Якутские буквы:

Якутский → Русский

хотуой

см. хотук.

Якутский → Якутский

хотуой

сыһыан т. Кыыс оҕоҕо, ардыгар эдэр кыыска куруубай туһулууну көрдөрөр. Выражает грубое обращение к девочкам, иногда к молодым девушкам (девка, девчонка). Хотуй, хааман ис
Хотуй, ханна сырыттыҥ? С. Ефремов
[Балбаара:] Хотуой, ыл, чэй үүтүн аҕал. Эрилик Эристиин
Тыый, ол эйигин манна туох үүрэн аҕалла, хотуой? Н. Заболоцкай
Хотуой, сүрдээх суолу истэн кэллим. Күндэ


Еще переводы:

хотуй

хотуй (Якутский → Якутский)

хотуой

былдьатаахтаа

былдьатаахтаа (Якутский → Якутский)

былдьат диэнтэн атаах. — Хотуой, Суонньа, уолгун былдьатаахтаатыҥ дии? — Кими? — Оттон Хормуоскаһыт Уйбаачааны. М. Доҕордуурап

хатыай

хатыай (Якутский → Якутский)

көр хотуой
Хатыай, ыл эт эрэ, үөрэниэҥ этэ дуо? А. Сыромятникова

сиргэт

сиргэт (Якутский → Якутский)

сиргэн диэнтэн дьаһ
туһ. Ама мин билигин …… Сидьиҥ өлүү курдук Сиргэппитим иннигэр …… Син Айыыттан айылгылаах Киһи буолабын. Саха нар. ыр. II
[Уол:] Хотуой! Хотуой! Суолтан туораа, аты сиргэттиҥ! П. Ойуунускай
Куртуйахтар субу иннилэриттэн өрө талыгыраһан тахсан аттары сиргэтэллэр. П. Филиппов

ааҕан-суоттаан

ааҕан-суоттаан (Якутский → Якутский)

сыһ. Барыстааҕын, ордук туһалааҕын төгүрүччү ыараҥнатан. Расчетливо, с расчетом, считая выгодным, более полезным (делать что-л.)
«Хотуой, хата эн ааҕансуоттаан кэргэн тахсаар», — муннук остуолга олорор дьахтар төбөтүн өндөппөккө эрэ сүбэлээччи буолла. Сэмээр Баһылай

аҕалтаа

аҕалтаа (Якутский → Якутский)

аҕал диэнтэн төхт
көрүҥ. Араас көрүдьүөстээх, бэргэн тыллары холобур аҕалтаан, биһигини күллэрэрэ, бэркиһэтэрэ. Суорун Омоллоон
Бүөтүр хаппахтарын быыһынан сылаас паарынан өрө тэбэ сылдьар сылабаардары аҕалтаата. Эрилик Эристиин
Хотуой, Малаанньыйа! Ол сүөһүлэри тахсан үүртэлээн аҕалтаа эрэ! Күндэ

адьырҕай

адьырҕай (Якутский → Якутский)

көр адырҕай
Сир ийэ силбиктээх силлиэтин Сирэйгинэн силэйэриҥ, Аан дойду амырыыннаах Адьырҕайыгар атаххынан Атыллыырыҥ буолла, хотуой! А. Софронов
Остуолбалар, ааркалар, кириэппэс адьырҕайдаах эркиннэрэ дьиэлэр күөннэрэ-барыта сүүнэ эниэ иэнигэр тэнийэн көһүннүлэр. В. Короленко (тылб.)

дьаҕырыйардыы

дьаҕырыйардыы (Якутский → Якутский)

сыһ. Дьаҕырыйар курдук. Осуждающе, угрожающе
[П.А. Ойуунускай] бэйэтэ ордугун биллэрэ сатаабат, дьаҕырыйардыы, үөрэтэрдии туттубат буолара. Амма Аччыгыйа
«Бэйи оргууй, хотуой!» - Даша уол оҕо курдук дорҕоонноох куолаһынан дьаҕырыйардыы саҥарда. «Чолбон»
«Саҥарба!» - диэн атын куолас дьаҕырыйардыы эппитэ. М. Горькай (тылб.)

куодарыһыннар

куодарыһыннар (Якутский → Якутский)

куодарыс диэнтэн дьаһ
туһ. Хотуой, уолгун наһаа таратаары гыммыккын. Ити Бороскуоп уолун кытта олус куодарыһыннарыма эрэ. Болот Боотур
Дьылҕа миигин үчүгэй хараҕынан көрбөтөҕө. Аһыы ууну кытта куодарыһыннарбыта. П. Чуукаар

таспахтаа

таспахтаа (Якутский → Якутский)

тас I диэнтэн тиэт
көрүҥ. [Аан Далбар:] Нохоо, Мохсоҕол, хотуой, Туллук, Кымыһы харса суох таспахтааҥ, Сыалаах эти кэмэ суох өрөһөлөөҥ. И. Гоголев
Өссө суруйааччы буолан баай гонорары таспахтыыбыт, суон сураҕырабыт. Н. Габышев