n. chapter; round (in sports)
Якутский → Английский
түһүмэх
Якутский → Якутский
түһүмэх
аат.
1. Туох эмэ тохтуутохтуу салҕанан барыытын биир төгүлэ, олуга. ☉ Этап чего-л.
Дьон ситэ окко киирэ иликтэринэ, икки түһүмэхтээх улахан күүлэйи тэрийбитэ. Болот Боотур
Уйан-хатан дьиҥнээхтик биллэр үһүс түһүмэҕэ саҕаланна. Н. Лугинов
Киирии эксээмэннэр икки түһүмэҕинэн ыытыллыахтара. «Кыым»
Биһиги быыбар биир түһүмэҕинэн быһаарыллыан баҕарабыт. «Чолбон»
Үрдүк халлаан үрүмэ долгунун иһигэр күөрэгэй биир кэм түһүмэх-түһүмэх күүстээх дорҕооннору кутар. М. Доҕордуурап
△ Туох эмэ уларыйыытын кэрдиис кэмэ. ☉ Отдельная фаза, этап, стадия какого-л. процесса
Үөн-көйүүр сайдарыгар ити курдук түөрт түһүмэҕи ааһарын толору кубулуйуулаах сайдыы диэн ааттыыллар. ББЕ З
2. Туох эмэ туспа ылыллыбыт олуга (хол., литератураҕа, ускуустубаҕа). ☉ Раздел, часть произведения (напр., литературного, музыкального)
Айымньы хас да түһүмэхтэрдээх үс сүрүн олуктан таҥыллыбыт. «ХС». С. Зверев үҥкүүтүн түһүлгэтин түһүмэхтэрэ былыр-былыргыттан чочуллан-тупсарыллан олохтоммут үҥкүү сиппит-хоппут, биһирэммит сиэрин тутуһуу буолар. «Сахаада»
Айымньы хас да чаастаах, онтон бастакы түһүмэҕин ааҕааччылар дьүүллэригэр таһаарабыт. «Чолбон»
◊ Түһүмэхтээх уруу — хас да күннээх улахан уруу. ☉ Большая свадьба в несколько дней
Былыр улуу баайдар түһүмэхтээх уруу диэн тэрийэллэрэ үһү. ФГЕ СТС
Саамай түһүмэхтээх бөдөҥ урууга икки сүүс кэриҥэ киһи барар, онон икки өттүттэн холбоон түөрт сүүс киһи мустуохтаах. «ХС»
Еще переводы: