капуста || капустный; хаппыыста чиэрбэтэ капустный червь.
Якутский → Русский
хаппыыста
Якутский → Якутский
хаппыыста
аат. Сэбирдэхтэрэ хос-хос хатталаһа үүнэн сүрэхтэнэр оҕуруот аһа. ☉ Огородное растение семейства крестоцветных, растущее обычно кочаном, капуста
Хаарыйар оту саҥардыы үүнэн эрдэҕинэ хаппыыста оннугар мииҥҥэ кутан туһаныахха сөп. МАА ССКОЭҮү
Сайын аайы Мария Михайловна салалтатынан оҕолор үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар хаппыыста үүннэриитигэр үлэлииллэр. ПА
Улахан уол Василий сопхуоһугар хаппыыста үүннэрэр звенону салайар. «Чолбон»
◊ Куобах хаппыыстата — суон умнастаах, халыҥ сэбирдэхтээх, элбэх сыллаах от үүнээйи. ☉ Очиток
Молодило, куобах хаппыыстатын сэбирдэхтэрэ эмиэ элбэх симэһиннээхтэр, эттиҥилэр. Онно үүнэйилэр курааны туоруулларыгар көмөлөөх уу саппааһа туттуллар. СМН АҮө
Куобах хаппыыстата күн уотуттан зонтиктыы түүрүллэрин үйэбэр аан бастаан ити көрөн турардаахпын. М. Пришвин (тылб.)
Еще переводы: