даҕ. Уһун гынан баран, ньолбуһах, сымыыттыҥы быһыылаах. ☉ Длинный, продолговатый, овальной формы
Сотору уһун ньолбоҕор сирэйдээх, кытаран көстөр бытыктаах, маҥхайан эрэ баттахтаах оҕонньор киһи эрдинэн кылбаарытан кэлэр. Н. Якутскай
Дьиэҕэ Чуохаан бэйэтэ эрэ, уһун ньолбуһах остуолугар суот тарда олорор. И. Гоголев
Сүүнэ улахан уһун ньолбуһах алааһы арҕаа кэриитинэн хара ыты батыһыннарбыт уолчаан тиэтэйэ-саарайа сүүрэн лэппэрийдэ. В. Титов