аат.
1. Сири аннынан сиэн барар уот (хол., туорпалаах сиргэ өрт ыыттахха). ☉ Подпочвенный огонь, подземный пожар (напр., после пала в торфяной местности)
Көрдүгэн барбыт. ПЭК СЯЯ
Бүөтүр саас өртөөбүт сирин эргийэн көрүөхтээх. Баҕар, ханна эмэ көрдүгэн хаалан алдьархай тахсыа. Р. Кулаковскай
2. Көрдүгэн уота сиэбит сирэ. ☉ Местность, где был подземный пожар; почва, сформировавшаяся после пожара в грунте
Ол умайбыт халыҥ ойуур көрдүгэниттэн күөх ойуур үүммүтэ. Т. Сметанин
3. Уот сиэбит сиригэр үөскээбит дьоҕус гынан баран дириҥ көлүйэ. ☉ Небольшое, но глубокое озеро, возникшее на месте, где был подземный пожар
Мин туран, көрдүгэммин төгүрүйэ сүүрэн тиийэн, тумуһунан киирэн, харса суох уулаан имиттим. Н. Неустроев
Көрдүгэниттэн икки ыаҕайанан уу баһан тахсан иһэр. А. Сыромятникова
4. көсп. Туох эмэ онтон тарҕанар, тэнийэр, мустубут, түмүллүбүт сирэ. ☉ Место, откуда что-л. распространяется, очаг, средоточие чего-л.
Берлиҥҥэ олохсуйбут сэрии көрдүгэнэ икки төгүллээн Европаны бүтүннүүтүн кутаа уотунан умаппыта. Софр. Данилов
Хаҥалас улууһугар ыарыы турбут көрдүгэннэрин хаптаталаабыта. П. Филиппов
Германия, дворяннар уйаларынан туолбут буолан, ороспуонньуктар көрдүгэннэрэ этэ. АЕВ ОҮИ
♦ Көрдүгэн үрдүгэр олорор курдук — туох эрэ куһаҕан буоларын күүтэн, куруук сэрэнэн, биир кэм ньиэрбэҥ күүрэн (сырыт, олор). ☉ Жить как на вулкане
Уорбутун билэннэр кэлэн тутан ылыахтара диэн көрдүгэн үрдүгэр олорор курдук сылдьар. «ХС». Көрдүгэн эттээх — кэбэҕэстик бааһыра, сүһүрэ охсор эттээх, кэбирэх эттээх (үксүгэр оҕо туһунан). ☉ Восприимчивый к кожным заболеваниям (обычно о детях). Көрдүгэн эттээх оҕо