уст. мор среди скота; хара хамсык мор.
Якутский → Русский
хамсык
Якутский → Якутский
хамсык
аат., эргэр.
1. Сүөһүгэ элбэх өлүүнү-сүтүүнү таһаарар дьаҥ. ☉ Мор, падёж скота, эпизоотия. Дьэ, харыһыктаах Хаарыаннаах ийэ дойдуттан Хара арахсыахпар диэри Хара төлөн буоламмын Хамсыгы халбарыттым. Саха фольк. [Порни:] Ыалларым барааннарын үөрүн хамсык хамыйдын, оттон миэнэ үөскээтин-үөдүйдүн… Пьесалар-1960. Омоҕой Баай саҕана сүөһүгэ түһэр үөн-көйүүр олох суох эбит
Кэнники Үрүҥ Айыы үөһэттэн соруйан хамсык оҥорон түһэрбит. БСИ ЛНКИСО-1938
2. үөхс. Киһини сэнээн, үөхсэн этэргэ туттуллар тыл. ☉ Бранное слово
Хайа дойду хамсыгаҕын? ПЭК СЯЯ
♦ Хамсык хараҕын харахтан фольк. — өстөөххүн өлөрөргө-өһөрөргө, кыргарга-кыдыйарга бэлэм буол. ☉ Быть готовым к уничтожению, истреблению врага, не знать пощады к врагу
Мин, кырдьык, өһөгөйдөөх санааны сананан, хамсык хараҕын харахтанан, хахай хаанын хааннанан барарга олоробун. Далан
Дагдаҕар баатыр диэн харса хабыра суох бөтөс: «Утарсар баар буоллаҕына утарсыахпыт, …… хамсык хараҕын харахтаныахпыт буоллаҕа дии», — диэтэ. «ХС»
ср. бур. хамшаг ‘эпидемия’, тув. камдьык ‘чума, зараза’
Еще переводы:
көхсүкэй (Якутский → Якутский)
көҕүс II диэнтэн аччат. [Моҕой үөн Хотойго:] Хайа эмэ дойдуларым хамсык-хамсык көтөрдөрө Хабырыһан кэлэннэр, чөмчөллүбүт көхсүкэйгин Дьөлө-дьөлө тоҥсуйталаан Кыһыл хааҥҥын иһиэхтэрэ [баара дуо?]. Саха нар. ыр. III
хамсыктаа (Якутский → Якутский)
туохт. Хамсыкка түбэс, өл-сүт (сүөһүнү этэргэ). ☉ Умирать, дохнуть (о скоте)
Хара Тыа олохтоохторо …… халыҥ үгүс табалара хамсыктыаҕын билэннэр халыйан ааһаллар эбит. Далан
аймалҕаннаах (Якутский → Якутский)
даҕ. Айдааннаах, сүпсүлгэннээх; долгуйуулаах, сатарыйыылаах (олох-дьаһах). ☉ Шумный, беспокойный, тревожный (о жизни)
Кыргыс кыыһа кыланна, Илбис кыыһа иэнигийдэ, Хамсык уола хаһыырда Аймалҕаннаах, алдьархайдаах сэрии буолла. Саха нар. ыр. III
Дьэ, аймалҕаннаах обсерваториялар буолар эбиккит, мин биһиги холкуоспутугар эрэ моргуор баар буолуо дии саныыр этим. В. Яковлев
Аймалҕаннаах сыл буолан, Булуҥ, Тиксии, Дьааҥы балыксыттарыгар тиийэр туус кыайан тиэллибэтэҕэ. И. Данилов
иэнигий (Якутский → Якутский)
туохт.
1. Ис дууһаҕыттан тартаран, сөбүлээ; манньыйан умсугуй. ☉ Проявлять, испытывать искренний, душевный интерес, тягу к кому-л.; тянуться, стремиться всей душой к кому-чему-л.
Мин Киэҥ Күөрээйи эбэ иччитэ буолабын, бу эбэҕэ кэнэҕэс киһисүөһү үөскүүрүн көрөн-билэн иэнигийэн эрэбин. Саха сэһ. I. Ньургун Боотур диэн Илэ бэйэбинэн Иэнигийэн кэлэммин, Үс бараан хара күлүккэр Үҥэнсүктэн сүөдэлдьийэн эрэбин. П. Ойуунускай
Айыыһыт хотун Илэ чахчы иэнигийбит үһү. П. Ядрихинскай
Дьэ, нохоо, бэркэ иэнигийдиҥ, арай биир оҕус төбөтүнэ ыл. А. Сыромятникова
2. Тэнийэн, тарҕанан, сабардаан кэл. ☉ Распространяться, растекаться, расползаться; накрывать собой
Хаар уута халыйда - иҥнэстигэс диэки иэнигийдэ, Таҥнастыгас диэки таласта, Сүнньүн булан сүүрүктэннэ. Өксөкүлээх Өлөксөй
Төһө даҕаны Ийэ сирбитигэр иэдээн илбиһэ иэнигийбитин иһин, олох силиһэ быстыа суохтаах. Софр. Данилов
Эрдэҕэс улар кыылым Эрбийэтин түүтүн курдук, Эбир дьаҕыл былыт Иэнигийэ тэнийэн таҕыста. П. Ядрихинскай
△ Тохтоо, олохсуй. ☉ Останавливаться (временно расположиться, поселиться где-л.); обосноваться, селиться
Оройум үүтүнэн Оһол олохсуйдун! Илиим иһигэр Илбис иэнигийдин! П. Ойуунускай
Бааллара хайыыүйэ Парнаска ыттыбыт Иэйии таптаан иэнигийэр Имэҥнээх поэттарбыт. С. Тарасов
3. Ыараханнык унаарыйа дуораһый (саҥа, дорҕоон, тыас). ☉ Разноситься, доноситься громко, протяжно (о звуке, речи, смехе и т. п.)
Кыргыс кыыһа кыланна, Илбис кыыһа иэнигийдэ, Хамсык уола хаһыырда, Аймалҕаннаах-алдьархайдаах сэрии буолла. Саха нар. ыр. III
Үгүс тыас Өрө ньиргийэн иһилиннэ, Элбэх тыас Ийэ сиргэ иэнигийдэ. С. Зверев
Дойду иччитэ Аан Алахчын хотун аҥаатынна, Иэйэхсит хотун иэнигийдэ, Айыыһыт хотун алынна, Ынах айыыта ыҥыранна, Сылгы дьөһөгөй иҥэрсийдэ. П. Ядрихинскай
түһүлгэ (Якутский → Якутский)
аат.
1. Дьон тохтоон түһүүлэммит, быстах олохсуйбут сирэ. ☉ Место обитания, становище, стойбище
Отуу кэтэҕэр, хойуу талах хоту хонноҕор, элбэх дьон түһүлгэлэрэ кэрэлэнэн сытар. Р. Кулаковскай
Ол хочоҕо баһаам элбэх түһүлгэлэр бааллара. Эвен фольк. Аллараа Кураанах — өҥ буордаах, бараммат-хороммот барҕа баайдаах, дьоллоох түһүлгэ. «ХС»
2. Сиэри-туому толорон түөлбэлээн мустар, чэчир, салама киэргэтиилээх ыһыах ыһар сир. ☉ Место проведения якутского национального праздника ыһыах, украшенное зеленью и другими атрибутами, где проводится церемония кумысопития
Онтон ыла сайын кэлиитигэр кымыс көйөрөн, ас бэлэмнээн, түһүлгэ тэрийэн, үйэттэн үйэҕэ үгэһи тутуһан, сиэр силигин толорон, ыһыах ыһыллар буолбут эбит. Саха нар. ыр. II. Биир сайын Эллэй Боотур чэчир анньан, сиэлинэн, ситиинэн симээн, сэргэ туруортаан, түһүлгэ диэни оҥорон, онно сылгы, ынах кымыһын мунньан, Үөһээ бары айыыларын, сөһүргэстээн олорон уруй охсон, алгыыр
Саха фольк. Көр бөҕө көҕүлүттэн тутуллан, Оонньуу бөҕө оройуттан харбанан Түһүлгэ төрүттэннэ. С. Зверев
3. Дьон мустан тугу эмэ ыытар, күрэхтэһэр сирдэрэ. ☉ Место для проведения каких-л. мероприятий, спортивных соревнований
Успуорт дыбарыаһыгар көҥүл тустууга күрэхтэһии түһүлгэтэ. Н. Лугинов
Ат сүүрдүүтүн кэнниттэн оһуохай түһүлгэтэ саҕаламмыта. Ойуку
Үүнүү-күүрүү быйаҥын барҕардар, Үөрүү-көтүү халлаанын сырдатар Ас-чаллараҥ түһүлгэтин Аан бастаан тардабыт. С. Васильев
Ыраата сылдьаммын ахтабын — Ыһыахха түһүлгэ далбарын, Күөн көрсөн, бөҕөс дьон тустуутун, Күйгүөрэр оһуохай оонньуутун. И. Федосеев
◊ Дьол (дьол-соргу) түһүлгэтэ – дьон түмсэр, үөрэр-көтөр, дьоллонор сирэ. ☉ Место, где люди радуются, веселятся, находят своё счастье
Дьол-соргу түһүлгэтин Чэйиҥ эрэ, тэнитиҥ! Баал Хабырыыс
Киэҥ Туймаада ийэ хотун Дьол түһүлгэтэ буоллун, Уот кураан, хамсык түспэтин, Дьоллоннун кыыһыҥуолуҥ. И. Эртюков
ср. тув. дүжүлге ‘престол’, туркм. дүшелге ‘стоянка, место стоянки’
үйэ (Якутский → Якутский)
- аат.
- Сүүс сыл. ☉ Век, столетие
Сүрэхпэр биирдэ сайан киирдэ Сүүрбэһис үйэм салгына. С. Данилов
Биһиги саҥа үйэҕэ үктэннибит. В. Протодьяконов
Онтон ол уон ахсыс үйэ ортотун диэки Киһилээн Куохаан сүрэхтэнэн, аата Микиитэ диэн буолбут. МНН - Киһи олоҕун устата, уһуна. ☉ Продолжительность жизни человека, век
Ким хамсыыр-имсиир, үлэҕэ мускуллар — ол үйэтэ уһуур. Н. Габышев
Киһи эдэр сылдьан үйэтэ хаһан да бүтүө суоҕун курдук туттар да, киһи олоҕо хараҥҥаччы көтөн элэс гынарын кэриэтэ эбит. Софр. Данилов
Наһаар оҕонньор уолугар олорон үйэтин барыырдыы, тыа олоҕуттан араҕан, куоракка ньим-бааччы олохсуйда. Дьүөгэ Ааныстыырап
△ Туох эмэ мал төһө уһуннук баар буолан сылдьарын устата. ☉ Срок годности чего-л. (напр., одежды)
Оокком, бу таҥас үйэтигэр тиийбэккэ, баран хаалбыта баар. Амма Аччыгыйа
Бу бинсээги ылан биэрбит киһи, уларса кэттэҕинэ, көстүүмүн үйэтэ уһуо этэ. В. Ойуурускай - Ханнык эмэ оһуобай уратыларынан бэлиэтэнэр историческай кэм устата, кэрдиис кэм. ☉ Период времени, эпоха
Тиэхиньикэ үйэтин киһитэ, авторучкалаах инигин? Н. Габышев
Аатам уонна электроника үйэтигэр сүлүүдэ олус суолталаах. И. Данилов
Дьэ, бу космос үйэтигэр Аҕыйах чаастаах айан. Баал Хабырыыс - Уруулуу дьонтон утумнанан барар көлүөнэ. ☉ Поколение, колено
Уруккута биһиги, Үйэттэн үйэҕэ Эһэлээх эбэ саҕаттан Чохчолообут дьоллоох баайдарын, Муспут бойум харчыларын, Халыым хамсык туттараары Халаабыс муҥунан симинэннэр Хайыы үйэҕэ кэлэн Халҕан дьиэли аспыттар эбит. С. Зверев
«Хабырыыһы кытта биир үйэ арахсыбыт уруу», — диэн [бандьыыттар Хопто уолун босхолоотулар]. Эрилик Эристин. Оҕонньоттор кэпсииллэринэн, биһиги өбүгэбит, элбэх киһи үйэтин анараа өттүгэр, Өлүөхүмэттэн көһөн кэлбитэ үһү. Багдарыын Сүлбэ - сыһ. суолт. Тардыылаах түһүктээһин сыһыарыы түһүгүн форматыгар «сааһыгар, хаһан да». ☉ В форме дательного падежа притяжательного склонения приобретает наречное значение «никогда в жизни»
Бу туохтан үйэтигэр Үөрбэтэҕин үөрэн, Дьокуускайым күн бүгүн Ыллаан-туойан эрэр? Эллэй
Хаппытыан үйэтигэр быар куустан олорбута суоҕа. А. Сыромятникова
Аида мыыла диэни үйэтигэр көрбөтөх-билбэтэх буолан, муодарҕаабыта. И. Федосеев
♦ Мутугунан быраҕар муҥур үйэ көр муҥур
Мантыката даҕаны, аҕата бокуонньук мутугунан быраҕар муҥур үйэтигэр мунньаахтаабыт баайын-дуолун кыайан буойа-хаайа тутар дуу, суох дуу? Суорун Омоллоон
Мутугунан быраҕар муҥур үйэбэр сырыым-айаным дууһабын дуоһуппута, сүрэхпин үөрпүтэ, сүргэбин көтөхпүтэ. «ХС»
Өлөр үйэтигэр көр өл I. Ээ, кырдьык, дьэ, оҕонньотторбут өлөр үйэлэригэр, кырдьар саастарыгар биирдии үчүгэй ырыаны, ахтыах-саныах курдук, ыллыахтара буоллаҕа дии. Эрилик Эристиин
Эн кырдьар сааскар, өлөр үйэҕэр соҕуруу дойдуну көрөн хаалыаҥ, бэйэҕин да көрдөрүөҥ этэ буоллаҕа дии. Далан
Үйэҕин (сааскын) моҥоо көр моҥоо. Мин сынньалаҥнык олорон, талбытынан аһаантаҥнан үйэбин моҥуохпун баҕарабын. А. Сыромятникова
Ийэлээх аҕата бэлэхтээбит эт мэйиитинэн, таһыттан таммаҕы эбиммэккэ эрэ үйэтин моҥоотоҕо. А. Софронов
Холкуос бастаан тэриллиэҕиттэн үйэтин моҥуор диэри хонуу үлэһитэ, холкуос биригэдьиирэ этэ. «ХС». Үйэ туолбут — кэм-кэрдии уларыйан, туох барыта төрдүттэн атын буолбут, тиэрэ эргийбит. ☉ Наступили другие времена, всё поменялось, перевернулось с ног на голову
Ити дьон дьэ тугу дьүүллэһиэхтэрэ-дьүһүннүөхтэрэ үһү. Үйэ туолбута, дьэ чахчы эбит. Болот Боотур
«Үйэ туолан араас дьон кинээстээннэр. Ити Кынаачай күтүр, дуобат саҕа бэйэтэ, эчи уоҕун-кылынын», — Афанасий Сидоров оҕонньор Еремеев диэки хайыста. М. Доҕордуурап
Үллэр үйэтигэр (үйэтин туха- ры) — саллар сааһыгар диэн курдук (көр салын I). Билигин кини үллэр үйэтигэр билбитин-көрбүтүн бэйэтин сиэнигэр биэрэр. А. Кондратьев
Атааннаах-мөҥүөннээх аан дойдуга маннык кырыыстаах хара суор буолан халаастыы сылдьарын саллар сааспар, үллэр үйэбэр итэҕэйиэ суох этим. Е. Неймохов
Кини үллэр үйэтин тухары үс ынахтан ордук сүөһүлэммэтэх. С. Никифоров
◊ Бу үйэҕэ көр бу I
Бу үйэҕэ сылдьыбыт талаһам этэ. Ону баара кыыһыран титирэстээн мүччү үктээтэҕим дии. М. Доҕордуурап
[Ааныка:] Ол Мэхээлис оҕонньор хайдах эйиэхэ балыгы ыһыктыбытай? Бу үйэҕэ балык бэрсэн өҥөлөспөт этэ. С. Ефремов
Былыр үйэҕэ көр былыр. Ол иһин кини обургу үөнэ-күрдьэҕэтэ баппакка, ити былыр үйэҕэ ааһан хаалбыты түбэһиэх ахтар бэйэлээх буолсу дуо? Н. Лугинов
Кыргыс үйэтэ көр кыргыс. Уоһук, ардыгар, олонхолуу Оһох иннигэр оллооннуур, Былыргы быһылаан, охсуһуу. Кыргыс үйэтин ойуулуур. Дьуон Дьаҥылы. Таас үйэ — киһи-аймах сайдыытын бастакы кэрдиис кэмэ: оччотооҕу дьон туттар сэптэрин-сэбиргэллэрин тааһынан оҥостоллоро. ☉ Каменный век
«Былыр таас үйэ саҕана, — диэн бэрт ыраахтан саҕалаатым, — бастакы дьон наар эт-хаан көрдөбүлүнэн: тоҥнохторуна — итиигэ тардыһан, аччыктаатахтарына — бултаан аһаан, бэрт судургутук олорбуттара». Н. Лугинов
Дьон үлэ орудиеларын тааһынан оҥосто сылдьыбыт кэмнэрин бүтүннүүтүн таас үйэтэ диэн ааттанар. КФП БАаДИ
ср. монг., бур., тув., алт. үе, үйе ‘поколение; сустав; век (эпоха)’
илбис (Якутский → Якутский)
- аат.
- миф. Сэрии, охсуһуу-иирсээн, хаан тохтуутун таҥарата; сэрии, охсуһуу, хаан тохтуутун иччитэ (былыр сэриигэ киирээри туран Илбистэн эбэтэр Илбис кыыһыттан ойуунунан көрдөһүннэрэн кыргыс сэптэригэр илбис иҥэртэрэллэрэ). ☉ Бог войны, единственный бог, имеющий одну дочь (Илбис кыыһа) и одного сына (Оһол уола); дух кровопролития, войны, раздора (в древности, готовясь к войне или сражению, якуты просили шамана, чтобы он вселил в оружие илбис, для чего шаман обращался с призывом и мольбой к богу Илбису и его дочери Илбис кыыһа)
«Өскөтүн мин аатым ааттанар да эбит буоллаҕына - өйбүттэн аатырыа суоҕа, кыа хаан олбохтоох кыргыс илбиһэ буолан аатырыаҕа», - диэн Александр Македонскай тыл эппитэ үһү. П. Ойуунускай
Ким түһүлгэбит ортотугар хааннаах хойгуону бырахпытай, илбиһи ыҥырбытай, Аал луук маспыт соҕуруу төрдүгэр биитэ суох, хааннаах килиин сүгэтин батары охсубутай, симэһинин сүүрпүтэй, көтөхпүт чорооммутун дьалкыһыппытай? Суорун Омоллоон - Охсуһуу, кыргыһыы үлүскэнэ, кыргыһыынан ииригирии; өлөрсүүгэ-хааҥҥа баҕарыы, умсугуйуу. ☉ Неистовство, исступленная жестокость, зверство, кровожадность; страсть к убийству, войне
Гитлер сидьиҥ, эн тыыҥҥын быһар Илбиһи тарта, Эн күҥҥүн көмөр Күүстэри түмнэ. Күннүк Уурастыырап
Туолбат иҥсэ торҕон баайдар Тууһугура тэриллэн, Эмиэ хааҥҥа имэҥирэн Илбис тардан эрэллэр. И. Чаҕылҕан
Илин сирбитигэр иҥээҥнээн, Иэдээннээх илбис эҥэрдэммит Өрдүнэн өрө өрөкүҥнээн, Өлүү дьөһүөлэ көтөллөммүт. С. Зверев - көсп. Өрө күүркэйии, көх-күүрээн, үлүскэн; курдаттыы тартарыы. ☉ Одержимость чем-л., страстное влечение к чему-л.
Айаалга Айыы Сээн өлөр монологар мин кини «Кыһыл ойуунун» уонна Пушкин «Кынчаал» диэн хоһоонун илбиһин, имэҥин киллэрэ сатаабытым. Суорун Омоллоон
Ырыа илбиһэ киирдэҕинэ - Биһи дьоллоох оҕолорбут, Кэлэн иһэн кэҕиннэҕинэ - Утуйар уубутун умнабыт. С. Данилов
Айымньы илбиһэ күүдэпчилэннэ, хаҥас болкуон диэки үп-үрүҥҥэ сууланан толуукан көрүҥнээх, хотун-хаан, араҥаччылыыр аанньал курдук, туналыйан олорор... Н. Лугинов
Айар илбис ыалдьыттыырын Аны бүгүн күүтүө суохпун. В. Гольдеров. Тэҥн. имэҥ - даҕ. суолт. Хаанымсах, хааҥҥа баҕалаах (кыргыс сэбин туһунан). ☉ Кровожадный (употр. как эпитет, характеризующий боевое холодное оружие)
Хааннаах халыҥ куҥнаахха Хабырынан хаахтаабытынан түһэр Хатан илбис биилээҕи Кыһыл субай хааҥҥа Кыдьыгыран кыламмытынан түһэр Кыырыктаах кылаан илбис биилээҕи, Отут биэс биис ууһугар Оҥоро олордун диэннэр Кытай Бахсылааны оҕонньору Кыырыктаах үс уус төрдө буол диэннэр Олохтообуттара эбитэ үһү. П. Ойуунускай
◊ Домноох илбис - тыл күүһүнэн, тыл иччитинэн алдьархайтан быыһыыр илбис. ☉ Вещие слова, отводящие беду от кого-л. своей таинственной силой, особой силой внушения
