Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ынахтыы

сыһ.
1. Ынах курдук, ынахха майгынныырдык. Как корова
[Тайаҕы] үргүтэҕин уонна ол үргүбүт суолугар киирэҕин. Ол гынан баран ынахтыы кэнниттэн батыспаккын. Далан
Сорох оройуоннарга сылгыны ынахтыы өлөрөллөр. АНП ССХТ
Кылааннаах түүлээх кыыллар тириилэрин көҥдөйдүү, айаҕыттан (чулкулуу) уонна ынахтыы тэниччи сүлүллэр. ТСКБ
2. көсп. Биирдиилээн (хол. туох эмэ ахсаанын төһөтүн ааҕарга). Исчисляя, подсчитывая по одному, отдельными предметами, поштучно
Тарбаҕынан ынахтыы ааҕар бэйэтэ, кэнники ахсаанын сүтэрэн кэбистэ. Н. Заболоцкай
Мунньах дьоно үс аҥыы үрэлиннилэр. Ынахтыы аахтылар — онуоха Бөтүҥҥэ диэччилэр кыайан таҕыстылар. Г. Нынныров

ынахтаа

туохт.
1. Кимиэхэ эмэ өлүүлээн ынахта биэр, анаа. Давать корову кому-л., наделять коровой кого-л.
Мин бу кыһыннаах сайын дьахтардыын үлэлээн баран, күһүнүгэр арахсарым кэлбитигэр, тойонум эттэ: «Биир ынахтаан, биир чаанньыктаан араарабын», — диэн. Амма Аччыгыйа
2. Ынахта тут, көр, харай. Держать корову, ухаживать за ней, доить
Талба-талба Татыйаана Ынахтаабыт ынаҕа Ыаҕаһынан үүттэрдээх. Саха нар. ыр. II

Якутский → Русский

ынахтаа=

давать корову кому-л., наделять коровой кого-л.; ср. ыанньыктаа =.


Еще переводы:

ыанньыктаа=

ыанньыктаа= (Якутский → Русский)

наделять кого-л. дойной коровой, давать кому-л. дойную корову; ср. ынахтаа =.

ынах

ынах (Якутский → Английский)

n. cow; быаһыт ынах n. cow able to slip leashes; ынахтаа= v. to provide with cows; ынай= v. to resemble a cow; ынат= v. to make resemble a cow

үүттэн

үүттэн (Якутский → Якутский)

  1. үүттээ I диэнтэн бэй. туһ. [Баһылай:] Хайа, бу хас чэй истэхпит аайы маннык үүтүнэн үүттэнэр буоллахпытына, сотору да ыал аатыттан ааһыыһыкпыт дии!.. А. Софронов
    Үүттэммэтэх хара чэйи үөрэкөтө истилэр. Күннүк Уурастыырап
  2. Элбэх үүттээх буол, үүт киир. Быть, стать молочным (напр., о корове)
    Ынахтаабыт ынаҕым Ыаҕаһынан үүттэнэр. С. Данилов
    Учуонай-зоотехник Татьяна Ивановна торбуйахтара уойбутунан, ынахтара үүттэммитинэн бараллар. Л. Попов
үргүт

үргүт (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Кими, тугу эмэ куттаан, соһутан, тэскилэт, куоттар. Заставить кого-что-л. удалиться, убежать (напр., в испуге), распугать
[Тайаҕы] үргүтэҕин уонна ол үргүбүт суолугар киирэҕин. Ол гынан баран ынахтыы кэнниттэн батыспаккын. Далан
Ородобуой дьиэҕэ икки кыыс, биэс уол тугу эмэ үргүппэтэрбит диэбит курдук, хамнаабакка даҕаны, уу-чуумпутук олороллор. Болот Боотур
Оҕо, дьахтар өттө нырыылаан балыгы үргүтэргэ күөл уҥуоргу өттүгэр хаамыстылар. Уустаах Избеков
2. көсп. Кими эмэ улаханнык аймаа, уйгуурт. Нарушать чей-л. покой, будоражить кого-л.
Дьон санаатын таһыырынан, муустаах боппуолдьанан, уоруйах тутуурунан, саа уоһугар туруоруунан кыыллаан үргүтэн кэбистилэр. П. Ойуунускай
Борохуот үс төгүл төхтүрүйэн хаһыытаан бытарытта, өйүсанааны үргүтэн кэбистэ. Амма Аччыгыйа. Бэдэр Харах, ыгым муҥнаах, бардьыгынаабыта: «Утуйа сытардаах баҕастаах! Утуйар уугун үргүтэ кэллибит, аһа тарт!» И. Гоголев
ср. др.-тюрк., тюрк. үркүт ‘пугать, запутать’

дьадаҥы

дьадаҥы (Якутский → Якутский)

  1. даҕ.
  2. Баайа суох, тиийиммэт-түгэммэт олохтоох. Не имеющий средств к существованию, бедный, неимущий
    [Дьаакып:] Аныгы үйэҕэ дьадаҥы киһи оҕото байыан кэриэтэ баайдарга баһыгар дылы иэскэ барар буолбат дуо. А. Софронов
    Онуоха тойон ыаллыы олорор дьадаҥы киһини ыҥыртаран ылар. Суорун Омоллоон
    Борокуоппай Хобороос диэн икки ынахтаах дьадаҥы ыал кыыһын кэргэн ылбыта. А. Бэрияк
  3. Тугунан эмэ итэҕэс, аҕыйах, татым. Имеющий недостаток в чем-л., скудный
    Ледниктэн соҕуруу диэки дьадаҥы үүнээйилээх туундаралар нэлэһийэн сыталлара. КФП БАаДИ
    Персонажтар тыллара сымсахтар, дьадаҥылар. «ХС»
  4. аат суолт. Баайа суох, мөлтөх хаһаайыстыбалаах, тиийиммэт-түгэммэт олохтоох киһи. Неимущий, бедняк
    Баай дьадаