Якутские буквы:

Якутский → Якутский

хобулас

хобулаа диэнтэн холб. туһ. Дьэ онон эһиги билигин иккиэн бииргэ сатаһан үлэлиэххит дуу эбэтэр кистээн атахтаһа, хобулаһа сылдьыаххыт дуу? ПП Дь


Еще переводы:

хобулаһыы

хобулаһыы (Якутский → Якутский)

хобулас диэнтэн хай
аата. Үбүҥ-аһыҥ кэрэгэй буолан истэҕин аайы санааҥ түһэн иһэр, онтон улугуруу, мээнэ мөккүөр, бэйэ-бэйэни хобулаһыы үөдүйэр. Р. Тагор (тылб.)

иһи-хоһу

иһи-хоһу (Якутский → Якутский)

аат. Этиһии-үөхсүү, быдьардык тыллаһыы, хобулаһыы (сэдэхтик тут-лар). Ругань, сплетни, пересуды (редко употр.)
Дьэ, дьыл бачча буолуор диэри туох да этэҕэ-бытаҕа суох, туох да иһитэ-хоһута суох олордулар. ПЭК ОНЛЯ III

көмүллэс

көмүллэс (Якутский → Якутский)

  1. көмүллээ диэнтэн холб. туһ. Бу уҥуоҕу көмүллэс
  2. көсп. Кимниин эмэ хардары-таары үөхсүс, тылынан ыыстас. Браниться, ругаться с кем-л., вступать в словесную перепалку с кем-л.
    Өстөөхтөр-саастаахтар туох үгүс тылын кэпсэтэ туруохтарай? Көрсүһэ түстүлэр да, көмүллэһэн бардылар. ПЭК ОНЛЯ III
    Бэйэбэйэлэрин көмүллэһэ-көмүллэһэ, хардарыта …… хобулаһаллар. Амма Аччыгыйа
    Үрүҥнэр этэрээттэрин моральнай туруга мөлтөх этэ …… хардарыта иирсэн көмүллэһэр буоланнар, ол мөлтөх туругу ордук алларытан биэрэллэрэ. СССБТ