Якутские буквы:

Русский → Якутский

хулиган

м. күлүгээн.


Еще переводы:

күлүгүрт=

күлүгүрт= (Якутский → Русский)

побуд. от күлүгүр = 1) затенять, покрывать тенью; затемнять; 2) перен. возводить поклёп, клеветать на кого-л., , очернять кого-л. * */ күлүгэс смешливый. / күлүгээн хулиган. /

күлүгээн

күлүгээн (Якутский → Якутский)

аат. Уопсай бэрээдэги куруубайдык кэһэр, сиэрэ суохтук быһыыланар киһи. ☉ Хулиган
«Арба, эһигини, кулаактары, күлүгээннэри, дьахтар этинэн-хаанынан эргинээччилэри, туох кыайдаҕай, туох умса уурдаҕай?» — диэн Харытыана айдаара түстэ. П. Ойуунускай
Уол киһийдэх эрэли толорботох, хайа күн холбоһуоҕуттан баппат күлүгээн быһыытынан биллэн барбыт. П. Чуукаар
♦ Күлэр күлүгээн кэпс. — киһи аатыттан ааспыт киһи, күлүгээн. ☉ Отъявленный хулиган
Күлэр күлүгээн буолаары гыммыт. — Ол сахха олус үчүгэй оҕо үһү. Онтон ууга уймаммат, илиигэ иҥнибэт күлэр күлүгээн, иһээччи буолан барбыт. Э. Соколов

төбөт

төбөт (Якутский → Якутский)

  1. аат.
  2. кэпс. Наһаа мэник, олус тэбэнэттээх, улдьаа оҕо. ☉ Шалун, озорник, проказник, сорванец
    Үстээх үөдэн, Түөртээх төбөт. Өксөкүлээх Өлөксөй
    Мин кылааспар киһи хайдах да эппитин истибэт, бэйэлэрэ талбыттарынан сылдьар икки төбөт бааллара. Н. Босиков
  3. сөбүлээб. Киһи (оҕо) бөҕөтө, урдус. ☉ Хулиган, хулиганьё
    [Ньукулай оҕо эрдэҕинэ] дьэ сытыы, мэник төбөт этэ. С. Руфов
    Бу дьиэҕэ нэһилиэк төбөттөрө мустаннар, хаартылаан сотуһаллар. М. Тимофеев
    [Дима] төбөтүнэн харахтаах төбөт дьэ булан тиийэр киһи буолуо. С. Федотов
  4. даҕ. суолт. Мэник-тэник, тугу да кэрэйбэт, харса суох (оҕо туһунан). ☉ Озорной, проказливый (о ребёнке)
    Төрөөбүт дойдутугар баппатах төбөт мэниктэр төннөр буоллугут! Эрилик Эристиин
    [Сынаҕы Баай:] Нүһэр Дархан, эн төбөт уолуҥ Мин соҕотох уолбун сирэйгэ оҕуста! И. Гоголев
    [Хатыҥы] Хайа эрэ төбөт уол көччүйэн, Хайыта суруйан ааспыт. М. Ефимов
    ср. кирг. дөбөт, төбөт ‘кобель; волккобель’, ног. тоьбет ‘пёс’