Якутские буквы:

Русский → Якутский

администратор поступлений в местный бюджет

олохтоох бүддьүөккэ үп киириитин дьаһайааччы

в

предл
I (в. п.)
1. Туох оонньууну оонньууру бэлиэтииргэ туттуллар (играет в шахматы, в городки). 2. Кимиэхэ майгынныыры этэргэ (пошел в отца, в.мать, в сестру). 3. Туохха суулаабыты, кистээбити бэлиэтииргэ (завернул, спрятал в бумагу, в тряпку)
II (пр. п.)
1. Туох таҥастааҕы этэргэ туттуллар (в рукавицах, в платье). 2. Туох эмэ ханна буоларын бэлиэтииргэ (в пути, в жизни, в работе)

в

(во) предлог 1. с вин. п. (на вопрос "куда") =ҕа, иһигэр; войти в дом дьиэҕэ киир; поступить в университет университекка киир; 2. с предл. п. (на вопрос "где") =ҕа, иһигэр; жить в Москве Москва иһигэр олор, Москваҕа олор; учиться в университете университекка үөрэн; 3. с вин. и предл. п. (при определении внешних признаков, свойств, состояния, вида чего-л.) =лаах; рисунок в красках араас кырааскалаах ойуу; тетрадь в клетку клеткалаах тэтэрээт; 4. с вин. и предл. п. (для указания количества, размера, веса) =лаах; комната в двадцать метров сүүрбэ метрдээх хос; ценой в три рубля сыаната үс солкуобайдаах; 5. с вин. и предл. п. (при обозначении срока, момента) =ҕа, саҕана, иһигэр; в январе тохсун-ньуга; в полдень күн ортотугар, күн ортото; в один день биир күҥҥэ, биир күн иһигэр; 6. с вин. и предл. п. (для образования выражений, имеющих значение наречий) =ҕа, =гар (сороҕор туспа тылбаастаммат); в течение иһигэр, устатыгар, тухары; в случае, если оннук буолар түбэлтэтигэр, оннук буоллаҕына; в том числе ол иһигэр; в конце концов, тиһэҕэр тиийэн; 7. с вин. п. (при выражении изменения вида, состояния) =ҕа (үксүгэр туспа тылбаастаммат); превратить в пар паарга кубулут; изорвать в клочья сэмнэх оҥор, быһыта тыыт; превратить в развалины урусхал оҥор; 8. с вин. п. (при обозначении игры) =ҕа (үксүгэр туспа тылбаастаммат); играть в футбол футболга оонньоо, футболлаа; играть в карты хаарты оонньоо, хаартылаа; 9. с вин. п. (ради, для, с целью) =ан; сказать в шутку оонньоон эт; в насмешку күлүү гынан; 10. с вин. п. (со словом "раз" при сравнении) =нан; в три раза толще үс төгүлүнэн халыҥ; в два раза меньше икки төгүлүнэн кыра; 11. с вин. п. (при указании на семейное сходство) курдук; мальчик весь в отца уол үкчү аҕатын курдук; 12. с. предл. п~ (при обозначении расстояния) =ҕа (сороҕөр туспа тылбаастаммат); в двух километрах от города куораттан икки километрга; в двух шагах от меня миигиттэн икки хаамыыга; 13. с предл. п. (для обозначения избытка, преимущества, а также недостатка или разницы в отношении каких-л. предметов, явлений) =ҕа, =нан; выиграть в темпе тэтимҥэ сүүй; знаток в живописи живописка билээччи киһи; недостаток в средствах үбүнэн тутайыы, үп кэмчитэ; разница в годах саастарынан араас-тара; ошибка в пяти копейках биэс харчынан сыыһыы; 14. с предл. п. (при перечислении в сочетании с числ.) =нан; в-третьих үсүһүнэн; в-пятых бэсиһинэн.

в действительности

нареч.
дьиҥэ, дьиҥэр

в конце концов

нареч
кэмниэ кэнэҕэс, кэлин тиһэҕэр тиийэн

в течении

нареч.
устатыгар
в течении дня - күн устатыгар

в целом

нареч.
бүттүүнүн, уопсайынан

гарантии права на участие в местном референдуме

олохтоох референдумка кыттар быраабы мэктиэлээһин

дефекты в материалах

дьэппиэктэр, дьиэктэр (матырыйаал бэйэтин техническэй усулуобуйатыгар көрүллүбүт хаачыстыбатыгар химической састаабынан, биир кэлимсэтинэн, ньуурун туругунан, механическай онтон да атын уратыларынан сөп түбэспэт буолуута.)

единственное число

сущ.
биир ахсаан

зажигание в двигателях внутреннего сгорания

иһинээҕи умайыы (бензин эбэтэр гаас уматыгынан улэлиир ис умайыылаах хамсатааччы силииндирин иһигэр улэлиир булкааһык (рабочая смесь) умайыыта. Умайыы онно аналлаах чүмэчи элетрическэй кыымыттан саҕыллар.)

коэффициент перевода тракторных работ в условную пахоту

трактор үлэтин болдьох хорутууга кубулутуу коэффициена (трактор ыһыы кэмигэр толорор үгүс көрүетээх үлэтин түмэн көрдөрөргө, учуот-туурга туттуллар төгүллээччи усулуобунай сыыппара.)

многозначное число

прил
элбэх бэлиэлээх чыыһыла

посадка в системе вала

баал систиэмэтигэр олордуу (баал куустарар кээмэйэ уларыйбат, баалы кууһар кээмэй уларыйар олордуута. Холобура, электро-ыстаансыйа турбинатын баалын тас диаметрын уларытар табыллыбат, арай баал олорор тирэхтэрин баалы кууһар кээмэйдэрин уларытар табыгастаах уонна барыстаах.)

посадка в системе отверстия

ahaҕac систиэмэтигэр олордуу (кууһар кээмэй уларыйбат олордуута. Манных олордууга куустарар дэтээл кээмэйин уларыталлар. Бу ньыма киэнник туттуллар. Холобура, подшипник ис тиэрбэһин ис диаметрын уларытардааҕар баал тас диаметрын, ол аата куустарыллар кээмэйи уларытар быдан барыстаах уонна судургу.)

право на участие в местном референдуме

олохтоох референдумҥа кыттар быраап

право на участие в референдуме

референдумҥа кыттар быраап

сварка дуговая в защитных газах

харыстыыр гааска дуганан сиэтии, сыбааркалааһын (иһэрдии ордук тупсаҕай буоллун диэн төлөнү уонна уулларыллар металы гааһынан үрдэрэ-үрдэрэ иһэрдии. Сороҕор сиэтии сиигин сойуор диэри салгыы эмиэ гааһынан үрдэрэллэр.)

сварка дуговая в углекислом газе

углекислай гааска дуганан сиэтии, сыбааркалааһын (углекислай гааһы харыстыыр гаас быһыытынан туһанан иһэрдии.)

сектор в муниципальнай организации

муниципальнай тэриллии сиэктэрэ

соглашение о передаче полномочий

боломуочуйаны биэрэр туһунан сөбүлэҥ

цикл в технике

эргиир, хатыланыы (туһааннаах биир бэрээдэгинэн хатыланар хамсааһынын түмүгэр, холобура, сургуулук (поршень) сөптөөх бириэмэ аастаҕын аайы маҥнайгы балаһыанньатыгар эргиллиитэ.)

число

с. 1. мат. чыыһыла; дробное число дробтаах чыыһыла; целое число бүтүн чыыһыла; 2. (дата) чыыһыла, күн; в первых числах сентября балаҕан ыйын бастакы күннэригэр; какое сегодня число? бүгүн ханнык чыыһыланый?; 3. (количество) ахсаан; большое число людей элбэх ахсааннаах дьон; 4. (известное количество кого-чего-л.) ахсаана, иһэ; в числе присутствующих баар дьон ахсааныгар; в том числе ол иһигэр; 5. грам. ахсаан; единственное число биир ахсаан; множественное число элбэх ахсаан; # без числа ахсаана биллибэт элбэх, кэмэ суох.

число передаточное в зубчатой передаче

тиистээх бэримтэ тиэрдэр чыыһылата (хамсатыллааччы уонна хамсатар көлөһөлер тиистэрин ахсааннарын сыһыана.)

в-пятых

вводн. ел. бэсиһинэн.

в-трётьих

веодн. ел. үсүһүнэн.

в-четвёртых

вводн. ел. төрдүһүнэн.

в, во

предл
I (в. п.)
төһөҕө буолбуту көрдөрөр предлог (в 10 часов - 10 чааска, во время урока - уруок кэмигэр, во время ледохода - муус барыыта; во время работы - улэ саҕана, үлэ кэмигэр; в течение 3-х дней - 3 күн устатыгар; в октябре - алтынньыга; в двадцатом веке - сүүрбэһис үйэҕэ)
туох эрэ иһигэр киирбити көрдөрөргө туттуллар (в лесу - тыаҕа, в чашку - чааскыга)
II (пр. п.)
иһигэр (в сумке - суумка иһигэр, суумкаҕа)

поедем в Табагу - Табаҕаҕа барыах;
поступил в школу - оскуоаҕа киирдэ;
он приедет в октябре - кини алтынньыга киэлиэҕэ;
в мешке - куул иһигэр

в=

(во=, въ=) приставка, суолтатынан: 1. туох эмэ иһигэр эбэтэр үрдүгэр түһайар хайааһыны бэлиэтиир туохтууру үөскэтэр, хол. входить киир, иһирдьэ киир; вбежать сүүрэн киир; 2. "-ся" эбиискэни кытта туохха эмэ болҕойор, толору бэринэр суолталаах туохтууру үөскэтэр, хол. вслушаться иһиллээ, болҕойон иһит; всмотреться болҕойон кор.

главная передача

сүрүн тиэрдээччик (мас-сыына, трактор, автомобиль эҥин трансмиссиятын тиис-тэрдээх механизма, хамсатааччы үөскэтэр эргитиилэрин бытаардан тиэрдэн сүрүн көлөһөлөр тардар күүстэрин улаатыннарар. С. т. үксүн биир эбэтэр икки сүһүөхтээх.)

дача

сущ.
даача

дача

II ж. даача (куорат таһынааҕы сайылык дьиэ).

дача

I ж. 1. (действие) биэрии; дача корма скоту сүөһүгэ аһылык биэрии; 2. (порция) биэрии, биир биэрии; дача овса биир биэрии эбиэс.

передача

сущ
биэрии, тириэрдии

передача

ж. I. (вручение) биэрии; передача знамени знамяны биэрии; 2. (по радио и т. п.) биэрии; программа сегодняшних передач бүгүҥнү биэрии программата; 3. (напр. больному в больнице) биэрии, аҕалыы; 4. тех. биэрии, тиэрдии.

передача

бэримтэ, тиэрдии, тиэрдээччик (хамсааһыны хайысхатын, түргэнин уонна эргийэр тэтимин (вращающий момент) уларытан а тын механизмна тиэрдэр механизм. Б. конструкциятын, көрүҥүн арааһа элбэх: тиистээх, сыаптаах, фрикционнай, курдаах, кардааннаах, чиэрбэлээх о. д. а.)

передача данных, телекодовая связь

дааннайдары ыытыы, биэрии, телекодунан сибээс (электроннай ааҕар-суоттуур массыыналар көмөлөрүнэн. ааҕыллар аналлаах бэлиэлэринэн (коды) иһитиннэриини (информация) сибээс ханаалынан ыытыы, биэрии. Итиннэ телеграф эбэтэр түлүпүөн ханааллара эбэтэр анал ханаал туһаныл-лар.)

