I 1. 1) предок, родоначальник; саха төрдө родоначальник якутов; илбис төрдө миф. родоначальник духов кровопролития; киһи төрдө буол будь праотцем людей (т. е. пусть твоё потомство будет многочисленным и значительным); сүөһү төрдө буолуох сүөһү эта порода скота даст хорошее потомство; 2) прям., перен. корень, основа, основание |( корённой, основной; потомственный; тыл төрдө грам. корень слова; алдьархай төрдө корень (всех) бед; от төрдө корни травы; сэргэ төрдө основание коновязи; оһох төрдө основание печи (тёмная сторона якутского камелька); төҥүргэс төрдө основание пня; төрүт олохтоох коренной житель; абориген; төрүт сокуон основной закон; төрүт дойду а) место рождения; б) родная сторона; төрүт уус дьон они потомственные кузнецы; 2. родовитый; төрүт киһи родовитый человек; төрүт киһи төрүөҕэ, ытык киһи ыччата погов. отпрыск родовитого, потомок знаменитого (говорится при почтительном отношении к знаменитым родителям) # суол төрдө а) перекрёсток,, распутье; б) начало пути.
II совсем, вовсе, совершенно; мин маны төрүт билбэппин я этого совсем не знаю.
III компь. исходник (source)