туохт.
1. Илииҥ иминэн бигээн көрөн, сыҕарый, хаамп (хараҥаҕа эбэтэр хараҕа суох киһини этэргэ). ☉ Ходить ощупью (в кромешной темноте или вслепую)
Илиитин иминэн харбыалаһан оһох кэннигэр тиийэн, тааһын тыаһа куугунаабытынан барда. Амма Аччыгыйа
Соҕотоҕун мин түүннэри харбыалаһыа суохпун. У. Нуолур
Хотон баҕаналарын икки ардыларыгар саайыллыбыт туора маһы илиитин иминэн харбыалаһан булла. С. Никифоров
2. Ыксаан-бохсоон, тиэтэйэ-саарайа түргэнник хаамп. ☉ Спешить, торопиться куда-л. Дьон тиэтэйэ-саарайа баксаал дьиэтин диэки харбыаласпыттара. Далан
Мөрүөн самыыры, силбиги кэрэйбэккэ, сиэлии былаастаах хааман харбыаласпытынан барда. Д. Таас
Чолбон тахсаары аан диэки харбыалаһан эрдэҕинэ, оҕонньор тохтоппута. И. Федосеев
3. көсп. Туохха эмэ өрүскэлэс, туох эмэ үчүгэйи ким-хайа иннинэ кээмэйэ суох ыла сатаа. ☉ Стремиться завладеть чем-л. раньше и больше других, проявлять жадность
Бары балыктары тутаары бөкчөҥнөстүлэр, харбыаластылар, биирдии балыгы бобо туттулар. И. Гоголев
«Хаһаайыстыба туһа», — дии-дии Хаһан да харбыалаһыам суох; «Харчы туһа», — дии-дии Хамсаныам, хараҥатыйыам суох. В. Гольдеров
Якутский → Якутский
харбыалас
Якутский → Русский
харбыалас=
1) совм.-взаимн. от харбыалаа =; 2) спешить, торопиться; кини дьиэтигэр харбыаласта он очень торопился домой; 3) перен. ходить ощупью (о слепом).
Еще переводы: