Якутские буквы:

Якутский → Якутский

чарылас

I
чарылаа диэнтэн холб. туһ. Ийэм этэринэн, кукаакылар чарылаһан саҥардахтарына — үөрүү. «ХС»
Налыы сиргэ арай тымныы уулаах үрүйэлэр тохтообокко чарылаһаллар. В. Санги (тылб.)
II
даҕ. Биир күдьүстүк чарылыы тыаһыыр (хол., уу тыаһа). Журчащий (напр., о воде)
Ааны аһан көрдө — чалбах чарылас. Сиэн Чолбодук
Хатылыыр саҥабын хайабыт сиккиэрэ, Хатылыыр саҥабын чарылас үрүччэ. ЛБС
Ол араллаан дарбаана Улҕачаан чарылас сүүрүгэр ой дуорааныныы иһиллэр. В. Лебедев (тылб.)

Якутский → Русский

чарылас=

совм. от чарылаа =.


Еще переводы:

чурулас

чурулас (Якутский → Якутский)

I
чурулаа диэнтэн холб. туһ. Сырбаҥ үрүйэлэр, Чурулаһа, Чарылаһа, Чырылаһа Сүүрэн-көтөн эрэллэр. И. Гоголев
Чобуо, сытыы сүүрээннэр Чурулаһа сүүрэннэр, Саас суһуоҕа буоланнар Сардаҥара субуллаллар. А. Кондратьев. [Туллуктар] Сааскы күннэр үүммүттэрин Сайа туойан аастылар, Чурулаһан, дьулуруйан, Чугдаарыһа турдулар. Чэчир-72
II
даҕ. Чурулуур, халдьыгырас тыастаах. Журчащий
Бу манна чурулас фонтаннар Дьол, таптал оһуорун анньаллар. И. Алексеев

чырылас

чырылас (Якутский → Якутский)

I
чырылаа диэнтэн холб. туһ. Сааскы үрүйэлэр, Сырбаҥ үрүйэлэр, Чурулаһа, Чарылаһа, Чырылаһа Сүүрэн-көтөн эрэллэр. И. Гоголев
Бары хаспахтарынан үрүччэлэр сырсан чырыластылар. «ХС»
II
даҕ. Бүтэҥи соҕустук халдьыгыраан тыаһыыр (хол., үрүйэ уутун этэргэ). Приглушённо журчащий (напр., о речке)
[Пиэрмэ иһин] чырдырҕас-чырылас тыаһынан күнү быһа толорбут …… ынах ыыр тимир ыаҕастар уҕарыйаннар, …… үрүт-үрдүлэригэр кыстанан, …… куура тураллара. Г. Николаева (тылб.)