Якутские буквы:

Якутский → Русский

чөллөөх

1) целый, цельный; чөллөөх таҥас целая одежда; 2) перен. основательный, толковый (о речи, словах); чөллөөх тылы эппэтэ он толкового ничего не сказал.


Еще переводы:

сыппааһын

сыппааһын (Якутский → Якутский)

I
аат. Туох эмэ мөлтөөһүнэ, ахсааһына, урукку чөллөөх туругун сүтэриитэ. Ослабление, ухудшение (напр., зрения). Харах сыппааһына. Өй-санаа сыппааһына
II
аат., кэпс.
1. Киһи сүүрдэн ылыах курдук убаҕас иһиккэ хаалбыт тобоҕо эбэтэр оннук сүүрдэн ылыллыбыта. Незначительный остаток какой-л. жидкости (напр., молока) или полужидкой пищи на дне посуды
[Паабылап:] Манна [арыгы бытыылкатыгар] кыра сыппааһын баар эбит, иһэн кэбиһиэх. Н. Туобулаахап
2. Ынаҕы ыабыт кэнниттэн хаалбыт тобох үүтү хос ыан ылыы эбэтэр ньирэйгэ эмтэрии. Выдаивание (выцеживание) или высасывание телёнком молока, оставшегося после доения коровы
Ынахтарын тахсан сыппайда. Ол сыппааһын үүтүнэн оҕотун аһатта. Саха ост. I
Тума ынахтарын эрбэхтэрэ ыалдьыар диэри этэттэлээтэ. Кыра сыппааһын илиинэн ылыллыахтаах. У. Нуолур

кэбилээ

кэбилээ (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Сиэргэ баппаттык, дьулааннык, кыыллыы быһыыланан кими эмэ кырбаа, өлөр. Обойтись с кем-л. крайне жестоко, бесчеловечно, по-зверски (избить, убить)
[Дьуур:] Доҕорум ооккотун ким эрэ бу айылаах кэбилээтэ буолла? Суорун Омоллоон
Миигин, туох да буруйа суох киһини, сорбун сордоон, муҥмун муҥнаан, бу айылаах кэбилээтилэр. Н. Якутскай
Толоннор эрэйдээхтэр эһиннилэр ээ, эһиннилэр. Доҕордукуну ол кэбилээн өлөрдөхтөрө. Эрилик Эристиин
2. Олус куһаҕан турукка тиэрт; ынырык, дьаабы көрүҥнээ. Привести в негодность (что-л.); обезобразить, изуродовать, довести до ужасного состояния (кого-что-л.)
Үүчээн үчүгэй эбит, сэнэх. Ону былырыыҥҥы дьон олус кэбилээбиттэр. Далан. Мин билигин Бүлүү хотуну Өҥөйөн туран уйадыйдым: «Эбэбин олус да кэбилээбиттэр», — диэн ботугураат хараҕым уутун туора соттубуппун Бэйэм да билбэккэ хааллым… И. Гоголев
Өстөөх куораты олус да кэбилээбит. Биир да чөллөөх дьиэ, олбуор ордубатах. НТГ СУоС

халтаҥнаа

халтаҥнаа (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Мэччиллэн, тэпсиллэн эбэтэр курааннаан куурхат, халтаҥ буол (мэччирэҥи, ходуһаны этэргэ). Лишаться растительности, оголяться (о пастбище, земельных угодьях)
Тукаам, билигин сайылык халтаҥнаан, ынах үүтэ тардар кэмэ кэлэн барыа. М. Доҕордуурап
Мэччирэҥиҥ хайдаҕый, алааһыҥ халтаҥнаабыт дуу? С. Васильев
Үрдүк, чөллөөх аҕай сирбитигэр от аанньа үүммэт, халтаҥныыр. Д. Апросимов
Мэччирэҥнэр эрдэ халтаҥнаабыттара. ТССКС
2. Түүтэ суох буол, соролон, чарааһаа. Облезть, истончиться, ободраться (о шкуре)
Халтаҥнаабыт таба тэллэҕи …… сүгэн барар буолла. Амма Аччыгыйа
[Аянитов] онон-манан халтаҥнаабыт эһэ тириитэ сабыылаах намыһах кириэһилэҕэ лах гына суулунна. Софр. Данилов
Кырса тириитин бастааҥҥы түүтэ уһуннук тааҕытыйбыт сирдэригэр кыһыҥҥы уһун уонна ньуолах түүтэ кэбирэх буолар, ол түмүгэр халтаҥныыр. ТВА ККИи
3. Тараҕай буол, тараҕайдан. Становиться лысым, лысеть
Егор Николаевич икки илиитинэн халтаҥнаан эрэр төбөтүн харбанар. Далан
4. көсп. Аччаа, аҕыйаа (хол., харчы туһунан). Становиться меньше, уменьшаться (по количеству — напр., о деньгах)
Кэргэммэр Маайаҕа харчым халтаҥнаан, икки солкуобайдаах биһилэх аҕалтым ээ. Н. Габышев