Якутские буквы:

Якутский → Русский

харахтаах

1) имеющий глаза, зрячий; хараҕа суох слепой; 2) имеющий какие-л. глаза, с... глазами; хара харахтаах черноглазый, с чёрными глазами; аҥаар харахтаах кривой, одноглазый; 3) имеющий отверстие отделение, ячею; с... отверстием, с... отделением, с... ячеёй; кыараҕас харахтаах илим сеть с мелкими ячеями; сүүс харахтаах дуобат стоклеточные шашки; үс харахтаах хамыйах уст. большая деревянная ложка с тремя отверстиями (для вычерпывания из котла рыбы, мяса).

Якутский → Якутский

харахтаах

аат.
1. Көрөр; сытыытык көрөр (киһи). Зрячий; обладающий хорошим зрением (человек)
Оҕонньор Дьон кэпсэтэрин иһиллиирэ биллибэт, эбэтэр, былыр, харахтаах эрдэҕинэ хайдах сылдьыбытын санаан, курутуйан олороро биллибэт. Н. Неустроев
«Харахтаах киһи саппын уган кулу эрэ» — диэтэ сымнаҕас куолаһынан. Хомус Уйбаан
Хараҕынан көрбөт, хараҕа суох. Слепой, незрячий
Кини туохтан хараҕа суох буолбутун бэйэтэ да билбэт. П. Ойуунускай
Иһиччит Ньукулай Томторук диэн икки хараҕа суох имииһит оҕонньору кытта кэпсэтэ олорор. Болот Боотур
Ийэтэ икки хараҕа суох, киһи дьүүлдьаабы аахсыбат балай эмээхсинэ. Эрилик Эристиин
2. харыс. т. Киһи. Человек (букв. имеющий глаза)
Саха Бэһиэлэйэп саллар-сааһын тухары мин хара көлөһүммүн эммитин харахтаах бары көрбүт, кулгаахтаах бары истибит суола ини. Амма Аччыгыйа
[Нүһэр Дархан:] Бабат, бу Төрөкөй хара түөкүн Мин уолум Киис Бэргэн сонун Кэтэн турар буолбаат! Харахтаах барыгыт көрүҥ! И. Гоголев
Көмүстэн, муостан, мастан да Саха кэрэни айбытын Харахтаах барыта хайгыыр, Сүрэхтээх барыта сөбүлүүр! Баал Хабырыыс
Туора харах көр туора I
Омолон эбэ балай эмэ киэҥ ахан да, биир да туора харахтаах көрсүбэтэ. П. Ламутскай (тылб.)
Кулгаахтаахха иһитиннэрбэккэ, харахтаахха көрдөрбөккө көр кулгаах. «Харахтаахха көрдөрүмэ, кулгаахтаахха иһитиннэримэ... Мин ыҥырдахпына — ыраах да буоллаххына чугаһаар, суох да буоллаххына баар буолаар, соноҕоһуом» — диэн баран самыытыгар лап гына оҕуста. Саха фольк. Харахтаах көрбөт, кулгаахтаах истибэт сиригэр тиийэн иккиэйэҕин олоруохпут. Болот Боотур. Харахтаах кынчарыйыа, илиилээх охсуо, тыллаах этиэ (саҥарыа) — киһи барыта атаҕастыа (тулаайаҕы эбэтэр дойдутуттансириттэн тэлэһийэ сылдьар киһини, үксүгэр оҕону этэргэ). Все, кому не лень, обидят (о сиротах)
Оҕолорум сордоохтор …… харахтаахтан кынчарыллан, Илиилээхтэн охсуллан, Тыллаахтан этиллэн [муҥнаныахтара]. Өксөкүлээх Өлөксөй


Еще переводы:

одноглазый

одноглазый (Русский → Якутский)

прил. аҥар харахтаах, соҕотох харахтаах.

косоглазый

косоглазый (Русский → Якутский)

прил. кылчаҕар харахтаах, кылар харахтаах.

синеглазый

синеглазый (Русский → Якутский)

прил. күөх харахтаах.

темноглазый

темноглазый (Русский → Якутский)

прил. хара харахтаах.

голубоглазый

голубоглазый (Русский → Якутский)

прил. күөх харахтаах.

зрячий

зрячий (Русский → Якутский)

прил. харахтаах, көрөр.

голубоглазый

голубоглазый (Русский → Якутский)

прил
күөх харахтаах

зрячий

зрячий (Русский → Якутский)

прил
харахтаах, көрөр

черноглазый

черноглазый (Русский → Якутский)

прил
хара харахтаах

черноглазый

черноглазый (Русский → Якутский)

прил. хара харахтаах.