Якутские буквы:

Якутский → Русский

холоонноох

равный, достойный; холоонноох доҕоттор достойные друг друга друзья; холоонноох ойох достойная жена; холооно суох а) бесподобный; холооно суох үчүгэй бесподобной красоты; б) бесподобно; холооно суох улахан несравнимо большой.

Якутский → Якутский

холоонноох

  1. даҕ. Кимиэхэ, туохха эмэ тэҥнээх, сөптөөх. Равный кому-чему-л., достойный кого-чего-л.
    Кинилэр диэтэх дьон [Кулун Кулустуур уонна удаҕан] тэҥнээх дьон буолан, дьэ тирэстилэр, холоонноох дьон буолан, дьэ холбостулар [охсуһаары]. ПЭК ОНЛЯ VI
    Бу үрүҥ күн анныгар оҕоҕо холоонноох күндү дьол диэн суоҕа. Софр. Данилов
    Намсыров сааһыгар холооно суох хапсаҕай баҕайытык ойон туран Тулааһынабы кытта дорооболоспута. Далан
    Холоонноох доҕорум Холку киһи, Кыыһырары, кыҥкыйдыыры сатаабат. В. Гольдеров
  2. аат. суолт. Ким эмэ кимиэхэ эмэ тэҥэ, тэҥнээҕэ. Тот, кто равен кому-л., достоин кого-л.. Тэгил дойдуга тэҥнээҕин, хол дойдуга холооннооҕун булбатах (өс хоһ.). Кырдьык хоһуун киһи эбиккин. Онон эн биһиги хол дойдуттан холоонноохтор холбоһон олоруох. Саха фольк.

Еще переводы:

относительность

относительность (Русский → Якутский)

ж. относительность, холоонноох буолуу, холооннооһун; # теория относительности относительность теорията.

достойный

достойный (Русский → Якутский)

прил. 1. (заслуживающий, стоящий) достуойунай, сөптөөх, холоонноох; достойный внимания болҕойорго сөптөөх; быть достойным чего-л. туохха эмэ холоонноох буол; 2. уст. (почтенный) ытыктабыллаах, дьоһун; достойный человек дьоһун киһи.

куорхай

куорхай (Якутский → Якутский)

туохт. Киэмсийбиттии, киэбирбиттии тутун. Важничать, возноситься, гордиться
Хол дойдуттан Холооннооҕум ходьойон холбонон куорхайан туһайда. ПЭК СЯЯ

тэмтэс

тэмтэс (Якутский → Якутский)

тэмтэй диэнтэн холб. туһ. Тэгил дойдуттан тэҥнээхтэр Тэмтэспитинэн бардылар, Хол дойдуттан холоонноохтор Холоспутунан бардылар. П. Ядрихинскай

относительный

относительный (Русский → Якутский)

прил. I. относительна^ холоонноох, тэҥнээн көрүүлээх; относительная истина филос. относительнай истина; 2. ханнык эмэ, оччо улахана суох; относительный успех ханнык эмэ ситиһии; # относительное местоимение грам. ситимниир солбуйар аат.

куотус

куотус (Якутский → Якутский)

көр куоталас
Хотоҕостуу субустулар Аттаахтар, оҕустаахтар, Ыччаттардыын куотустулар Кырдьаҕас холкуостаахтар. Дьуон Дьаҥылы
Урут, күөгэйэр күнүгэр Оргуйар уолусхан уохтааҕа, Холкуос үлэтин күүһүгэр Куотуһар холоонноох дьон суоҕа. Ф. Софронов

арылы

арылы (Якутский → Якутский)

даҕ., поэт. Сырдык, ыраас. Светлый, ясный
Арылы маҥан халлааным Атаан миҥэ арҕаһынан Хаардаах бугул отум холоонноох Тоҕус киилиир түптэбин Унаарыта күөдьүтэн кэбистилэр. С. Зверев
Көрбөккүт дуо ол олорор арылы харах, атара кутурук, алтан сабарай Хомпоруун Хотойу? Суорун Омоллоон

былыттаныы

былыттаныы (Якутский → Якутский)

былыттан диэнтэн хай
аата. Халлаан былыттаныыта салгын температуратын сууккатааҕы хаамыытыгар эмиэ сабыдыаллыыр. МА ФГ. Халлаан былыттаныытыгар салгын сиигирбитин биһиги билбэппит, оттон ооҕуй оҕуска салгыҥҥа сиик мустуута син ардах түһэригэр холоонноох буолар. Л. Толстой (тылб.)

үөҕүү

үөҕүү (Якутский → Якутский)

үөх диэнтэн хай
аата. Алгыыбын …… Үөлээннээхтэриҥ үөҕүүтүгэр кииримэ, Холоонноохторуҥ хоһуутугар сылдьыма, Тэҥнээхтэриҥ сэмэтигэр түбэһимэ. П. Ойуунускай
Ити үөҕүүнү Микиитэ саамай бастыҥ хайҕал курдук иһиттэ. Амма Аччыгыйа
Биһиги аймах ааппытын алдьатан эрэҕин, аны эйигинэн үөҕүү оҥостоллоро хаалла. Суорун Омоллоон

хайдыһыы

хайдыһыы (Якутский → Якутский)

хайдыс диэнтэн хай. аата. Суол хайдыһыыта
Бэлитиичэскэйдэр ортолоругар улахан хайдыһыы тахсар үһү. Амма Аччыгыйа
Кыыс тоҕо хойутаабытыгар кэлэн хайдыһыы буолла. Н. Заболоцкай
Хайдыһыы, атааннаһыы — ыҥырыа уйатын тоҕо тардарга холоонноох. П. Степанов