туохт.
1. итэҕ. Хаанымсах, өлөрсүүгэ-охсуһууга курдаттыы тартарар оҥор (хол., кыргыс сэбин). ☉ Вселять дух кровожадности (напр., в боевое холодное оружие)
Сүнньүгэр өтөрү түһээхтиир Илбистээн айыаҕым. Эллэй
Итии буулдьа көтүүтүн илбистээтин, Илии-атах күүһүн имэҥнээтин! Т. Сметанин
2. Абылыыр күүстээх, дириҥ иэйиилээх гын (үксүгэр тыл, ырыа туһунан). ☉ Наделять проникновенностью, чарующей силой (обычно речь, песню)
Эппит тылбын Этигэн илбистээн, Саҥарбыт саҥабын Сатарар саталаан, Чуораан курдук Чуҥкуначчы чугдаарыҥ! П. Ойуунускай
Өллөргүт даҕаны, эһиги Өстөөхтүүн охсуһа сылдьаҕыт, - Хас саллаат санаатын илбистээн, «Катюша» эстиитин ньиргиэрдээн. Күннүк Уурастыырап