аат.
1. Туох эмэ кытыытынан дьураалыы бүүрүк. ☉ Кайма, кант
Эйигин санатан, Ыалыкы хара Хаймыылаах кыната Туртаҥныы хаалла. С. Данилов
Үрдүгэр хара хаймыылаах кыһыл таҥастар таҥнары ыйаммыттара. П. Тобуруокап
Сэрбиис кыһыл көмүс хаймыылаах. В. Протодьяконов
2. Таҥас эбэтэр атах таҥаһын кытыытынан таҥаһынан, түүнэн эбэтэр атын матырыйаалынан тигиллибит синньигэс дьураалыы бүүрүк. ☉ Узкая полоска ткани, меха, мягкого материала, нашитая по краю одежды или обуви, оторочка
Анфиса үрүҥ түү хаймыылаах түүппүлэлээх. Н. Габышев
Үрүҥ куруһуба хаймыылаах баартыктаах официантка тиийэн кэллэ. С. Дадаскинов
Ийэтэ Чиэнэҕэ …… сиэгэн хаймыылаах күндү саҕынньаҕы, үүдэһиннээх малахаай бэргэһэни тигитэлээн биэрдэ. И. Данилов
3. көсп. Туох эмэ тулата, кытыыта. ☉ Окрестность, край чего-л.
Ол толоон Хара тыа Хаймыылааҕа эбитэ үһү. С. Васильев
Иннибитигэр хара ойуур хаймыылардаах туртайан көстөр толооннор ыраахха диэри нэлэһийэн көһүннүлэр. С. Окоёмов
Аллара хайыр таас хаймыылаах муора дьалкыллар. Н. Островскай (тылб.)