Якутские буквы:

Якутский → Русский

төбөт

баловной, озорной || баловник, озорник.

Якутский → Английский

төбөт

n. urchin, rascal, scamp

Якутский → Якутский

төбөт

  1. аат.
  2. кэпс. Наһаа мэник, олус тэбэнэттээх, улдьаа оҕо. Шалун, озорник, проказник, сорванец
    Үстээх үөдэн, Түөртээх төбөт. Өксөкүлээх Өлөксөй
    Мин кылааспар киһи хайдах да эппитин истибэт, бэйэлэрэ талбыттарынан сылдьар икки төбөт бааллара. Н. Босиков
  3. сөбүлээб. Киһи (оҕо) бөҕөтө, урдус. Хулиган, хулиганьё
    [Ньукулай оҕо эрдэҕинэ] дьэ сытыы, мэник төбөт этэ. С. Руфов
    Бу дьиэҕэ нэһилиэк төбөттөрө мустаннар, хаартылаан сотуһаллар. М. Тимофеев
    [Дима] төбөтүнэн харахтаах төбөт дьэ булан тиийэр киһи буолуо. С. Федотов
  4. даҕ. суолт. Мэник-тэник, тугу да кэрэйбэт, харса суох (оҕо туһунан). Озорной, проказливый (о ребёнке)
    Төрөөбүт дойдутугар баппатах төбөт мэниктэр төннөр буоллугут! Эрилик Эристиин
    [Сынаҕы Баай:] Нүһэр Дархан, эн төбөт уолуҥ Мин соҕотох уолбун сирэйгэ оҕуста! И. Гоголев
    [Хатыҥы] Хайа эрэ төбөт уол көччүйэн, Хайыта суруйан ааспыт. М. Ефимов
    ср. кирг. дөбөт, төбөт ‘кобель; волккобель’, ног. тоьбет ‘пёс’

төбөт баара

сыһыан холб. Ким эмэ (хол., оҕо) тугу эрэ гынарын сөбүлээбэти, сөҕөрү көрдөрөргө туттуллар. Употребляется для выражения неодобрения, удивления по поводу действия, поступка кого-л. (напр., ребёнка): ну и нахал
Төбөт баара, билиҥҥиттэн киһи тылын истиминэ, ийэтигэр этэн биэрбит. М. Доҕордуурап
[Дьөгүөр:] Һы, киһи күлэр даҕаны, биир төбөт баара, миигин, Ньукулай ыраахтааҕы кэмигэр төрөөбүт киһини кытта аахсымаҥ диэн турардаах. И. Егоров
Дьэ төбөттөр диэтэҕиҥ, сарсыарда сүрдээх эрдэ үрэххэ сырсан хаалбыттара. Ч. Айтматов (тылб.)

төбөт диэтэҕиҥ

төбөт баара


Еще переводы:

молодчик

молодчик (Русский → Якутский)

м. разг. төбөт, бөтөс.

шалун

шалун (Русский → Якутский)

м. төбөт, орой-мэник.

озорник

озорник (Русский → Якутский)

м. разг. дьээбэт, тэбэнэт, төбөт.

озорной

озорной (Русский → Якутский)

прил. разг. дьээбэлээх, тэбэнэлээх, төбөт; озорной мальчишка дьээбэлээх уолчаан.

куонай

куонай (Якутский → Якутский)

туохт. Төбөҕүн кыҥнары тутун. Склонить голову набок. Төбөтө куонайбыт

салтас гын

салтас гын (Якутский → Якутский)

салтай диэнтэн көстө түһүү. Этэрбэһин төбөтө салтас гына түстэ

сүөрүс

сүөрүс (Якутский → Якутский)

сүөр диэнтэн холб. туһ. Аҕабар өтүү төбөтүн сүөрүстүм

лэкэриҥнээ

лэкэриҥнээ (Якутский → Якутский)

лэкэрий диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Күлэ-күлэ көрөн-истэн, төбөтө хаххан төбөтүн курдук икки өт түнэн лэкэриҥнии турда. Р. Кулаковскай

сэбэркэй

сэбэркэй (Якутский → Якутский)

даҕ. Арбайбыт, үрэллибит (хол., быа төбөтө, кутурук төбөтө). Раскрученный, взлохмаченный (о конце верёвки). Сэбэркэй сап иннэ үүтүгэр киирэн быстааччыта суох

нуоҕат

нуоҕат (Якутский → Якутский)

нуоҕай I диэнтэн дьаһ
туһ. Татьяна Гаврильевна куудара баттахтаах төбөтүн уҥа саннын диэки нуоҕатан уулусса устун иһэр. Э. Соколов
Дуня төҥкөччү нуоҕаппыт төбөтүн өрө көтөхпөтө. А. Фёдоров
Күөх иирэ нарын төбөтүн Күн диэки оргууй нуо ҕатар. Чэчир-72