прил. 1. (недостаточно сильный; болезненный) мөлтөх, ыарыһах; слабый ребёнок ыарыһах оҕо; у него слабое сердце кини сүрэҕэ мөлтөх; 2. (лишённый твёрдости, стойкости) мөлтөх, сыппах, уйан; слабая воля мөлтөх воля; 3. (плохо вооружённый) мөлтөх, кэбирэх; слабая армия мөлтөх армия; 4. мөлтөх; слабое государство мөлтөх государство; 5. (не сильный) мөлтөх; слабый удар мөлтөх охсуу; 6. (не крепкий, не насыщенный) мөлтөх, уоҕа суох, убаҕас; слабый чай убаҕас чэй; слабое вино уоҕа суох арыгы; 7. (незначительный) мөлтөх, симик; слабый свет симик уот; 8. (неясный) бүдүк, биллэр-биллибэт; слабые очертания бүдүк урсуннар; 9. (плохой) мөлтөх, салаҥ; слабая работа мөлтөх үлэ; 10. (не тугой) холку, тыҥатыллыбатах; слабая струна холку струна; # слабая сторона или слабое место кого-чего-л. мөлтөх өттө, кэбирэх сирэ.