Якутские буквы:

Якутский → Якутский

хабдьыгыраа

субул. тыас туохт.
1. Субу-субу «хап-хап-хап» диэн эрэр курдук саҥар (хол., хабдьыны этэргэ). Гоготать (напр., о куропатке)
Кыырт мохсоҕол саҥата хабдьыгыраата. П. Ойуунускай
Чугас соҕус хабдьыгырыыр саҥа иһилиннэ, көрбүтэ, хабдьылар олороллор эбит. Күрүлгэн
2. Түргэн-түргэнник соччо чуолкайа суохтук саҥар. Говорить быстро и невнятно
Сотору соҕус Халлай үөрбүткөппүт саҥата хабдьыгыраата. Болот Боотур
Ыалдьыппыт бэрт түргэн саҥалаах-иҥэлээх хабдьыгыраабыт киһи буолан биэрдэ. ЖЕ ИОК
Бобуллаҕас куоласкынан хаһыырар былаастаах бардьыгынаан саҥар. Напряжённо-возбуждённым голосом издавать громкий крик. Өрө Харах эмискэ хаһыыра, хабдьыгырыы түстэ. Саха сэһ
1977
Бухатыыр Хаһыытыы, хабдьыгырыы түстэ. Тоҥ Суорун
Баһылайка өрө хабдьыгырыы түһэн баран, халҕаны хайа тэбэн кэбистэ. Н. Павлов

Якутский → Русский

хабдьыгыраа=

говорить быстро и невнятно.


Еще переводы:

хабдьыгырат=

хабдьыгырат= (Якутский → Русский)

см. хабдьыгыраа =.

хабдьыгырас=

хабдьыгырас= (Якутский → Русский)

совм. от хабдьыгыраа =.

хабдьыгыраамахтаа=

хабдьыгыраамахтаа= (Якутский → Русский)

ускор. от хабдьыгыраа = говорить быстро и невнятно (нек-рое время).

хабдьыгырат

хабдьыгырат (Якутский → Якутский)

хабдьыгыраа диэнтэн дьаһ туһ. «Эргиэн үлэтигэр итэҕэстэр бааллар», — диэн Сидоров төтөлө суох хабдьыгыратан этиитин саҕалаата. М. Попов

куһааханнык

куһааханнык (Якутский → Якутский)

[куһаҕан + ахханнык] сыһ., түөлбэ. Куһаҕан аҕайдык, куһаҕан соҕустук. Плоховато, плохо, дурно
Хабдьылар хара кутуруктарын хороҥнотоот, куһааханнык хабдьыгыраат, сахсас гынан көтөн тараппачыһан хааллылар. «ХС»
Ежиков …… революционнай ырыалары куһааханнык олбу-солбу оонньоон барда. Д. Фурманов (тылб.)

хабдьыгырас

хабдьыгырас (Якутский → Якутский)

I
хабдьыгыраа диэнтэн холб. туһ. Уолаттар иккиэн өрө хабдьыгыраһа түстүлэр. Кустук
II
даҕ. Түргэнтүргэн, соччо чуолкайа суох, хабдьы саҥатыгар маарынныыр (саҥа). Быстрый и невнятный, похожий на гогот куропатки (о речи)
Хабдьыгырас саҥалаах киһи салааскаларын ылла. В. Тарабукин

эрэпкиэм

эрэпкиэм (Якутский → Якутский)

аат., истор.
1. Өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн, гражданскай сэрии кэмигэр тэриллибит суһал боломуочуйалаах былаас уоргана (1920 с. кулун тутартан 1923 с. тохсунньуга диэри); эрэпкиэм үлэлиир дьиэтэ. Временный чрезвычайный орган власти во время Гражданской войны в России, ревком (от сокращ
революционный комитет). Эрэпкиэмҥэ кэлии-барыы, мунньах эҥин туох да сүрдээх. А. Софронов
Ородобуойга сылдьан баран уол эрэпкиэмҥэ барыах буолан эрэрэ. Суорун Омоллоон
Бу эрэпкиэмнэри ууратан, аны сэбиэт диэннэри талыахтаахпыт. «ХС»
2. Эрэпкиэм бэрэссэдээтэлэ, чилиэнэ. Председатель, член ревкома
Мин эрэпкиэм Охонооско бардым. Амма Аччыгыйа
Арамаан эрэпкиэми ким өлөрбүтэй? Суорун Омоллоон
Маннааҕы биһиги эристииммит эмиэ эрэпкиэм тойон буолан хабдьыгыраабыта. Ф. Захаров

арый

арый (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Туох эрэ аанын, хаппаҕын, сабыытын уо. д. а. ас. Открывать дверь, поднимать крышку, раздвигать створки чего-л. и т. п. Тордоҕун аанын арыйан, ат буолан киирэрин кытта, уол кэлэн ааны сэгэттэ
Саха фольк. «Ити дьахтары манна аҕал!»— диэн саалаах киһи доҕоругар соруйбутугар, доҕоро кэлэн хаҥас быыһы арыйда. Эрилик Эристиин
Харытыан кэдэс гынан тохтоото, кириэс охсунна уонна тимир хоппо хаппаҕын сэмээр арыйда. Л. Попов
2. Туох эрэ бииргэ эбэтэр бүк тутулла сылдьарын ас, тэнит. Разомкнуть, раскрыть что-л. свернутое, сомкнутое. Зонтигы арый
Оҕо үтүлүгүн, бэргэһэтин устаат, кинигэтин халыҥ таһын арыйда. Н. Заболоцкай
[Данилов] кумааҕылары киҥнээхтик арыйан үргэҥнэттэ. М. Доҕордуурап
Суругу арыйан аахпыттара да, туох да соччолоох сонун суоҕа. И. Федосеев
3. Туох эрэ сабыытын ас, хастыы тарт. Обнажать, раскрывать что-л. закрытое
«Утуйбут быһыылаах», — дии санаат, аа-дьуо туран лаампатын умулуннарда, аргыый аҕай арыйан суорҕан иһигэр киирдэ. Софр. Данилов
Генерал, тулуубун арыйа тардан, өттүгүттэн саабылатын ылан эрдэҕинэ, «Генерал тойон!» диэн ньоччоҕор эписиэр хабдьыгыраата. Эрилик Эристиин
«Гурьянов, Гурьянчик», — доҕорбор саба түһэбин. Синиэлин арыйбыппар атаҕыттан хаан ыһылынна. Т. Сметанин
4. көсп. Туох эрэ кистэлэҥи, кистэммити булан дьоҥҥо биллэр, иһитиннэр. Рассказать о чем-л. скрываемом, тайном. Уорууну арый. Арастыраатаны арый
Туох эрэ туһунан аһаҕастык эт, кэпсээн биэр. Сообщать откровенно, без утайки о чем-л.. Макар туох баар кистэлэҥин доҕоругар арыйда
[Маняҕа] Ис ыраас сүрэхпин арыйан биэрдим, Туох баар эриэккэс санаабын этэ сатаатым. С. Ефремов
5. көсп. Туохха эрэ саҥа суолу ас. Положить начало каким-л. новым действиям, какой-л. деятельности
Арыт үөрэнээччи учууталын ситэн ааһар, экскаватор үлэтин элбэтиигэ саҥа суоллары арыйар. И. Данилов. Ол дойдуттан аҕалаах ийэм амаҕаччыларынан айан аартыгын арыйбытым. Эвен фольк.
6. көсп. Туох эмэ баар буолуутун көрдөр, быһаар. Устанавливать существование, наличие чего-л.
Итинник хара баттыгаһы арыйдахха, баайдар кэм тардынар буолуохтара. М. Доҕордуурап
Полиция салалтата бу дьыаланы арыйарга араас албастары туттубута. П. Филиппов
Мин соторутааҕыта биир дьиибэни арыйдым. Н. Лугинов
ср. др.-тюрк. арыҕ ‘юрта, дверь палатки’

