даҕ.
1. Салаҥ, модьу, ситэ нарыламматах (сэби-сэбиргэли, тэрили этэргэ). ☉ Сработанный, сколоченный грубо, топорно, без изящества
Остуол икки өттүгэр киһи олороругар аналлаах модороон лааппылар. Далан
Көлөттүгэс модороон сыарҕалаах тыраахтар кээһиигэ от тиэйэ сылдьар. Софр. Данилов
Оҕонньор уот иннигэр модороон оҥоһуулаах талах олоппос турарыгар куолутунан аргынньахтаан кэбистэ. «ХС»
2. Боллоруттаҕас эбэтэр олус модьу, улахан (хол., уос, мурун эбэтэр киһисүөһү миэстэлэрин этэргэ). ☉ Грубый, топорный, неизящный (напр., губы, нос)
[Тайах] салаалардаах муостарын адаарыҥнатар, …… тугу эрэ ботугуруур курдук модороон уоһун боллороҥнотор. Амма Аччыгыйа
Лаппа ситиһиилэниэн, ый тахсыбыт улахан сирэйбит, муннубут-уоспут модорооно атахтыыр. Р. Баҕатаайыскай
Сүөдэр күлэ түстэ, улахан модороон илиитин Хобороос санныгар уура охсон, таптайбахтаан ылла. А. Сыромятникова
3. көсп. Олус сөҥ, бэйэтигэр сөбө суох хойуу (киһи куолаһын этэргэ). ☉ Низкий, глухой, очень грубый, несоответствующий внешнему облику кого-л. (о голосе)
[Тровскай] сахалыы олус үчүгэйдик билэриттэн бэйэтиттэн бэйэтэ дуоһуйар курдук туттар уонна …… хойуу, модороон куоластаах. Л. Попов. Ха ра сатыын искиэрэлээх кыыс уоллуу м о д о р о о н куолаһынан бааҕынаата. Г. К олесов
ср. калм. модьрун ‘грубый’