сыһ.
1. Тугу эмэ тула, иилии, эргийэ. ☉ Вокруг чего-л., кругом
Эргиччи боотулу бүтэй, биир эмэ сиринэн бүтэй алдьанна да, тута абырахтыыллар. С. Маисов
Төгүрүк кэбиһиилээх от кээмэйин билэргэ, кинини маҥнай сиринэн эргиччи мээрэйдэнэр. КПЫ
Уоҕурдууну үүнэйи умнаһын эргиччи табыгынатаҕыт. ЕАМ ББКП
2. Тула өттүгүн кэриччи (көр). ☉ Вокруг, кругом, во все стороны (озираться)
Кинээс дьиэ иһин эргиччи, кими эрэ көрдүүрдүү, көрүтэлиир. Н. Якутскай
Геннадий иилээн турар күөх тыаны эргиччи көрдө. А. Фёдоров
Бары барыта баар кэҥэс хоһун эргиччи көрүтэлээтэ. Г. Колесов
3. Өрүү, наар, тохтоло суох. ☉ Постоянно, всегда, безостановочно (напр., работать)
[Тыраахтар] Эргиччи түүннэри ньирилиир, Илин, арҕаа ньирилиир. С. Васильев
Эргиччи мииниллэр ат наһаа сылаамсах буолар. ААИ ОБСЫҮ
Тырынкиннар уоллара суукканы эргиччи үлэлиир дьыссааттаах. И. Никифоров
4. Бары өттүнэн, ситэри, дэгиттэр. ☉ Всесторонне (напр., образованный), со всех сторон (напр., иметь выгоду)
«Куһаҕан» оҕолору иитэр кинилэргэ эргиччи барыстаах. Амма Аччыгыйа
Эргиччи билиилээх, сайдыылаах эрэ киһи историяҕа саҥа цивилизацияны үөскэтиигэ көхтөөхтүк кыттар. Тумарча
Мин көрдөхпүнэ, кини курдук эргиччи кэрэ уол суоҕа. Р. Кулаковскай
◊ Эргиччи күн түөлбэ. — полярнай күн диэн курдук (көр күн). Хоту дойдуга эргиччи күннэр үүннүлэр