Якутские буквы:

Якутский → Якутский

түҥнэстигэс

даҕ.
1. кэпс. Сабыччы түспүт (хол., хаас, сүүс); сүүһүн аннынан өһөччү көрбүт (хараҕы этэргэ). Насупленный; смотрящий исподлобья
Түҥнэстигэс сүүстээх, таҥнастыгас чабырҕайдаах …… киһи өттүк баттаммыт. ПЭК ОНЛЯ I
Егор Михайлович үрдүк уҥуохтаах, өһөччү соҕус көрбүт түҥнэстигэс харахтаах, быһымах киһи. Н. Босиков
2. көсп., фольк. Толоос, табыгаһа суох. Непристойный, неуместный
Түҥнэстигэс дьүүллээх Түҥкэтэх өлүү дойдутуттан Төлө мөҥөн тахсаммыт, Саҥа сайдыылаах аартыкка Дабайан тахсыбыппыт. Саха нар. ыр. III
[Аллараа дойду] Күнүһэ суох Түүнүнэн түбүлээбит, Сайына суох Кыһынынан кыскыйбыт, Түҥнэри эргиирдээх Түҥнэстигэс түҥ хара күннээх, Кэрис бараан ыйдаах. Суорун Омоллоон


Еще переводы:

өһөччү

өһөччү (Якутский → Якутский)

өһөччү көр — өһөстүк, өһүөннээхтик, дьэбидиччи көр. Смотреть упрямо, мрачно, злобно
Егор Михайлович үрдүк уҥуохтаах, өһөччү соҕус көрбүт түҥнэстигэс харахтаах, кыраттан даҕаны салыбырыар диэри кыыһырар, быһымах киһи. Н. Босиков
Дьэгин халчаҕай сүүһүн ытыһын тилэҕинэн өрө имэриммэхтээтэ, кэргэнин диэки өһөччү көрөн олордо. И. Никифоров
Далбыыйап сөбүлээбэккэ иэдэс биэртэлээтэ, дьэбиннээҕинэн өһөччү көрдө. В. Титов

түмэн

түмэн (Якутский → Якутский)

  1. аат. Элбэх киһи биир сиргэ түмсүүтэ; дьон сомоҕолоһуута. Скопление, стечение большого числа людей где-л.; единение народа
    Бардым өлүүлээх түмэҥҥэ Өлбөт иһин! Таллан Бүрэ
    Түмэн диэн былыр «гвардия» диэҥҥэ маарынныыр суолталааҕа. «Сахаада»
  2. даҕ. суолт.
  3. Биир сомоҕо, түмсүүлээх. Сплочённый, хорошо организованный
    Сүүс киһи түмүллэр Түмэн сүбэҕитинэн сүбэлээҥ. Д. Говоров
    [Бухатыырдар:] Сиик курдук Сиэлэн эрэллэр, Хаар курдук Хааман эрэллэр, Сүүс киһи түмэн Сүбэтин сүбэлээ. ТТИГ КХКК
    Улуу тойон эһэм, төлөрүйбэт Түмэн дьүүлгүн таһаара оҕус! И. Гоголев
  4. Хараҥа, дьулаан. Тёмный, страшный
    Түмэн бараан Түүн ийэлэрэ Хараҥанан хаайан, Сытарынан кыһарыйан Тиийэн кэлбит. Өксөкүлээх Өлөксөй
    Түмэн хара былыттара, Түрбэлээх туос курдук Үҥкүрүйэн түһэн иһэр эбиттэр. Д. Говоров
    Түмэн сир түһүлгэтиттэн Төннөн тиийэр буоллахпытына, Ахтыбыппыт бэрдиттэн Араҕас ньээкэ буордаргыттан …… Сыллыа-ууруо этибит. И. Эртюков
    Түмэн дойду фольк. — улаҕата биллибэт улахан, киэҥ дойду. Необъятно широкая, громадная страна, мир
    Түмэн дойду Түннүгэ буолбут, Биэс улуус Билгэһитэ буолбут, Сэттэ улуус Сээркээн сэһэнэ буолбут [кырдьаҕас]. Өксөкүлээх Өлөксөй
    Бу хайа түмэн дойду Түллэр төбөтүттэн Сүһүөҕэ биллибэт Сүргүөһүнэ эбитэй диэн Толкуй бөҕө буолла. Д. Говоров
    [Манчаары Баһылай] Түмэн дойду түҥнэстигэс дьүүлүгэр түбэһэн, түүнүктээх түрмэҕэ төлкөлөммүт. В. Протодьяконов
    Ил түмэн — Саха Өрөспүүбүлүкэтин государственнай мунньаҕа, парламена. Государственное собрание, парламент Республики Саха (Якутия). Ил түмэн мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ
    др.-тюрк., тюрк. түмэн
бараан