халтаҥ

халтаҥ (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Иһинэн халыҥатыыта суох, иһэ суох, чараас (хол., таҥнар таҥас). Без утепления, тёплой подкладки, тонкий (напр., об одежде)
Буурҕалаах тымныы күн халтаҥ таҥастаах хатыҥыр эдэр киһи тиэтэйэн хааман иһэрэ. Софр. Данилов
«Бэ-э эрэ!» — халтаҥ арбаҕастаах киһи түргэн-түргэнник хабдьыгыраан барар. Н. Якутскай
Махсыын эрэйдээх суут иннигэр халтаҥ купаайкатын тэллэҕэ илибирии тураахтаата. А. Бэрияк
2. Көбө суох, убаҕас түүлээх. С негустым мехом. Солоҥдо түүтэ халтаҥ
Бэстэртэн бэстэргэ халтаҥ тииҥ ойуолуур. Л. Попов
3. Тараҕай, халчаҕай. Имеющий лысину, лысый
«Ким уоттаабыт сорой?» — Тараҕай Яков халтаҥ төбөтүн тарбанна. М. Доҕордуурап
Ытыһынан халтаҥ төбөтүн имэриммэхтиир. «ХС»
4. Баттаҕа суох, үүнэ илик (оҕону этэргэ). Без волос (о ребёнке), с лысиной
«Хайа, бу киһи кэлбит эбит дуу?» — сиэнин халтаҥ төбөтүн имэрийбитэ. Далан
Сиэнин халтаҥ төбөтүттэн имэрийбитэ, сыллаан ылбыта. «ХС»
5. Таҥаһа суох, сыгынньах. Без одежды, голый, нагой. Муот киһи муҥа суох, халтаҥ киһи хабаана суох (өс хоһ.)
6. Ото-маһа, үүнээйитэ суох эбэтэр мөлтөх үүнээйилээх. С мелкой растительностью или лишённый растительности, голый
Халтаҥ да буоллар — дойдум буоллаҕа (өс хоһ.). Эмиэ хаарбыт хараарда, Халтаҥ сирбит таҕыста. Күннүк Уурастыырап
Сүөһүбүт халдьаайылар халтаҥ буордарыгар онон-манан абыр-табыр үүммүт тимир эрбэһиннэри кирэ сатыы сылдьаллар. Амма Аччыгыйа
Тула өттө барыта сыгынньах, халтаҥ сир. Н. Заболоцкай
Халыҥа суох, чараас (хаары этэргэ). Со скудными осадками, неглубокий (о снеге). Кыһын хаар олус халтаҥ буоллаҕына, үгэс курдук ол дьыл тымныы кыһын буолар. «Саха с.»
Халтаҥ сон — саас, күһүн кэтиллэр чараас сон. Демисезонное пальто
[Коля] эҥээрдэринэн илдьирийбит халтаҥ сонун ыйаан баран, кыбылла-кыбылла биллэриккэ киирэн олордо. Эрилик Эристиин
Борокуоппай …… элбэх сиринэн тааппарай абырахтаах халтаҥ сонун кэтэр. А. Бэрияк
Киһибит сэлээппэтин, халтаҥ сонун үөһэ түстэ, күлүгэ хоһу тула элэҥнээтэ. Н. Габышев
Халтаҥ таас — тараҕай таас диэн курдук (көр таас I). Көрдүҥ дуо халтаҥ таас хайаны? И. Артамонов
Харах дала ыларын тухары халтаҥ таас, кумах үрдэллэрдээх хонуу бара турар. Умнуллубат к.
ср. монг., тюрк., маньчж. халзан, калдьан ‘лысина, залысина; лысый, плешивый’