Якутские буквы:

Якутский → Якутский

халлай

дьүһ. туохт. Хамсыы сырыт, киэҥ, халкыҥнас буол (хол., этэрбэс оһо). Быть чрезмерно широким, слишком свободным, болтаться (напр., о голенище сапог)
Халлайбыт остоох, кыһыҥҥы тайах тыһа этэрбэстээх …… биэс уонча сааһыгар чугаһаабыт оҕонньор оҕуһун муоһалаан айаннаан күттэрэн иһэр. Д. Очинскай


Еще переводы:

сэбигирээ

сэбигирээ (Якутский → Якутский)

тыаһы үт. туохт. Чэпчэкитик биир күдьүс түргэн-түргэнник саҥар. Говорить быстро, негромким голосом, напоминающим шелест листьев
«Эн бассабыыктаргын төһө киһи батыһарый?» — диэн Собачкин араатар диэки сүлүһүннээҕинэн көрө-көрө сэбигирээбитэ. Эрилик Эристиин
Ити чыбыгыраабытын, сэбигирээбитин көрүмэ, үлэҕэ ыар, соҕоон киһи. «ХС»
Халлай Ньукулай туран сэбигирээбитэ: «Кулуубу билигин тутар эрдэ. Үп-ас өттүнэн бөҕөргүү иликпит». «ХС»

хабдьыгыраа

хабдьыгыраа (Якутский → Якутский)

субул. тыас туохт.
1. Субу-субу «хап-хап-хап» диэн эрэр курдук саҥар (хол., хабдьыны этэргэ). Гоготать (напр., о куропатке)
Кыырт мохсоҕол саҥата хабдьыгыраата. П. Ойуунускай
Чугас соҕус хабдьыгырыыр саҥа иһилиннэ, көрбүтэ, хабдьылар олороллор эбит. Күрүлгэн
2. Түргэн-түргэнник соччо чуолкайа суохтук саҥар. Говорить быстро и невнятно
Сотору соҕус Халлай үөрбүткөппүт саҥата хабдьыгыраата. Болот Боотур
Ыалдьыппыт бэрт түргэн саҥалаах-иҥэлээх хабдьыгыраабыт киһи буолан биэрдэ. ЖЕ ИОК
Бобуллаҕас куоласкынан хаһыырар былаастаах бардьыгынаан саҥар. Напряжённо-возбуждённым голосом издавать громкий крик. Өрө Харах эмискэ хаһыыра, хабдьыгырыы түстэ. Саха сэһ
1977
Бухатыыр Хаһыытыы, хабдьыгырыы түстэ. Тоҥ Суорун
Баһылайка өрө хабдьыгырыы түһэн баран, халҕаны хайа тэбэн кэбистэ. Н. Павлов

сиэнчэр

сиэнчэр (Якутский → Якутский)

  1. даҕ.
  2. Булкаас хааннаах, икки тус-туһунан боруода холбоһуутуттан үөскээбит. Происходящий от скрещивания двух разных пород (о скоте)
    Эргиллэ түспүтэ, сиэнчэр хара тураҕас аттаах …… Халлай Хабырылла айаннатан дибдийэн иһэр эбит. Болот Боотур
    Сөптөөх усулуобуйаҕа турар ханнык баҕарар сиэнчэр ынах икки тыһыынча киилэттэн ордук үүтү биэрэр кыахтанна. ГНИ СҮөТ
    Сиэнчэр табалар ордук тулуурдаахтар, сотору улааталлар уонна үчүгэйдик уойаллар. ҮҮүДь
  3. Нууччалыы хааннаах, сахалаах нууччаттан төрөөбүт. Рождённый от смешанного брака (напр., якутов и русских)
    Сиэнчэр оҕолор бары ыраас хааннаахтар, үчүгэй дьүһүннээхтэр. Болот Боотур
    Ол [уол] үрдүк, көнө уҥуохтаах, күөх харахтаах, ыраас сэбэрэлээх сиэнчэр уол этэ. Г. Угаров
    [Кизер] наһаа харата суох, биһиги диэки этэллэринэн сиэнчэр диэххэ сөбө дуу, — сүрдээх ис киирбэх уол. ПП ОА
  4. аат суолт. Булкаас хааннаах, икки тус-туһунан боруода холбоһуутуттан үөскээбит сүөһү. Скот, полученный от скрещивания двух разных пород, помесь
    Бэйэбитигэр эмиэ аҕыйах сиэнчэрдэр бааллар. А. Фёдоров
    [Оҕустар] иккиэн сиэнчэрдэр: Абыдал — маҥнайгы, Боотур иккис сүһүөхтэр. Н. Заболоцкай
    Сүөһүлэрин боруодата иккиэннэрин киэнэ сэмэнтээл сиэнчэрдэр. «Кыым»
    ср. бур. зээнсэр ‘правнук, правнучка (по дочери)’, кирг. жээнчэр ‘внучатый племянник или племянница (по женской линии)’