несов. см. удрать.
Русский → Якутский
удирать
Еще переводы:
догдоон (Якутский → Якутский)
даҕ., кэпс. Кылгас, догдоҕор (таҥаһы этэргэ). ☉ Короткий, кургузый (об одежде)
Өр хааман тириттэ-хорутта, догдоон саҕынньаҕын уолугун нэлэккэйдэнэр. В. Протодьяконов
Догдоон сонноох Догдоллубут быһыылаах Дьоҕус чуопчаар саҥалаах Сорук-Боллур уол. П. Ядрихинскай
♦ Догдооҥҥун көрдөр кэпс. - туохтан эмэ тэскилээн биэр, баран хаал. ☉ Удирать, поспешно убегать, показывать спину
Ньукулай, киһи эрэ буоллар бэрт түргэнник догдоонун көрдөрдө. Н. Түгүнүүрэп
◊ Догдоон хара тыа фольк. - үөһэнэн эрэ лабаалардаах ордук үрдүк умнастаах мастардаах тыа. ☉ Лес, состоящий из деревьев с небольшими кронами на сравнительно высоких стволах. Соноҕостой атын кутуругун Огдоччу быһа баттаабыт курдук, Догдоон хара тыалаах эбит
Саха фольк. Бөлөҕөс талахтар, бүтэй тэҥкэлэр уонна догдоон хара тыалар сыгынньахтаннылар. Л. Попов
буут (Якутский → Якутский)
I
аат.
1. Киһи атаҕын эбэтэр сүөһү кэлин атаҕын такымыттан үөһэ өттө бүтүннүүтэ. ☉ Бедро, ляжка (человека), задняя нога (животного)
Онтон туран ынахтарын икки буутун сиэн, үс ыаҕас кымыһы иһэн малааһыннаабыттар. Н. Неустроев
Байбал тоһоҕону оҕус хаҥас буутун туһунан суха ураҕаһыгар туора, чорбоччу саайан кэбистэ. Амма Аччыгыйа
Чүөчээски эмиэ быһыччатын ылан эһэтин буукка дьөлө аста, эһэтэ, куолутунан, хамсаабата. Суорун Омоллоон
2. көсп. Ыстаан, баккы аҥар атахха кэтиллэр чааһа, аҥар сотото. ☉ Штанина
Ыстаанын буута синньигэһинэн тойонноотохпуна эписиэр быһыылаах. Эписиэри «бочуоттаан» иккитэ ыттым. Т. Сметанин
Ыстаанын буута ононманан дьөлүтэ умайбыт... И. Гоголев
тюрк. бут, пут
♦ Буута быстарынан — кыаҕа баарынан түргэнник, муҥ кыраай түргэнинэн. ☉ Во весь опор, во все лопатки (букв. чтоб бедро оторвалось)
Бөрөм миэхэ эргиллэн да көрбөккө, ойуур диэки буута быстарынан субурус гынан хаалла. Т. Сметанин. Буут биэр — түргэнник куот, тэскилээ. ☉ Быстро удирать, улепетывать, дать стрекача
Эһэм куттанан солуурчаҕын түҥнэри тэбээт, буут биэрбит. А. Федоров. Муостаах таба буут биэрэр. Саарба, саһыл тэскилиир... М. Доҕордуурап
Хаста даҕаны ойуур диэки буут биэрэ сыһасыһа тохтоотум. «ХС». Тэҥн. атахха биллэр. Буутун этэ буспут (муҥутаабыт) <сиһин этэ сиппит> — сааһын туолбут, улааппыт, сиппит, төлөһүйбүт. ☉ Достигать полной зрелости, находиться в расцвете сил
«Буутун этэ бустаҕына, холун этэ хойуннаҕына, былыргы мин саҕа бухатыыр буолсу», — диэн уурайан туран, киһитин хайҕаата. Эрилик Эристиин
[Манчаары:] Ол туора улуус бастаахтара: «Чоочо кинээс тустууга баранан, сиһин этэ ситэ илик, буутун этэ буһа илик уу ньылбаҕай уолун туһуннарар», — диэтэхтэрэ. В. Протодьяконов
Алык бэргэн уйгубыйаҥ олоххо түбэһэр. Буутун этэ муҥутуур, сиһин этэ ситэр. «ХС»
II
аат., эргэр. Урукку ыйааһын кээмэйэ: 16 киилэ 380 кыраам. ☉ Старая русская мера массы, пуд (16,38 кг)
Ол уон муунта бурдугу ыстахха, бэйэтэ уон буут бурдук үүнэрин суоттаан сордоон баран, Көстөкүүн сөбүлэнэн, Миитэрэй сарсын барыах буолла. Амма Аччыгыйа
Доромоон көрдөһөр дуу, ааттаһар дуу киэбинэн: «Тойонуом, сэттэ буукка холоон ыллаҕыҥ дии, сэттэ бууттан итэҕэс тахсыа суоҕа». Күндэ
Саха сирин холкуостара өҥ сылларга суудаарыстыбаҕа мөлүйүөҥҥэ чугаһыыр буут бурдугу туттарар этилэр эбээт. П. Егоров
◊ Буут сир эргэр. — сир (хол., бурдук сирин) иэнин кээмэйэ: 400 квадратнай саһаан, а. э. дэһээтинэ алта гыммыт биирэ. Буут сиргэ буут (16 кг) бурдук ыһыллара. ☉ Мера площади (пашни): 400 квадратных саженей, или 1/6 десятины
На этой площади сеяли пуд зерна. Буут сирэ диэн ааттаан, иккилии ыыра баттыыр хаамыынан уон саһаан туоралаах, түөрт уон саһаан усталаах тыаны мээрэйдээн солоторго кэпсэппитэ. Күннүк Уурастыырап
Биирдэ Сэмэн ол тыаҕа хара ойууру солоон үс буут сирин оҥостубутун Дэлиһиэй: «Мин тыабын күүһүнэн солоото», — диэн үҥэн, көмүс биир харчыта суох ылбыта. Эрилик Эристиин