Якутские буквы:

Якутский → Якутский

унтуу

аат. Үксүгэр тыстан (таба, сылгы, тайах киэниттэн), тигиллибит хаатыҥка уллуҥнаах атах таҥаһа, этэрбэс. Зимняя обувь, сшитая из шкур с ног животных (обычно оленя, лошади, лося), унты
Куолутунан харыстыыр таба тыһа унтууларын устаары олордо. Н. Борисов
«Унтуугун баҕас устуохха», — диэтэ ийэлэрэ. Р. Баҕатаайыскай
Дэлби тоҥмуппун, унтуулаах этим да, атаҕым бөҕүөрэ сыста. «ХС»


Еще переводы:

саппалаакы

саппалаакы (Якутский → Якутский)

абырах диэн курдук. Эргэ хаатыҥкатынан унтуутугар саппалаакы оҥостубут

унтуулаа

унтуулаа (Якутский → Якутский)

туохт. Кими эмэ унтуунан хааччый, кимиэхэ эмэ унтуута биэр. Снабжать кого-л. унтами, одевать кого-л. в унты. Быйыл оҕолорбун унтуулаатым

истээ

истээ (Якутский → Якутский)

туохт. Туохха эмэ ис оҥорон биэр, ис тигэн биэр (хол., унтууга, соҥҥо). Подшивать одежду с изнанки, сделать подкладку, подбивать одежду (напр., мехом, ватой). Сатыыр киһи бу сону истээн биэр эрэ

кэмпириэстээ

кэмпириэстээ (Якутский → Якутский)

туохт. Кэмпириэстэ уур. Наложить компресс
«Кэмпириэстиэххэ дуу, “скорайы” ыҥырыахха дуу?» — диэтэ ийэлэрэ, унтуутун уһула туран. Р. Баҕатаайыскай
Эмп аҕалан иһэрдэн, дэлби кэмпириэстээн абыраата. Г. Попов
[Боҕуруоскай оту] медицинаҕа дьаҥ сөтөлүн эмтииргэ итиэннэ кэмпириэстиир сириэстибэ быһыытынан туттуллар. МАА ССКОЭҮү

налыбыраа

налыбыраа (Якутский → Якутский)

туохт. Аллара намылыйан түһэн туран салыбырыы хамсаа. Качаться, болтаться, свисая, свободно висеть (о чём-л. мягком, лёгком)
Хоско унтуутун оһун аллара тиэриммит, булчут ыт кулгааҕыныы, аллара налыбырыы с ы л д ь а р у һу н к улг а а х т а а х ш л е мнээх лүөччүк көтөн түстэ. К. Симонов (тылб.)

сиэдэримсий

сиэдэримсий (Якутский → Якутский)

туохт., кэпс. Маанымсый, маанытык таҥын. Одеваться шикарно, щеголять
[Куурай] мээнэ сиэдэримсийбэт: аҕыйах таҥаһынсабын угар обургу чымадаанын тутта да, ханна эмэ анатан көстөҕө ол. П. Аввакумов
Быыһык бэргэһэ, хап-хара тыс унтуу уонна бачыыҥка. Эр киһи сиэдэримсийэр эгэлгэтэ кыра, балар да бааллара сөп буолар. «ХС»

уллаһык

уллаһык (Якутский → Якутский)

аат. Атах таҥаһын улларарга уллуҥ буолар туох эмэ. Материал, подходящий для подшивки обуви
Унтуу дэлэйбит кэмигэр уллаһык матырыйаала кэмчи. Н. Борисов
[Кинини суоллааччыларга] араас уллаһыктаах хаатыҥкалаах эбэтэр этэрбэстээх дьоно эргэнэ хара тыа маһыныы элбэх. С. Федотов
Кыһын халыҥ баата ыстааны, уллаһыктаах хаатыҥканы кэтэрэ. БТТ

уллар

уллар (Якутский → Якутский)

туохт. Атах таҥаһыгар (үксүгэр этэрбэскэ, унтууга) уллуҥна тик. Подшивать обувь, пришивать подошву к обуви (обычно о торбасах, унтах)
Мукуйук ойоҕо Ыстапаанньыйа уот иннигэр лэкэҕэ олорон этэрбэс улларар. Күндэ
Былыр тымтыгынан этэрбэс улларар, ынах ыыр буолуллара. Н. Босиков
Эн этэрбэскин мэлдьи мин уллара сылдьыам дуо? М. Тимофеев
ср. тюрк. ултар, орлтар ‘шить обувь’

ускуорай

ускуорай (Якутский → Якутский)

аат., кэпс. Суһал көмө сулууспата; суһал көмө массыыната. Служба скорой помощи; машина скорой помощи
«Кэмпириэстиэххэ дуу, ускуорайы ыҥырыахха дуу», — диэтэ ийэлэрэ, унтуутун уһула туран. Р. Баҕатаайыскай
«Бырааһы ыҥырыахха, ускуорайы, ускуорайы», — ити Таня саҥата. В. Гаврильева
Нукаай курдук Дьулустааны таҥыннаран, Васялаах Нина куорат диэки ускуорайы көрсө көтүттүлэр. Э. Соколов

ыстаан

ыстаан (Якутский → Якутский)

аат. Киһи икки атаҕар кэтэн биилигэр диэри тардынар уһун сотолоох таҥас. Штаны
Ылан көрбүтүм ис таҥас, ыстаан, уһун ырбаахы, халтаҥ сон бааллар. С. Маисов
Ийэм эргэ бэйбириэт сонун таһынан бэртээхэй ыстаан тиктилэр. Хомус Уйбаан
Таба тириитин имитэммит саҕынньах, этэрбэс, тыс үтүлүк, тирии ыстаан, унтуу тигэбит. «ЭК»