аат.
1. Ыарыһаҕы эмтиир исписэлиис, быраас, биэлсэр. ☉ Тот, кто профессионально лечит больных, лекарь, врач, фельдшер
Халыма уокуругун үрдүнэн соҕотох эмчит этэ. И. Федосеев
Тиихэн медучилищены бүтэрэн баран, оччолорго дьоҕус бөһүөлэккэ эмчитинэн ананан кэлбитэ. В. Титов
[Баһылайы] эмчиттэр көмө оҥорон баран, госпитальга ыытарга быһаарбыттара. ССС
2
норуот эмчитэ диэн курдук. Дьэ, ол улуу отоһуттартан силистэнэнмутуктанан Куома Чааскын диэн улуу эмчит биһиги кэммитигэр олорон ааспытын билигин саха киһитэ барыта билэр. АЕД КЧ
Былыргы булчуттар, эмчиттэр, отоһуттар кыыл-көтөр араас уорганыттан эмп-томп оҥостон тутталлара элбэх буолара. БББ
Оннооҕор эмчиттэрин, түүллээхтэрин, ичээннэрин эмиэ харыстаан, ытыктаан илдьэ кэлбиттэр. ФГЕ ӨӨСҮҮ
3. Эмкэ-томко, дьону эмтииргэ сыһыаннаах үлэһит (хомуур өйдөбүллээх). ☉ Медицинский работник, медик
Көмөлтө дьоно кэлэн көстүбүттэр, эмчит дьоннор кэлэн эҥээрдэспиттэр, кэпэрэтиип дьоно кэлэн кэккэлэспиттэр. П. Ойуунускай
Биир күн эмчиттэр сийиэстэрин …… Серго Орджоникидзе эҕэрдэлээн күлүмүрдээтэ. Амма Аччыгыйа
Эмчит эгэлгэтэ: Быраас бастыҥа, Биэлсэр бэрдэ, Сиэстэрэ үтүөтэ Сиэттиһэн сылдьан …… Күннэри-түүннэри Күүстээх үлэҕэ Көмүллэллэр эбит. Н. Степанов
◊ Норуот эмчитэ — анал үөрэҕэ суох, норуот үөрүйэҕэр олоҕуран (хол., эмтээх отунан, түөннээн эҥин) эмтиир киһи. ☉ Тот, кто лечит народными средствами, народный лекарь
Тимофей Иванович Семёнов таайа, норуот эмчитэ, кыһамньылаах эмтээһиниттэн өлөр өлүүттэн тыыннаах ордон хаалбыта. «Чолбон»
Арба даҕаны, кэлин норуот эмчитэ буолбут Ньыыкан ойууну онно сылдьан эмиэ көрөн турардаахпын. Күрүлгэн
Араас ойууннар, удаҕаннар, норуот эмчиттэрин, отоһуттарын туһунан элбэҕи билэн-көрөн иһэбит. АЕД КЧ
Сахалыы эмчит кэпс. — норуот эмчитэ диэн курдук. Улахан көрбүөччү, сахалыы эмчит эбит, уола кинини ууһаабыт дииллэр. БХ ХТХ
Төрүт олохтоох итэҕэллэрбитигэр ойууннартан, удаҕаннартан, ичээннэртэн уонна сахалыы эмчиттэртэн, түүллээхтэртэн үөрэммиппит таайыыта да суох чуолкай биллэр. ФГЕ ӨӨСҮҮ
ср. др.-тюрк., тюрк., монг. эмчи ‘лекарь’