Доом-эрэ-доом!!! Алдьархайдаах аан дайдыбар Ахтар айыым дьоно Ытыыр ынчыктыыр күнүгэр Ымыы чыычаах буолан Алдьархайтан аралдьытар Аччылаах аргыһым Дорҕоонноох тойугу туойан Домноох илбис буоллун! П. Ойуунускай. Тэҥн. хомуһун илбис. Дьалыһын илбис - бэйэтин күүстээх-уохтаах дьайыытынан угуйан, сөрөөн илдьэ бара турар илбис. ☉ Дух кровопролития, увлекающий силой своего магического действа
Өһөгөйдөөх Өлүү Чөркөчүөх Өлүүтүн өрө көбүппүт Дьалыһын илбис, Далаҥ сайгыыр …… Улуу дойду Уоттаах уһуга диэн ол буолуохтаах. П. Ойуунускай. Идэмэрдээх илбис - иҥсэлээх, оботтоох, ымсыы илбис. ☉ Алчный, прожорливый дух кровопролития
Тыһы хахай кыылым Тыыллар иэнин иҥиирин Тыыра баттаан ылан Иирэр илбис иҥиэрчэлэммит, Идэмэрдээх илбистэммит [муос саа]. П. Ойуунускай. Тэҥн. кытыан илбис, мэнэгэй илбис, соллоҥ илбис. Иирэр илбис - үүнэ-тэһиинэ суох кыырыктаах, наһаа суостаах илбис. ☉ Бесноватый, неистовый дух войны, кровопролития
Уон оҕус тириитин тэлэн, иирэр илбис оҥостубуттар [урааҥхайдар]. Саха фольк. Икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх Иирэр илбиһэ, хара кырыыһа, Солото-сокуона суох буолбат, Соро-муҥа суох сылдьыбат... П. Ойуунускай
Иирэр илбис идэмэрдээх Иккис Гитлери ииттэриэхпит суоҕа! Күннүк Уурастыырап. Илбис иҥэрии итэҕ. - былыр кыргыһыыга барыахтарын иннинэ биир уолу эбэтэр оҕонньору үҥүүлэринэн үөлэн уонна тобулута ытыалаан сэптэрин хаанныыллара. Ол кэннэ ойууну кыырдаран үөһэттэн Илбис кыыһын түһэртэрэллэрэ. Өлөрбүт дьоннорун сүрэхтэрин-быардарын ылан ыһаарылыыллара. Сэриигэ баралларыгар хололоһон, соргу көтөхтөрөн диэн өрө ыстанан бараллара, батыйаларынан тиити охсоллоро. Киһиэхэ барытыгар илбиһи иҥэрбэт этилэр, эт-хаан, күүс-күдэх өттүнэн сиппит киһиэхэ эрэ илбиһи иҥэрэллэрэ. ☉ Древний обряд: перед межродовыми или межплеменными сражениями в лагере каждой из противоборствующих сторон убивали, проткнув копьем, одного соплеменника (обычно старика или слабейшего воина)
Копье каждого воина обильно смачивалось кровью убитого, наделяя хозяина копья воина духом кровожадности. После этого камлал шаман, взывая к богине войны Илбис кыыһа о ниспослании мужества воинам и победе над врагами. Сердце и печень принесенного в жертву соплеменника жарили. Перед самой битвой, подняв копья вверх и подпрыгивая попеременно на обеих ногах, воины танцевали танец счастья и благополучия, стуча копьями по растущему дереву. Духом кровожадности наделяли только взрослого мужчину, обладающего достаточной силой, ловкостью, способного противоборствовать врагу. Утуйа сытар ыалдьыттарын кэрээнэ суох Кэрдэрин бопсубут буруйбар Аҕам миэхэ бэрт сотору Илбиһи иҥэртэриэх буолан саанар. И. Гоголев
Илбиһи иҥэртэрдэххинэ аҕаҥ суолун солуоҥ, Аргыардаах дьыбар тыыннаныаҥ, Өлөр өлүүнү кытта хоонньоһон утуйуоҥ. И. Гоголев. Илбис кыыһа миф. - сэриини, охсуһууну, хаан тохтуутун үөскэтэр дьахтар таҥара (Илбис таҥара кыыһа); сэриини, охсуһууну, хаан тохтуутун үөскэтэр дьахтар иччи (сэриини, охсуһууну, хаан тохтуутун эрдэттэн билэн Илбис Кыыһа кыргыһыахтаах дьоҥҥо имэҥи, үлүһүйүүнү, охсуһууга-кыргыһыыга тулуйбат-тэһийбэт баҕарыыны үөскэтэр). ☉ Богиня войны; дух насильственной смерти (предвидя приближение войны или смертельной схватки, она сеет раздор, разжигает страсти). Кыргыс кыыһа кыланна, Илбис кыыһа иэнигийдэ, Хамсык уола хаһыырда, Аймалҕаннаах Алдьархайдаах сэрии буолла. Саха фольк. Былыр эр соҕотох Эллэй Боотур, Илбис кыыһа элбэхтик энэлийбит Хоро сириттэн бырах оноҕостуу, Сылайан кэлэн бу эбэ хотун Дьоллоох добун буорун булбута. И. Гоголев
Ойууннара ортолуу кыыран иһэн: - Туох үлүгэрэй! Арыылаах эбэ хотун ортотунан Илбис кыыһа ыллаан киэҥ халлаан өрөһөтүнэн төттөрү-таары битийэн ааста. Эрилик Эристиин. Илбис ыҥырыы (тардыы) итэҕ. - илбис иҥэрии сороҕо: кыргыһыыга барыах иннинэ ойуун кыыран Илбис кыыһыттан ааттаһан охсуһууга хорсун, харса-хабыра суох буоларга уонна өлөрсүү, хааҥҥа баҕарыы имэҥин иҥэрэргэ көрдөһүүтэ. ☉ Часть древнего обряда илбис иҥэрии: взывание, мольба шамана к богине войны Илбис кыыһа о ниспослании мужества в борьбе с врагами и вселении в воинов страсти к битве и убийству
Бүтэйдээххэ тиийбитэ, хаһыы-ыһыы диэн, ойуун кутуруута диэн, өлөн эрэр сылгы саҥата диэн туох да сүрдээх үһү. Саһан көрбүтэ: икки ойуун илбис ыҥыраллар эбит. Саха сэһ. II. Имэҥнээх илбис - хааҥҥа наһаа баҕарар, хааҥҥа наһаа күүстээхтик дьулуһар, тардыһар илбис. ☉ Дух войны, одержимый страстью к убийству, жаждущий крови
Күнүм тахсыыта, күүстэрин киллэрэн, Күлүктээҕи сүтэрэр, барыҥныыры баратар Имэҥнээх илбистэ иҥэрэн кэбиһиҥ! П. Ойуунускай
Соххор-доҕолоҥ кулут кырыыһын Солбонутар күнүгэр субай хаанынан Имэҥнээх илбискин хаахтатан хаһыытаар. П. Ойуунускай. Кудай илбис - биир кыргыһыыттан, биирдэ хаан тахсарыттан сөп буолбат илбис. ☉ Ненасытный, алчный дух кровопролития
[Ала Дьаргыстай обургу] Тоҕус уон тоҕус Кудай илбис Кулаҕайынан кубулҕаттаммыт Аҕыс садарах моҕой Атара тимирин [өндөтөн, аартык аанын аста] Алахчын хотун олоро түстэ. П. Ойуунускай. Тэҥн. тоҥсук илбис. Күрсэр илбис - кими эмэ кытта өстөһөр-харсыһар илбис. ☉ Враждующий с кем-л. дух кровопролития
Орто аан дойдум олоҕо Оһоллоох уйата долгуйар Хааннаах дапсыыр турдаҕына, Хаантан харбат, бөлүөхтэн бөппөт Күрсэр илбис сүлүһүннэммит, Күлэр эмэгэт күүстэммит Охсор обот уот болотунан Оонньуур болуо сүрэхтиэм дуо?! П. Ойуунускай. Кытыан илбис - саамай хаанымсах илбис; улахан охсуһууну-өлөрсүүнү, элбэх хааны сөбүлүүр илбис. ☉ Самый кровожадный дух войны; дух кровопролития с неутолимой жаждой крови
Өстөөх-фашист үөрдэрэ …… Кытыан илбис кыттыгастаах, Кыа-хаан суунаҕалаах Кырыктаах кыргыһыы ыспыттарыгар …… Күн көкөттөрө Көмүскэлгэ турдулар. Саха нар. ыр. III. Тэҥн. идэмэрдээх илбис, мэнэгэй илбис, соллоҥ илбис. Мэнэгэй илбис - оботтоох, хааҥҥа наһаа баҕарар илбис. ☉ Прожорливый, кровожадный дух войны
