туохт. Хонон, сынньанан аас, хонукта аһар. ☉ Попутно отдохнуть, заночевать где-л. Тогойкин, холкута буоллар, манна хонон-өрөөн да барыа эбит. Амма Аччыгыйа
Якутский → Якутский
хон-өрөө
Еще переводы:
айгыһыннар (Якутский → Якутский)
айгыһын диэнтэн дьаһ
туһ. Алаһа дьиэни айгылатыҥ Аал уоту айгыһыннарыҥ, Алтан сэргэни анньыҥ. Өксөкүлээх Өлөксөй
Аһаппыт, айгыһыннарбыт Аан чалбар алаастарбын Хайдахтаах минньигэстик Сахалыы манньыйа саныырым буолуой. П. Тобуруокап
Хонон-өрөөн, күүс ылынан ааһыахпын аал уоккун оттон айгыһыннар. Д. Апросимов
кэлтэт (Якутский → Якутский)
кэлтэй диэнтэн дьаһ
туһ. Сураамаҥ! Кимниин сэлэһэн Халлаан ыйын кэлтэппиппин, Хайа уолан хоһооннорбор Хонон-өрөөн турбутун! Умсуура
Хаартыбыт хайабытыгар даҕаны кэлтэтэн биэрбэккэ, тэбис-тэҥҥэ бэрт өр анньыһа олордубут. И. Никифоров
Киһи эрэ куһаҕан буолла диэн кэлтэтэн этэллэр. «ХС»
лотуолаа (Якутский → Якутский)
туохт. Лотуо (лотуота) оонньоо. ☉ Играть в лото
Доҕордоһор ыалыгар Дуоспуруннанан олорон лотуолуур. Өксөкүлээх Өлөксөй
Лотуолаан хойут тарҕаһар дэриэбинэ иллэҥ эмээхситтэрэ сипсиһэллэр. Н. Габышев
Баһаар үлэлээбэт күннэригэр, сороҕор хонон-өрөөн, сороҕор күнүнэн сылдьан лотуолуур. Н. Босиков
нас (Якутский → Якутский)
нас бааччы — налыччы, наҕылыччы, кыһалҕата суохтук. ☉ Спокойно, мирно, неспешно
Нас бааччы олороллор. Ынаҕы эрэ таптааччы Ыанньыксыппыт да, сэрэн, Тапталыҥ туомун нас бааччы Иэттэххинэ би лиэҥ эн. Дьуон Дьаҥылы. Хата нас бааччы налыччы хонон-өрөөн ааһар дьон буоллулар. АаНа СТСКТ
ааһаахтаа (Якутский → Якутский)
аас диэнтэн атаах. Хоболоох дьоруо аттаахтарым хонон-өрөөн ааһаахтыыллар, Кэдьэрэ дьоруо аттаахтарым Кэлэн сылдьан ааһаахтыыллар. Саха нар. ыр. II
Үрүмэччи, үрүмэччи, Үчүгэйкээн үрүмэччи, Алтан окко олорон, Аралдьыйа түһээхтээ, Кэрэ окко олорон Киэргэнээхтээн ааһаахтаа. С. Данилов
Бу кэмҥэ Тиэхээски эрэйдээх Күөл хоту үрдүгэр сир тарыыр, Күөл диэки эргийэн кэлэрдээх, Оччоҕо көрбөхтөөн ааһаахтыыр. Эрилик Эристиин
бэлэхтээ (Якутский → Якутский)
туохт. Кимиэхэ эмэ тугу эмэ босхо, төлөбүрэ суох биэр; бэлэх биэр. ☉ Дарить, давать, вручать подарок
Быйыл Намыын оҕонньор [бултууртан] аккаастанан, туһаҕын, быһытын барытын солбуйааччытыгар Чүөчээскигэ бэлэхтээбитэ. Суорун Омоллоон
Мин кыахтааҕым буоллар, эйиэхэ аан дойду сибэккитин барытын бэлэхтиэм этэ. Софр. Данилов
Итини [быһаҕы] кини Дьокуускайтан, оройуонтан кэлэн хонон-өрөөн ааспыт үтүө доҕотторугар бэлэхтиир. Н. Габышев
дэлэмсий (Якутский → Якутский)
туохт., сөбүлээб. Наадата суохха байымсый, дьэллэм буол. ☉ Быть щедрым, уступчивым, когда этого не требуется. «Аттаргытын сынньата таарыйа сарсын манна кэлэн хонон, өрөөн барыҥ», - диэн дьиэлээх Дьэкиим үөрэ-көтө дэлэмсийэр. Саха сэһ
1977
Ол дэлэмсийэ сырыттахтарына биирдэ өйдөөбүппүт, чэйбит бүтэн хаалбыт этэ. «Чолбон»
Бэйэтин хайҕатарын Куриль олус сөбүлүүрэ: биллэн турар, төһө даҕаны наһаа дэлэмсийбэтэр, онтон ордук амарахсыйара. С. Курилов (тылб.)
күүтүүлээх (Якутский → Якутский)
даҕ. Өр, уһун кэмҥэ ахтыллар, кэтэһиллэр. ☉ Связанный с долгим ожиданием
Билигин аҕай үлэлии олорбут устудьуоннар ити кэтэһиилээх тиһэх чуораан күүтүүлээх үтүө сураҕы аҕалбытыныы үөрэ түстүлэр. Н. Лугинов
Биир сарсыарда күүтүүлээх сыа хаар барахсан сири-дойдуну саба түстэ. М. Попов
Арыт ханна эмэ хонон-өрөөн баран, ийэлээх аҕатыгар күүтүүлээх күндү киһи буолан …… кэлэрэ. П. Аввакумов
кыйырҕас (Якутский → Якутский)
даҕ. Аата-ахсаана биллибэт, муҥура суох элбэх, барҕа. ☉ Несметный, неисчислимый
Бу сытар быар таас быыһа Барыта — кыйырҕас кылаат. Суорун Омоллоон
Лариса Попугаева аспыт «Зарницатын» үрдүгэр былыргы булчут сахалар отуулара, уоттарын онно баара үһү. Бу муҥнаахтар бу кыйырҕас алмаас үрдүгэр хонон-өрөөн баран, түһээн да баттаппакка, ааһа турбут абаккаларын. «ХС»
симиэбийэ (Якутский → Якутский)
аат. Киһитэ-сүөһүтэ суох сиргэ, айан суолун аттыгар айанньыттар хонон-өрөөн ааһалларыгар анаан тутуллар кыра дьиэ. ☉ Избушка, обычно расположенная в безлюдных местах или вдоль трасс, предназначенная для ночлега путников. Күүстээх Уйбааннаах биирдэ Бодойболоон иһэннэр, кэлээччилэр-барааччылар түһэр симиэбийэ дьиэлэригэр хоммуттар. Саха сэһ
1977
Амма Дьаама диэн симиэбийэ Амма өрүһү өҥөйө турара үһү. С. Тумат
Айаммыт суолун устатыгар симиэбийэ дьиэлэргэ, кыараҕас үүтээннэргэ …… хонуталаабыппыт. «ХС»
русск. зимовье