Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ньолбуһах

даҕ. Ньолбойон, уһаан көстөр. Продолговатый
Хабырыыс …… уһун ньолбуһах сирэйдээх, үрдүк, дьылыгыр уҥуохтаах олус номоҕон киһи. И. Гоголев
[Аттаахтар] кыра алааһы ааһан үрдүк сыырдаах ньолбуһах алааска өҥөс гыннылар. П. Филиппов
Күөл кытыытыгар эр дьон уһун ньолбуһах тыылартан чыыры сүөкүүллэр, балыктыыр тэриллэрин бэрийэллэр. С. Курилов (тылб.). Тэҥн. ньолбоҕор

уһун-ньолбуһах

уһун-ньолбоҕор


Еще переводы:

овальный

овальный (Русский → Якутский)

прил. ньолбуһах; овальный стол ньолбуһах остуол.

ньолбой=

ньолбой= (Якутский → Английский)

v. to become oval; ньолбуһах a. oval

продолговатый

продолговатый (Русский → Якутский)

прил. ньолбуһах, уһун синньигэс; продолговатое блюдо ньолбуһах бүлүүдэ; продолговатое лицо уһун синньигэс сирэй.

ньолбуһахтыҥы

ньолбуһахтыҥы (Якутский → Якутский)

даҕ. Ньолбуһах соҕус. Несколько продолговатый
Хоту уһугар илин диэки атахтаан киирбит ньолбуһахтыҥы күөллээх чоҥолох алаас. И. Сосин
[Таба муоһа] иннин диэки кыратык токуруйбут, ньолбуһахтыҥы биһилэх курдук үөскээбит. ДьДьДь. Тэҥн. ньолбоҕордуҥу

овал

овал (Русский → Якутский)

м. ньолбуһах (ньолбоҕор бүтэй сурааһынынан чэрчилэммит фигура; оннук фигу-ралыы быһыылаах омоон); овал лица сирэй ньолбуһаҕа (чэрчитин быһыыта).

стручок

стручок (Русский → Якутский)

м. стручок (сорох үүнээйилэр икки аҥы аһыллар хахтиих уһун ньолбуһах астара).

кэтирээмэхтээ

кэтирээмэхтээ (Якутский → Якутский)

кэтирээ диэнтэн тиэт
көрүҥ. Акимов күлэн, уһун ньолбуһах хара бараан сирэйэ кэтирээмэхтээн ылла. Р. Баҕатаайыскай

уһун-ньолбоҕор

уһун-ньолбоҕор (Якутский → Якутский)

даҕ. Уһун гынан баран, ньолбуһах, сымыыттыҥы быһыылаах. Длинный, продолговатый, овальной формы
Сотору уһун ньолбоҕор сирэйдээх, кытаран көстөр бытыктаах, маҥхайан эрэ баттахтаах оҕонньор киһи эрдинэн кылбаарытан кэлэр. Н. Якутскай
Дьиэҕэ Чуохаан бэйэтэ эрэ, уһун ньолбуһах остуолугар суот тарда олорор. И. Гоголев
Сүүнэ улахан уһун ньолбуһах алааһы арҕаа кэриитинэн хара ыты батыһыннарбыт уолчаан тиэтэйэ-саарайа сүүрэн лэппэрийдэ. В. Титов

бордуонньук

бордуонньук (Якутский → Якутский)

аат., эргэр. Сылабаар олоҕо. Поддон самовара
Остуол ортотугар үрүҥ дуйдаах ньолбуһах бордуонньукка сылабаар оргуйа турар. Н. Якутскай
Остуолга өрөһөлүү кырбас эт хоторуллубут былыргы алтан бордуонньук турар. Н. Апросимов

сэгдэҥэ

сэгдэҥэ (Якутский → Якутский)

көр сэндэҥэ
Сотору сэгдэҥэ мастардаах бэс чагданан айаннаан истибит. «ББ»
Кинилэр күөх будьуру баттахтаах сэгдэҥэ [бэстэр] быыстарынан, уһун ньолбуһах ырааһыйаҕа киирбиттэрэ. «ХС»