Бэргэһэ быатын саҕа Мэнэгэй илбистэр Мэнэрийэ күөччэхтэннилэр... П. Ойуунускай. Тэҥн. идэмэрдээх илбис, кытыан илбис, соллоҥ илбис. Охсор илбис - өлөрөр-өһөрөр илбис. ☉ Поражающий дух войны
Ой кыылым уорҕатын чулуутунан Охсор илбис киристэммит, Торҕо-түрбэ бэйэлээх Томоонимээн дойду Тордохтоох туоһунан тордоммут [муос саа]. П. Ойуунускай. Соллоҥ илбис - топпот, наһаа оботтоох илбис. ☉ Чрезвычайно жадный, ненасытный дух кровопролития
Соҕуруу сорсуннаахтарын Соллоҥ илбис мэнэгэйдэрэ Сотуун өлүү курдук Салбанан түһэн Сатыылаабыт эбит. П. Ойуунускай. Тэҥн. идэмэрдээх илбис, кытыан илбис, мэнэгэй илбис. Сүлүһүн илбис - 1) күүстээх дьайыытынан дьаат курдук сүһүрдэр илбис. ☉ Ядовитый, отравляющий ядом дух кровопролития
Сүллэр этиҥ ньиргиэрдэммит, Сүлүһүн илбис дугуйдаммыт Сүҥ байҕал түгэхтэммит …… Орто дойду оҥоһуллубута үһү. П. Ойуунускай; 2) сытыытык дьайар имэҥнээх илбис. ☉ Сильно воздействующий на кого-л. дух страсти, одержимости
Сүрэҕим баҕатын толору Сүлүһүн илбискэ иҥэрэн, Мин туойар дорҕоонноох тойугум Дуорайан тиийэннэр иҥниннэр. П. Тулааһынап. Тоҥсук илбис - атынтан атын кыргыһыыныохсуһууну, бииртэн биир хааны көрдүүр илбис. ☉ Дух кровопролития, жаждущий вновь и вновь свежей крови
Кыырыктаах биилээхтэн Кылаанын кырыйан ылан, Тоҕус уон тоҕус Тоҥсук илбис туойбут Умсулҕаннаах уһуктаахтан Уһугун чээрэтин тоноон ылан Холбоон-илбээн, Хоптоон-дьиптээн, Хахай кыыл хайҕахтаах быарын Ханныгар хатарыллыбыт [Уһун сула турба батас]. П. Ойуунускай
Аартык иччитин аҕыс халлаан аҕыс сүүс улуу ойууттарын тоҥсук илбис тойуктара иҥмит аҕыс хос килиэпсэ тимир куйахтара сииктэринэн аппас гынна, тус-туһунан арахсан түһэ сыстылар. Д. Апросимов. Тэҥн. кудай илбис. Хааннаах илбис - хаан тохтуутун, хааҥҥа баҕарыы иччитэ, илбиһэ (илбис диэни күүһүрдэр поэт. эпиитэт). ☉ Дух кровопролития, кровавый дух войны (хааннах выступает как синоним слова илбис, усиливающий его знач. поэт. эпитет)
Хара хапсык хаҥыл дьайын, Хааннаах илбиһин иҥэрдэҕим буоллун. П. Ойуунускай
Күн-түүн өлөрсүү сатата Өрө күүрэн өрөкүйэр, Хааннаах илбис иэнигийэн Хабыр кыргыһыы кытыастар! Күннүк Уурастыырап
Кини - Хааннаах илбис кыыһа буолбатах, Мөҥүө модун Кыргыс эрэ кырдалынан Кынаттана кыырыгырбатах. А. Абаҕыыныскай. Ходьоҥ илбис - киһини сүгүн олорпот илбис; күүскэ баҕарыы, имэҥ илбиһэ. ☉ Страстный, беспокойный дух; дух, вселяющий в кого-л. страстное, чувственное влечение
Үс саха төрдүн Үөскэтэргэ ыйыллыбыт, Түөрт саха төрдүн Төрөтөргө анаммыт Хороҥ айыылара холбоммут, Ходьоҥ илбис иҥиэрсийбит. П. Ойуунускай. Хомуһун илбис - аптаах тыл күүһүнэн дьиктини оҥорор күүстээх илбис. ☉ Дух, обладающий магической, чудодейственной силой слова
Холоруктаах уот-буурҕа хоһоонноругар Коммуна олоҕун чугдаара туойаллара Хомуһун илбис буолан эппэр-хааммар иҥмитэ. П. Ойуунускай. Тэҥн. домноох илбис
ср. тюрк. иблис 'черт, дьявол'