төҥүргэстээ диэнтэн бэй., атын. туһ. Дэриэбинэ аттынааҕы тыа кэнники сылларга олус элбэх төҥүргэстэммит. Бу солооһун төҥүргэстэнэрэ буоллар бэрт буолуо этэ
Якутский → Якутский
төҥүргэстэн
төҥүргэс
аат.
1. Кэрдиллибит, эрбэммит мас төрдө, чөҥөчөк. ☉ Торчащий остаток срубленного или спиленного дерева, пень, пенёк
Суол кытыытынааҕы ньыла халдьаайыларга сир тиэрэллэр, буруонан унаарыспыт солооһуннарга төҥүргэс түөрэллэр. Амма Аччыгыйа
Билигин тыа иһигэр биир сыллааҕыта эрбэммит төҥүргэскэ олоробун. ИИФ ИДЫК
2. Туох эмэ тобоҕо, ордон хаалбыт тооромоһо, төрдүгэһэ (хол., өр туттуллан, умайан, алдьанан). ☉ Остаток чего-л. (напр., дома), огрызок (напр., карандаша), обрубок (напр., дерева)
Оскуола тутуутун үөрэҕэ суох, харандаас төҥүргэһин силинэн илитэ-илитэ лабах буолбут кумааҕы туомугар бэйэтэ эрэ билэр гына тугу эрэ бэлиэтиир токур, хатыҥыр оҕонньор Маастар Махсыым салайбыт. Далан
Кэтириис, хоруорбут хардаҕас төҥүргэстэрин үөттүрэҕинэн холботолоон баран, эбии хардаҕастары уурбутугар балаҕан иһэ сырдыы түстэ. Н. Якутскай
Бокуонньук билигин дьиэтин төҥүргэстэрэ эрэ ордон хаалбыттар, бу балаҕан уҥа өттүгэр чочоруһан көстөллөр. Н. Заболоцкай
3. бот. Үүнээйи кыра силистээх эбэтэр силистэнэн эрэр умнаһын төрдө; үүнээйи умнаһа. ☉ Основание стебля растения, пускающего корни; стебель растения
[Москва учуонайдара — саха эдэр натуралистарыгар:] Эһиэхэ араас сиэмэлэри уонна төҥүргэстэри, итиэннэ олору хайдах үүннэрэр туһунан сорудахтары ыытабыт. И. Данилов
Киһи сиир тэллэйдэрэ …… бары сэлээппэлээхтэр итиэннэ төҥүргэстээхтэр. КВА Б
♦ Өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх (буолуохтаах) көр өтөх
Сурт кэриэстээх, Өтөх төҥүргэстээх, Тэлгэһэ чэрдээх, Эрэйдээх кэскиллээх, Сор кэпсээннээх — Мин эрэйбин иэстэһэр буолуоҕа! С. Зверев. Өтөх төҥүргэһэ <сурт кэриэһэ> — ким эмэ оҕото-уруута, кэннигэр хаалар, тэнитэр-ууһатар ыччата. ☉ Продолжатель рода, потомок
Бу орто дойдуттан арахсарбытыгар өтөх төҥүргэһэ, сурт кэриэһэ суох хаалбат — биһигини оҕолорбут солбуйаллар. Софр. Данилов
Ити соҕотох оҕом дии, өтөҕүм төҥүргэһэ. «Чолбон». Туба кижи төҥөч, алт. төҥөш, каракалп. дүҥге, карач.-балк. тенгертке
Якутский → Русский
төҥүргэс
пень; төҥүргэстэрэ эрэ чороһон хаалбыттар только одни пни торчат # бөппүрүөскэ төҥүргэһэ окурок.
Еще переводы: