I
ыйылаа диэнтэн холб. туһ. Эмискэ сир өрө титирэстии түстэ, тула уоттар уһууртаатылар, сэнэрээттэр көтөн ыйыластылар. Н. Якутскай
Атыырдар утарыта көрсүһээт, дьохсооттоһон ойоҕос ойоҕосторунан буоллулар, …… хабыр хатаннык хаһыытастылар, ыйыластылар. В. Протодьяконов
Мас кэрдэр бириэмэтигэр ыттарбыт эмиэ, кыыл баарын билэн, кэлээри ыйылаһар саҥалара субу эймэнэ турар. Я. Семёнов
II
даҕ.
1. Ыйылаан саҥарар. ☉ Визжащий (о голосе). Онтон көмөлөһөөччү, эмискэччи кытаанах дьүһүннэнэ түһээт, хайдах эрэ ыйылас куолаһынан кыланна: «Эмиэ туох көрүдьүөһэй?» Л. Толстой (тылб.)
— Ама биһигини көмүскүүр туох да суох дуо? — Кини ыйылас куолаһа чыҥкыныыра. Г. Николаева (тылб.)
2. Иһиирэр курдук сытыы тыаһы таһаарар. ☉ Свистящий (о пуле)
Киһи төбөтүгэр хатанар ыйылас тыас өрө быыгынаан эрэрэ баара да, сир-халлаан хайдар сүрдээх улахан тыаһа тоҕо барда. П. Филиппов
Баһылай эмиэ таһырдьа тахсан, ыйылас буулдьалар анныларынан маҕыйа-маҕыйа тэбиннэ. «ХС»
Буулдьалар ыйылас тыастарыттан киһи куйахата күүрэрэ. ПНИ ДКК
Якутский → Якутский
ыйылас
Якутский → Русский
ыйылас=
совм. от ыйылаа =.
Еще переводы: