I
даҕ.
1. Имиллибэтэх, хаппыт, кытаанах. ☉ Жёсткий, грубый. Хаҕыс тирии
2. көсп. Элэккэйэ суох, тоҥкуруун, холус. ☉ Недружелюбный, неласковый, чёрствый
Дьахталларбыт олус хаҕыс, хотумсук, куруубай буолан иһэллэр. Н. Габышев
Аҕабыт олус да хаҕыс, Буруйдааҕы таһыйар, Болооччутук дьарыйар. М. Тимофеев
3. көсп. Тымныы, тыйыс, кытаанах (хол., дьыл кэмин туһунан). ☉ Холодный, студёный (о времени года)
Хаҕыс дьылбыт Халбарыйбыт эбит. Өксөкүлээх Өлөксөй
Дөрүн-дөрүн хаҕыс тыал сабыта охсон ааһар. Софр. Данилов
Хаһааҥҥытааҕар да хаҕыс саас буолла. «ХС»
♦ Хаҕыс эҥээрдээх киһи — киһи туохха да сатаан тапсыбат киһитэ. ☉ Человек, с которым невозможно ладить. Ээ, ол кини хаҕыс эҥээрдээх киһи
II
аат., түөлбэ, харыс т. Ыт үрүүтэ. ☉ Собачий лай. Ыт үрүүтүн халымалар харыстаан хаҕыс диэн ааттыыллар