй. туһ. Биир киһи көхсүнэн богдьоллон олороро
Сэксэгэр Сэҥийэ [киһи аата] эргэ тэлэгириэйкэтин көхсө богдьоллон иһэрэ. В. Яковлев
Көхсө килбэҥнээн, богдьоллубут үрдүк арҕаһа үллэҥнээн, Сомоҕоллой Бүөтүр сир солоон сиҥнэҥнии сылдьар. Болот Боотур

борохуолка

борохуолка (Якутский → Якутский)

аат., кэпс. Куораттарга ол-бу эргэ малы-салы атыылыыр баһаар. Барахолка
Буорунан, күдэнинэн оргуйбут, Буолуо суохтан буоссалаахха диэри тоҕуорбут Борохуолка эбэ бүгүн эмиэ үллэҥнээбит. С. Тарасов
Борохуолка муор-туор эргиэнигэр холоотоххо, барыһа баһаамын, үбэ өлгөмүн. М. Ефимов

дьалкыҥнаа

дьалкыҥнаа (Якутский → Якутский)

дьалкый диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Муора үллэҥниир, мөхсөр, Мэгилдьийэ дьалкыҥныыр. И. Эртюков
Кини дьалкыҥныы иһэр хааһылаах миискэни сэрэнэн-сэрэнэн тутара. В. Гаврильева
[Маша] төбөтүгэр ыаҕастаах уу дьалкыҥныырга дылы. Сүрэҕэ өлөхсүйэн, хотуолаары муҥнанар. М. Доҕордуурап

огдоҥноо-догдоҥноо

огдоҥноо-догдоҥноо (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Таҥаһыҥ биир кэм өрүтэ үллэҥнээн, кылгаан көһүн; оннук таҥастаах хамсан. Двигаться, выделяясь своей кургузой, короткой верхней одеждой. Огдоҥноон-догдоҥноон куһаҕан да буоллар Туораах [кутуйах аата] үөрбүт курдук, ырбаахытын доҕотторугар көрдөрөөрү тиэтэйбиттии, мэлис гынан хаалла. Т. Сметанин

сэндэ

сэндэ (Якутский → Якутский)

көр сэндэҥэ
Үрэх уҥуоргу тумулун сэндэ мастаах халдьаайытыгар күтүр улахан эһэ тугу эрэ гынан үллэҥниирэ. Н. Апросимов
Уу кытыытыгар сэндэ хомустаах сыгынньах, чарпа таастаах өрүс кытыытыгар умса түһэн сыттыбыт. «ХС»
Халлаан лаппа сырдыыта сэндэ бэс чагдаҕа тиийдибит. «ХС»