Якутские буквы:

Якутский → Якутский

холдьоҕулун

холдьох диэнтэн атын
туһ. Ыттан холдьоҕуллан Ытыы сыста. Т. Сметанин
Хараҥа түүн сир үрдүттэн холдьоҕулунна — саҕах суһуктуйа сырдаан барда. С. Федотов
Мичикээс сааттаахтык холдьоҕуллан хатыылаах ааны тэбиэлээтэ. У. Ойуур

Якутский → Русский

холдьоҕулун=

страд. от холдьох = выпроваживаться, выгоняться, быть выпровоженным, выгнанным; буруйа суох киһи холдьоҕуллубат зря не выгонят (букв. безвинный человек не выпроваживается).


Еще переводы:

холдьоҕуллуу

холдьоҕуллуу (Якутский → Русский)

и. д. от холдьоҕулун =.

хатыылаах

хатыылаах (Якутский → Якутский)

хатааһыннаах диэн курдук
Аан хатыылаах эбит. Амма Аччыгыйа
Мичикээс сааттаахтык холдьоҕуллан хатыылаах ааны тэбиэлээтэ. У. Ойуур

холдьоҕуллуу

холдьоҕуллуу (Якутский → Якутский)

холдьоҕулун диэнтэн хай
аата. Ким [киһи аата] холдьоҕуллууну, биллэн турар, бэйэтигэр ылыммыта. П. Аввакумов

эймэнис

эймэнис (Якутский → Якутский)

эймэний диэнтэн холб. туһ. Көтөрдөр эрэйдээхтэр мүччү-хаччы төрүү-ууһуу охсоот, оҕолорун дабыдаллара арыычча ситиитэ, холдьоҕуллубут курдук, ытаһан-соҥоһон, тус соҕуруу көтөн эймэнистилэр. Н. Лугинов

хотугу

хотугу (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Хоту туһаайыынан баар, хоту диэки баар. Находящийся на севере, лежащий к северу от чего-л.. Хотугу эргимтэ
Семён Никифоров хотугу оройуоннарга үгүс сыл үлэлээбитин түмүгэр «Туркулаах кистэлэҥнэрэ» диэн сэһэни суруйбута. Софр. Данилов
Ыраах хотугу уһук сир куоратын олоҕо хайдах эрэ сэргэхсийэргэ дылы гыммыта. П. Филиппов
Хотуттан үрэр (тыалы этэргэ). Дующий с севера (о ветре)
Хотугу тыал обургу буорах хараҥа ыыспатын Дьааҥы өрүскэ үрэр. И. Бочкарёв
2. Хоту дойдуга сыһыаннаах, ол дойду киэнэ. Относящийся к северу, свойственный северу
Өтөрдөөҕүттэн олохсуйан олорбут хотугу норуоттар хантан эрэ түүрдүү тыллаах быстах омук ытаһалаан киирбитэ оччотооҕу айанньыттары, наука үлэһиттэрин бэркэ сэргэҕэлэппитэ. Эрчимэн
Хотугу олоҥхо, ырыа, үһүйээн, сэһэн элбэх туспалардаах. Н. Заболоцкай
Училищены бүтэрээччилэр бары хотугу чэпчэтиилэринэн туһаналлар. «Кыым»
Хотугу муора умсааҕа — Саха сирин хоту өттүгэр сайылыыр, хараҥа дьүһүннээх, төбөтүгэр көҕүллээх үөл кус. Гага (сибирская, очковая). Хотугу Муустаах муора (акыйаан) — сир саамай хоту өттүгэр баар мууһунан бүрүллүбүт акыйаан. Северный Ледовитый океан
Дэлэҕэ да саха булчуттара Хотугу муустаах акыйаантан Охотскай муораҕа, Чукоткаттан Хоотункаҕа диэри тэнийэн сытар киэҥ куйаардары киэптии хаамыахтара дуо? И. Данилов
Хотугу өлүү — араҥ 1 диэн курдук. Бүгүн кэлэн Дордуох Ньукулай уоругуттан хотугу өлүүгэ сиэтэн, хол-буутар саартарбыт хоноһо курдук көрүллэн, холдьоҕуллан эрдэҕим. И. Федосеев. Хотугу Сулус астр. — мэлдьи хоту диэки араҕас сулус аттыгар баар улахан сулус. Полярная звезда. Өскөтө эһиги сирэйгитинэн Хотугу сулус диэки турдаххытына, иннигитигэр — хоту, кэннигитигэр — соҕуруу, уҥа өттүгэр — илин, хаҥас — арҕаа. СМНАҮө
ср. др.-тюрк. ходыхы ‘находящийся внизу; нижний’

дьоҕойон

дьоҕойон (Якутский → Якутский)

I
сыһ.
1. Алҕас, сыыһа. По ошибке, ошибочно, напрасно, зря
Бар дьоннор ол иһин этэллэр: «Баар суол - таммах тааһы үүттүүрэ». Кыраны дьоҕойон сэнииллэр, Кыраттан улахан үөскүүр ээ! Л. Попов
Дьон холдьоҕуллар мунньаҕар Дьоҕойон да кэлиллибит. С. Васильев
Сөпкө этэҕин, Сүөдэр, эн олус ыраас санаалааххын, ол гынан баран, ити куһаҕан дьоҥҥо дьоҕойон сөрүөстэҕит. А. Сыромятникова
2. Мээнэ, мээнэҕэ, солуута суох, солуута суохха. Попусту, бесполезно, напрасно, зря
Ас суоҕун чахчы өйдүүр киһи быһыытынан дьоҕойон эппитин билинэн, төбөтүн тарбанаат, түҥнэри эргийэн олордо. Болот Боотур
Быйыл эмиэ дьоҕойон, таах олоруохтааҕар кэллим. С. Никифоров
Дьоҕойон долгуннар Өрүтэ түллэҕит, Дархан очуоска Күүскүтүн эһэҕит. М. Ефимов
II
сыһ. сыһыан т.
1. Саҥарааччы этэр санаатын күүһүрдүүтүн, чорботуутун көрдөрөр (мэктиэтигэр, оннооҕор). Служит для подчеркивания, усиления высказываемой мысли (даже)
Дьоҕойон куртахтыын тоҥмут курдук буолла. П. Ойуунускай
Дьоҕойон куйахата күүрбэхтээтэ. П. Ойуунускай
Хортуоскалара дьоҕойон бүтүн киилэлээхтэр. С. Данилов
2. Ыйытыылаах этии састаабыгар саарбахтыыр, дьиксинэр уо. д. а. дэгэттээх сэрэйиини көрдөрөр (арааһа, баатыгарын). В составе вопросительного предложения выражает предположение говорящего с оттенком сомнения, опасения и т. п. (видать)
Бу туох ааттаах бултаах сирэй, дьоҕойон өлөөрү гыннаҕым дуу? П. Ойуунускай
Дьоҕойон, биһиги женихтэрбит барбыттарыгар үөрбүккүн дуу, хайдаҕый? Суорун Омоллоон
Марыына, оҕо тоҕо эрэ бүтүн санаатын таптарбатах, дьоҕойон, тумуулаабыт дуу, тугуй? «ХС»
3. Этиллэр хайааһын санааны алы гынан, баҕар, туох эмэ түмүктээх буолаарай диэн оҥоһулларын көрдөрөр (санааҕа, санаабар). Служит для выражения того, что действие, о котором говорится в высказывании, совершается лишь для очистки совести, без особой надежды на его положительный результат (в утешение себе)
Корея өҥ быйаҥ сириттэн Кыйдаммыт кырдьаҕас эрэйдээх, Дьоҕойон, далай уу иэниттэн Дьол-соргу көрдөһө кэлбитэ. Эллэй
Санаабытыгар, дьоҕойон, дьиэ туттан, эрээхтээтэхпит. М. Доҕордуурап
Дьоҕойон гынан эрдэҕэ буолуо - мээнэҕэ, туһата суохха эрэйдэнэн эрдэҕэ буолуо. Видимо, зря (напрасно, впустую) старается
[Баһылай:] Аныгы баҕайылар, тугу да бүтэрбэккэ сылдьан, тыллаах сыҥаахтарынан эрэ кынаттанар буоллахтара үһү. Бэйи, тукаам, үөрэнэн, сыһыйан иһиэҥ. Дьоҕойон гынан эрдэҕиҥ буолуо. Манна ийэҥ, аҕаҥ биэбэйдиирэ суох. А. Софронов