бараан (Якутский → Якутский)

I
аат. Дьиэ-уот ис көстүүтэ, тэрилэ. Общий внутренний вид жилища, его убранство
Дьиэлэр хоруобуйалара ситэн, ис барааннара оҥоһулларын кытта Иван уус, Лука бэйэлэрин дьиэлэригэр көһөн киирдилэр. М. Доҕордуурап
Дьиэ ис бараана үчүгэй тээбириннээх. И. Бочкарев. Музей салалтата бу дьиэни «Олоҥхо балаҕана» диэн ааттаабыт. Билигин дьиэ ис бараанын оҥороору бэлэмнэнэ сылдьаллар. «ХС»
Дыбарыас ис бараана эмиэ ымпыгар-чымпыгар тиийэ толкуйданан таҥыллыбыт. «Кыым»
Алаһа бараан дьиэ көр дьиэ
Айыллан үөскээбит Аан ийэ дайдым, Аламай маҥан күнүм, Алаһа бараан дьиэм Быдан дьылларга Быралыйа бырастыыларыҥ! П. Ойуунускай
Кинилэргэ [уоллаах кыыска] соргуну баҕаран, Алаһа бараан дьиэлэригэр, бу, Сүүс киһи сүбэлиир алгыһынан Сүрэхтэригэр уоту отуннубут. Р. Баҕатаайыскай
Ийэ бараан дойду көр дойду. Эдэр ыччаттарым, Эрэллээх дьоннорум Ийэ бараан дойдуларыгар Эргийээхтээн кэлбиттэрин Эҕэрдэлээх тылбынан Эрчийдэҕим буоллун! Саха нар. ыр. III. Көй бараан уйа фольк. – көрүлээннарылаан, көччүйэн улааппыт дьиэ-уот, сир-дойду. Родимый дом, родимое гнездо, где прошли детство и юность
[Үрүҥ Уолан:] Сирим симэҕэ Сириэдийэн тахсыбыт. Көрдөөх-нардаах Көй бараан уйабытын Үөһээ дойдуттан Үргүөр үргүйбэтин, Аллараа дойдуттан Аргыар аргыйбатын. П. Ойуунускай. Байдам тутуу, Барылы кэскил, Баай Барыылаах, тойон эһэм! Көй бараан уйабытын Көрөн таҕыс, Аал уоппутун, Алаһа дьиэбитин анааран аас. Саха фольк. Кэрис бараан дьүһүннээх, кэлтэгэй ыйдаах фольк. – олоҥхоҕо Аллараа дойдуну хоһуйар уустук кубулуйбат эпиитэт. Постоянный эпитет, который используют при описании Нижнего мира в олонхо
Кэлэҕэй киһи кэлэҕэйдээн Кэлтэрэҥнии турарын курдук, Кэлтэгэй кэрис бараан ыйдаах [Аллараа дойду]. П. Ойуунускай
Кэрис бараан дьүһүннээх Кэлтэгэй ыйдара-күннэрэ Түҥнэри эргийэннэр, Түүннэри-күннэри Ытыс таһыйар Ыас хараҥа буолла. Ньургун Боотур. Ньүдьү бараан дьүһүн фольк. – кытаанах, суостаах, кырыктаах көрүҥ (олоҥхо бухатыырын туһунан). Жесткий, суровый, внушительный вид (о богатыре в олонхо)
[Ньургун Боотур] Найҕа былыт курдук Наахара хааннанна, Ньүдьү бараан дьүһүннэннэ, Сирэйиттэн-хараҕыттан Сиэрэ уота Сирдьигинэччи тоҕунна. П. Ойуунускай. Ооҕуй бараан ордуу фольк. – бухатыыр олорор дьиэтин-уотун хоһуйуу. Описание жилища богатыря
[Саха Саарын Тойону] Кырымах хаар түспэтэх, Кыһын диэн кэлбэтэх, Самаан сайын саргылаабыт Сандал маҥан дойдуга Ооҕуй бараан ордуулаан Олохтообуттара эбитэ үһү. П. Ойуунускай
Орто туруу бараан дойду көр дойду. Чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр Орто туруу бараан дойдум Ураанай кус туоһахтатын курдук Туналыйа көстөн кэллэ. Саха фольк. Үктээтэр өҕүллүбэт, Баттаатар маталдьыйбат Орто туруу бараан дойду Тупсан, торолуйан үөскээбитэ эбитэ үһү. С. Васильев
Дьэ, сэгэрдээр! Орто туруу бараан дойду Дьоллоох уйгу быйаҥ олоҕуттан Туораан хаалар Хомолтото бэрт буолаарай. Өксөкүлээх Өлөксөй. Суо бараан дойду – улахан, дьоһуннаах, аатырбытсураҕырбыт дойду. Большая, знаменитая, широко известная страна
