Якутские буквы:

Якутский → Якутский

уһууртаа

уһуурталаа диэн курдук
Эмискэ сир өрө титирэстии түстэ, тула уоттар уһууртаатылар, сэнэрээттэр көтөн ыйыластылар, дэлбэритэ тэбэр тыастар ньиргийтэлээтилэр. Н. Якутскай
Оҕонньордоро үөһэ уһууртаан, үөһүн тартаран ылбахтыыр. Н. Павлов
Улуу-дьаалы сэп [«Катюша»] хаста даҕаны хабараан-хабарааннык мэҥийдэ, уот сындыыстарынан уһууртаата, күдэн буруонан сөтөлүннэ. А. Данилов


Еще переводы:

ыйылас

ыйылас (Якутский → Якутский)

I
ыйылаа диэнтэн холб. туһ. Эмискэ сир өрө титирэстии түстэ, тула уоттар уһууртаатылар, сэнэрээттэр көтөн ыйыластылар. Н. Якутскай
Атыырдар утарыта көрсүһээт, дьохсооттоһон ойоҕос ойоҕосторунан буоллулар, …… хабыр хатаннык хаһыытастылар, ыйыластылар. В. Протодьяконов
Мас кэрдэр бириэмэтигэр ыттарбыт эмиэ, кыыл баарын билэн, кэлээри ыйылаһар саҥалара субу эймэнэ турар. Я. Семёнов
II
даҕ.
1. Ыйылаан саҥарар. Визжащий (о голосе). Онтон көмөлөһөөччү, эмискэччи кытаанах дьүһүннэнэ түһээт, хайдах эрэ ыйылас куолаһынан кыланна: «Эмиэ туох көрүдьүөһэй?» Л. Толстой (тылб.)
— Ама биһигини көмүскүүр туох да суох дуо? — Кини ыйылас куолаһа чыҥкыныыра. Г. Николаева (тылб.)
2. Иһиирэр курдук сытыы тыаһы таһаарар. Свистящий (о пуле)
Киһи төбөтүгэр хатанар ыйылас тыас өрө быыгынаан эрэрэ баара да, сир-халлаан хайдар сүрдээх улахан тыаһа тоҕо барда. П. Филиппов
Баһылай эмиэ таһырдьа тахсан, ыйылас буулдьалар анныларынан маҕыйа-маҕыйа тэбиннэ. «ХС»
Буулдьалар ыйылас тыастарыттан киһи куйахата күүрэрэ. ПНИ ДКК

мэҥий

мэҥий (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Күүскэ эппэҥнээн тыын, аҕылаа эбэтэр үөскүн тартарар курдук тыын. Хватать ртом воздух, задыхаться
Чы ы ч а а х ө й дө н ө н к э л л э, иһин түгэҕиттэн иҥсэлээхтик өрө мэҥийэн уһуутаата. И. Гоголев
Киил оҕонньор үөһэ тыынарын быыһыгар ынчыктыыр курдук өрө мэҥийэн көхсүн этиттэ. Н. Лугинов
Гавриил хайдах эрэ иһин түгэҕиттэн мэҥийэн ө р ө у һ у утаан кэбистэ. А. Данилов
2. Аҕылыаххар диэри күүскэ сүүр. Сильно запыхаться от бега, еле переводить дыхание
Табалар субу өрө мэҥийэн кэлээт, соһуйбут үөр туллук курдук туора халыйан тахсан тоҥуу хаарга тохтуу биэрдилэр. Амма Аччыгыйа
Пашка сүүрэн мэҥийэн кэлэн, гарааска көтөн түһэр. Н. Якутскай
Оскуола дьиэҕэ муҥ кыраайбытынан мэҥийэн тиийдибит. И. Никифоров
3. көсп., сөбүлээб. Ким, туох эмэ туһугар сиэрэ суох кыһалын, сүүр-көт; кимиэхэ эмэ бэрт буолан иннигэр-кэннигэр түс. Проявлять чрезмерную заботу, бе спокоиться о ком-л.; стараться изо всех сил угодить кому-л. «Оҕом дии-дии м эҥийэриҥ бэрт ахан дии
Төһөнү өлүүлүүгүн?!» — Сэмэн Лөгөнтөй өйдөө бөтөх өттүттэн күөрэс гыннарда. Р. К улаковскай. Билигин кэлэн тоҕо бэрт буола сатаан мэҥийдигит? С. Ефремов
4. көсп. Туохха эмэ улаханнык талас, баҕар. Проявлять большой интерес к кому-чему-л., стремиться к кому-чему-л.
Демьян оҕонньор элбэхтик эрэйдэммит дойдутугар мэҥийэр буолан хаалбыт. Эрилик Эристиин
«Аны оноолоох соннооххо орооһуом суоҕа, б и и л л э э х с о н н о о ххо мэҥийиэм суоҕа», — диэн андаҕайбытым. «ХС»
5. Улахан эстэр тыаһы таһаар. И з д авать громкий хлопающий звук
Эмискэ таҥара дьиэтин кылабыыһатын соҕуруу муннугуттан туох да быыстала суох, тибиирэн эрэр курдук эстэр саа тыаһа мэҥийэр. Н. Якутскай
Улуу дьаалы сэп хаста даҕаны хабараан-хабарааннык мэҥийдэ, уот сындыыстарынан уһууртаата. А. Данилов
ср. алт. меҥде ‘спешить, торопиться’, бур. мэҥхи ‘багроветь’, кирг. мэҥкээ ‘обессилеть, изнуриться’