передача зубчатая

тиистээх бэримтэ, тиэрдии, тиэрдээччик (тиистээх көлөһөлөр көмөлөрүнэн хам-сааһыны тиэрдээччи, механизм.)

передача карданная

кардааннаах бэримтэ, тиэрдии, тиэрдээччик (кардаан баалыттан иэччэх нөҥүө биир көнөҕө сыппат сүрүннээх баалга хамсааһьшы тиэрдээччи механизм.)

передача клиноременная

килиин курдаах бэримтэ, тиэрдии, тиэрдээччик (хаамтарар баал эргийэр хамсааһынын атын баал бытааннык эбэтэр түргэнник эргийэр хамсааһыныгар кубулутар тиэрдээччи. Кура мунур кили-ин а. э. трапеция курдук туора быһа охсуулаах.)

передача фрикционная

фрикционнай бэримтэ, тиэрдии, тиэрдээччик (диискэлэр, силииндирдэр эбэтэр куонустар аалсыһыыларын көмөтүнэн биир баалтан атын баалга хамсааһыны биэрэр тиэрдээччи.)

передача цепная

сыаптаах бэримтэ, тиэрдии, тиэрдээччик (биир баал хамсааһынын сэргэ турар атын баалга тиистээх көлөһө уонна ити көлөһөлөргө кэтэрдиллибит ыстаал сыап көмөтүнэн биэрэр тиэрдээччи.)

передача червячная

чиэрбэлээх, эрийии эрэ-дэһиннээх бэримтэ, тиэрдии, тиэрдээччик (чиэрбэ (биинтэлии эрийии тиистээх баал) уонна чиэрбэлии халдьы кэрдиистээх тиистээх көлөһө көмөлөрүнэн хам-сааһыны атын баалга тиэрдэр механизм.)

точь-в-точь

нареч. лоп, үүт түһэрэн, үүт--үкчү; он пересказал всё точь-в-точь, как было кини хайдах буолбутун курдук үүт түһэрэн кэпсээтэ.


Еще переводы:

боломуочуйаны биэрэр гуһунан сөбүлэҥ

боломуочуйаны биэрэр гуһунан сөбүлэҥ (Якутский → Русский)

соглашение о передаче полномочий

чыыһыла

чыыһыла (Якутский → Русский)

число; боростуой чыыһыла простое число; булкаастаах чыыһыла смешанное число.

чётнай

чётнай (Якутский → Русский)

чётнай чыыһыла чётное число.

үксээ=

үксээ= (Якутский → Русский)

размножаться; умножаться, увеличиваться в числе; манна көтөр төрөөн-ууһаан үксээтэ здесь птицы сильно размножились; үөрэнэр оҕо үксээтэ увеличилось число учащихся.

нечётный

нечётный (Русский → Якутский)

прил. чорбохтоох; нечётное число чорбохтоох чыыһыла.

плюс

плюс (Якутский → Русский)

мат. плюс; плюс бэлиэлээх чыыһыла число со знаком плюс, положительное число.

дробнай

дробнай (Якутский → Русский)

мат. дробный; дробнай чыыһыла дробное число.

ахсаан

ахсаан (Якутский → Русский)

1) расчёт, уплата; иэс ахсааныгар в счёт долга; ахсаанна ыл = получить расчёт; 2) число, количество; киһи ахсаана количество людей # ахсаан аат грам. имя числительное; элбэх ахсаан грам. множественное число; ахсааҥҥа ыл = взять, брать в расчёт кого-что-л.

множественный

множественный (Русский → Якутский)

прил. үгүс ахсааннаах; # множественное число грам. элбэх ахсаан.

простой

простой (Русский → Якутский)

I прил. в разн. знач. боростуой, судургу, көннөрү; простое число мат. судургу чыыһыла; простое дело судургу дьыала; # простым глазом көннөрү хараҕынан.