Суостаах суодаллаах Һуун омук сэриилэрэ Суо бараан дойдулары титирэтэр. С. Данилов. Суо бараан сорук – улахан суолталаах, дьоһуннаах илдьит. Важное поручение, имеющее большое значение
Кимтэн кииннээх Халлаан даллан өксөкүтэ Таҥнары сабардаатыҥ диэтэргит, Уулаах былыт уугуйдаах Уйуллаан Куо тус бэйэбинэн Суо бараан соруктанан кэллим. П. Ядрихинскай. Туруу бараан дойду фольк. – уйгулаах олохтоох Орто дойдуну ойуулааһын. Живописание богатого, изобильного Среднего мира
Тоҕус иилээх-саҕалаах Туруу бараан дойдум Долгун туонатыгар Олорсо сылдьаммын, олоҥхолоон да көрүүм. Саха нар. ыр. III
Туруу бараан дойдубун, Торҕо томороон халлааммын Тунаарар иитин одуулаан Тус илин хайыһан Туһаайа көрөн турбутум. С. Зверев
Туруу бараан дойдум Туналыйар туоһахтатыгар Бухатыыр үөскүөх, Буойун олохсуйуох Улуу толооно Олоҕурбута эбитэ үһү. С. Васильев
Кини [Чиэнэ] иннигэр киҥкиниир киэҥ халлааннаах, онон-манан уһулута ойон тахсыбыт улуу хайалардаах, көстөр-көстүбэт күөх саҕахтаах туруу бараан дойду чураадыйа луҥкуран сытта. И. Данилов. Түлэй (түлүк, түмэн) бараан түүн – дьон кытаанахтык утуйар түүн үөһүнээҕи кэми ойуулааһын. Описание глубокой ночи, когда люди спят крепким сном
Төгүрүк мөҥүөн сирбит Түлэй бараан түүнүн Төлө анньан, Чаҕыл күндээр күн Кылбайан таҕыста. Р. Баҕатаайыскай
Түмэн бараан түүҥҥэ Түҥ-таҥ түһэн, Түлэс-балас бардахпына, Түҥнэстигэс түүллэри Түһэтэлиир буоллаҕым үһү. А. Софронов
Түптэ сааллан саа тыаһа Ыраах эҥсэн түспүтэ, Түлүк бараан түүн үөһэ Кыргыс уота күлбүтэ. В. Чиряев
Хара бараан – 1) харатыҥы, харатыҥы кыыһаан (сирэй). Смуглый
Кини хара бараан буолан баран ис киирбэх сирэйигэр мэлдьи муҥура суох дьол сылаас кыыма сыдьаайара. Н. Лугинов
Ийэтэ уолчаанын хара бараан дьүһүннээҕин иһин таптаан Харачаан диэн ааттыыр. «ХС»
Хара бараан кыыс ахтар хараҕа мичилийэ, Күн-түүн ыраатар Күндү сэгэттэйин. С. Данилов; 2) көсп., поэт. улам хараҥаран иһэр; хараҥа. Описание постепенно наступающей темноты
Бэс ыйын Бэртээхэй кэмигэр Хара бараан түүнүм Халбарыйа устуута, Аан ийэ дойдум Айманан уһугунна. Нор. ырыаһ. Килбиэн көмүс күммүт Кэрии тыаҕа түстэ
Хара бараан түүммүт Хойдон ыараан истэ. М. Тимофеев
II
1. аат. Хойуу будьурхай түүлээх, токур муостаах кэбинэр кыра дьиэ сүөһүтэ. Баран
Бу киэҥ истиэп тухары Муссерен сүүһүнэн ааҕыллар барааннара үөр-үөрүнэн төттөрү-таары кырылаан көстөллөрө. Эрилик Эристиин
Бөрө барааннарга эрэ тойон ини. Амма Аччыгыйа
Дьоҥҥо тарҕатарга анаан сибиинньэ, хоруолук, бараан тупсаҕай боруодаларын үөскэтэллэр. И. Данилов
2. даҕ. суолт. Бараан тириититтэн (түүтүттэн) оҥоһуллубут. Бараний, овчинный
Күөх былааччыйалаах, кылгас бараан сонноох, сэлтэкэччийбит кыра кыыс миэхэ сулбу хааман кэллэ. Амма Аччыгыйа
Бурхалей ылан эргэ бараан бэргэһэни кэтэн көрбүтэ, кини бааччахтаах төбөтүгэр сөп түбэстэ. Эрилик Эристиин
Арай биирдэ Миимээн оҕонньор үүтээнигэр аан туманы кытта бараан тулууптаах күтүр улахан киһи бэрис гына түспүт. И. Данилов