Якутские буквы:

Якутский → Якутский

халтаҥнаа

туохт.
1. Мэччиллэн, тэпсиллэн эбэтэр курааннаан куурхат, халтаҥ буол (мэччирэҥи, ходуһаны этэргэ). Лишаться растительности, оголяться (о пастбище, земельных угодьях)
Тукаам, билигин сайылык халтаҥнаан, ынах үүтэ тардар кэмэ кэлэн барыа. М. Доҕордуурап
Мэччирэҥиҥ хайдаҕый, алааһыҥ халтаҥнаабыт дуу? С. Васильев
Үрдүк, чөллөөх аҕай сирбитигэр от аанньа үүммэт, халтаҥныыр. Д. Апросимов
Мэччирэҥнэр эрдэ халтаҥнаабыттара. ТССКС
2. Түүтэ суох буол, соролон, чарааһаа. Облезть, истончиться, ободраться (о шкуре)
Халтаҥнаабыт таба тэллэҕи …… сүгэн барар буолла. Амма Аччыгыйа
[Аянитов] онон-манан халтаҥнаабыт эһэ тириитэ сабыылаах намыһах кириэһилэҕэ лах гына суулунна. Софр. Данилов
Кырса тириитин бастааҥҥы түүтэ уһуннук тааҕытыйбыт сирдэригэр кыһыҥҥы уһун уонна ньуолах түүтэ кэбирэх буолар, ол түмүгэр халтаҥныыр. ТВА ККИи
3. Тараҕай буол, тараҕайдан. Становиться лысым, лысеть
Егор Николаевич икки илиитинэн халтаҥнаан эрэр төбөтүн харбанар. Далан
4. көсп. Аччаа, аҕыйаа (хол., харчы туһунан). Становиться меньше, уменьшаться (по количеству — напр., о деньгах)
Кэргэммэр Маайаҕа харчым халтаҥнаан, икки солкуобайдаах биһилэх аҕалтым ээ. Н. Габышев

Якутский → Русский

халтаҥнаа=

оголяться (о пастбище); сайылыкпыт халтаҥнаабыт наше летнее пастбище оголилось (трава выщипана, вытоптана скотом); түүтэ халтаҥнаабыт мех облез.


Еще переводы:

халтаҥнан

халтаҥнан (Якутский → Якутский)

халтаҥнаа диэнтэн атын
туһ. Аһа халтаҥнаммыт. ПЭК СЯЯ

халтаҥыр

халтаҥыр (Якутский → Якутский)

халтаҥнаа диэн курдук
Хатан хотуур хаампыта, Хадьырыйан барбыта — Халтаҥырбыт кырдаллар Хатталаһан сыттылар. С. Тимофеев
Курааҥҥа сир-дойду халтаҥырар. ИВС ЭТТ

облезть

облезть (Русский → Якутский)

сов. разг. 1. (лишиться волос, шерсти) түүлээ, халтаҥнаа, харалаа; 2. соролоо, түс; после ожога кожа облезла итиигэ буһа-раммын тириим соролоон хаалла.

холтолоо

холтолоо (Якутский → Якутский)

туохт. Эргэрэн халтаҥнаа, соролон (түү таҥаһы этэргэ). Облезать, вылезать, стираться (о шерсти, мехе)
Киргиэлэй дьэ наҕылыйан, хатыс курун сүөрүннэ, холтолообут арбаҕаһын уһулла. И. Никифоров

тараҕайдаа

тараҕайдаа (Якутский → Якутский)

туохт., кэпс. Үүнээйитэ суох буол, халтаҥнаа. Быть лишённым растительности
Сири маннык [бульдозерынан] солоотоххо …… бааһына уоҕа мөлтүүр, үүнээйи эриэ-дэхси үүммэт, тараҕайдыыр. ЛИК СОТҮҮүТ
Моркуобу олорпут кэннэ сорох сирэ тараҕайдааччы. ПАЕ МСТ

сбросить

сбросить (Русский → Якутский)

сов. 1. кого-что (вниз) түҥнэри бырах, түһэр, сууллар; сбросить снег с крыши кырыыса хаарын түһэр; 2. кого-что, перен. (свергнуть) сууллар; сбросить иго самодержавия ыраахтааҕы былааһын батталын сууллар; 3. что, разг. (снять с себя) уһулан бырах; сбросить с себя плащ плащкын уһулан бырах; 4. что (напр. листву) түһэр, халтаҥнаа; берёза сбросила листья хатыҥ сэбирдэҕин түһэрбит, хатыҥ сэбирдэҕз түспүт.

аалыксый

аалыксый (Якутский → Якутский)

туохт. Чаҕылхай ыраас өҥҥүн сүтэр; кэхтэ быһыытый; өлбөөркөй өҥнөн, өлбөөдүй (от-мас туһунан). Бледнеть, начинать вянуть (о растениях)
Аҥаат-муҥаат алаастарбыт Ача күөх отторо Аалыксыйан хагдарыйда. Е. Иванова
Ононманан элэйэн, аалыллан соролоо, халтаҥнаа (сүөһү, кыыл туһунан). Обтереться местами, терять шерсть (о домашнем скоте, зверях).

сарыытый

сарыытый (Якутский → Якутский)

туохт. Түүҥ элэйэн сарыы буол, халтаҥнаа, холтотуй (тириини, тирии түүтүн этэргэ). Стираться (о шерсти на одежде), облезать (о шкуре)
«Саарба түү сарыытыйан, Үүс түү үрэллэн …… Атын атах дьаарбайбыт, Туспа уос тоҕуоруйбут Бэлиэтэ биэтилэлэммит Ини дуу, дуҕаар!» — дии истэ. Саха нар. той. IV

сэмэлээ

сэмэлээ (Якутский → Якутский)

туохт. Кими эмэ туох эмэ сыыһаны оҥордуҥ, сөбө суох быһыыланныҥ диэн саҥар эбэтэр оннук санаа. Порицать, осуждать кого-л. за что-л., делать замечание
Учуутал тахсан Микиитэни кыратык сэмэлээн киирдэ. Амма Аччыгыйа
«Ыаспайдаан түһэҥҥит, эмээхситтээр. Киирбит киһини сүгүн сырытыннарыаххыт суох», — Катя эмээхситтэри сэмэлиир. Далан
Манна Суонньа кыыс бостууктуур. Хата чугас халтаҥнаабыт сиргэ илдьэн кирдэрэр үһү. Ону ааспыт мунньахха сэмэлээбиттэригэр, этиһэн хапса сылдьар. М. Доҕордуурап

холто

холто (Якутский → Якутский)

аат. Эргэрэн халтаҥнаабыт түүлээх таҥас сарыыта, халтаҥа эрэ хаалбыта. Облезлая, истёртая меховая одежда из шкуры
Была быстыбат, холто бараммат (өс хоһ.). Охоноон холто буолбут куобах бэргэһэтин ньаппаччы уурунна. Софр. Данилов
Оҕонньор, …… холто буолбут арбаҕаһын бүрүнэн бүгүҥҥү күнү быһа утуйда. Эрилик Эристиин
ср. маньчж. ҕолдон, ҕолтон ‘головешка, обгорелый пень’