ыйытыс диэнтэн хай
аата. Улахан ыйытыһыы, ирдэһии буолбута. Н. Заболоцкай
Хат-хат ыйытыһыы, хардары-таары хаһыытаһыы. С. Васильев
Быыстала суох ыйытыһыы, хоруйдаһыы буолбутунан барар. Л. Толстой (тылб.)
Якутский → Якутский
ыйытыһыы
ыйыт
туохт.
1. Кимтэн эмэ тугу эмэ истээри, билээри, чуолкайдаары боппуруоста биэр, сураа. ☉ Обращаться к кому-л. с вопросом, спрашивать, расспрашивать, осведомляться о чём-л.
Хаһан үчүгэй олоххо тиийиэхпиний? — диэн Имииһит оҕонньор, мин оҕо эрдэхпинэ, түүлүн кэпсээн баран, ыйыппыта. П. Ойуунускай
— Эн туохтан ордук куттанар буолаҕын? — диэн Эһэ Саһылтан ыйыппыт. Суорун Омоллоон
— Дьэ, доҕоор, Доромоон, иэспин тугунан төлүүгүн? — диэн ыйытта атыыһыт дьиэлээхтэн. Күндэ
Бу ханналаан иһэбит, доҕоор? — диэн, баран иһэн, аргыспыттан ыйытабын. Т. Сметанин
2. Кэргэн тахсарын, кэргэн буоларга сөбүлэһэрин бил; кэргэн ыларга кэпсэт (былыр кэргэн ылар ыалларыгар анаанминээн, кэһиилээх-тойдоох, кэпсэтэр киһилээх тиийэллэрэ эбэтэр кэргэн кэпсэтэр уол аатыттан суорумньуну тэрийэн ыыталлара). ☉ Делать кому-л. предложение стать женой, просить чьей-л. руки
Уйбаан Бырдаахап кырдьаҕас, Марыына диэн оҕоҕун биһиги ыйыта кэлэн олоробут. Н. Неустроев
«Бу Харытыананы ыйытыҥ, сөбүлүүр буоллаҕына ойох ылан, күһүҥҥүттэн туспа ыал буолуом этэ», — диир. П. Ойуунускай
Кырдьык, Мэхээһи кытта саастыы уолаттар үксүлэрэ кэргэннээхтэр. Оттон Мэхээс билиҥҥэ диэри биир да кыыһы ыйыта илик. Ф. Захаров
3. Кимтэн эмэ тугу эмэ ыларга көҥүллэт. ☉ Спросить у кого-л. разрешения на что-л., попросить у кого-л. что-л. Киэһэ күтүөм харабыынын, чугаһатар оптикатын хоппоҕо уура сылдьарын ыйытан ыллым. ЕМП БС
Уоруу аата уоруу, эн биир да солкуобайы, бүтүн ынаҕы да ыйыппакка ыл, син биир уоруу. Сиэн Чолбодук
Онон, хата, эйигиттэн тугу да ыйыппакка албыннаан… кыбыстыыга киллэрбиппэр мин бырастыы гын диэн көрдөһөбүн. «Чолбон»
◊ Ыйытар солбуйар аат тыл үөр. — барамайы, дьону, кинилэр бэлиэлэрин уонна хайааһын буолар кэмин, миэстэтин, хайысхатын о. д. а. ыйытан бэлиэтиир солбуйар аат. ☉ Вопросительное местоимение
Ыйытар солбуйар аат туттуллуута кэпсэтии түгэнин кытта ыкса сибээстээх. СБТМ
Ыйытар уонна быһаарыылаах солбуйар ааттар бары түһүктэнэр буолбатахтар. ВИП СТПС
Ыйытар солбуйар ааттары, үөскээбит олохторунан көрөн, хас да бөлөххө наардыахха сөп. СБТМ
ср. др.-тюрк. айыт ‘спрашивать, обращаться с вопросом’, кирг. айт, кум. айтмак, тат. эйтү ‘говорить’
ыйытыс
- ыйыт диэнтэн холб. туһ. Уулаах бэйэтин кытта бииргэ сытар хаайыылаах оҕонньордуун …… сарсыарда түүллэрин ыйытыһаллара. Эрилик Эристиин
Дьахталлар уҥа диэки кэллилэр уонна ити дьон тугу сүбэлээбиттэрин ыйытыһан бардылар. М. Доҕордуурап
Учууталлар ыйытыһан билбиттэрэ: кырдьык Миша уол хааллан сытар Малыһы [уол аата] куттаары түннүгү тоҥсуйбут. «ХС»
2
ыйыталаа I диэн курдук. Суонда былыр-былыргыттан ыйытыһа үөрэммэтэх баҕайыта. Софр. Данилов
Костя уолчаан өссө тугу эрэ ыйытыһыах, ыаһахтаһыах санаалаах этэ. Н. Заболоцкай
Оттон ыйаах-кэрдии туһунан ыйытыспат да буолта, оннуга да суох барыта биллэр. Н. Павлов
Якутский → Русский
ыйыт=
спрашивать, расспрашивать, осведомляться; суолу ыйыт = спросить дорогу; кырдьаҕастан ыйытыма, сылдьыбыттан ыйыт посл. не спрашивай старого, а спрашивай бывалого.
ыйытыс=
1) совм.-взаимн. от ыйыт =; 2) см. ыйыталаа =; дьонтон ыйытыс= выспрашивать у людей.
Якутский → Английский
ыйыт=
v. to ask; ыйытар n. question
Еще переводы: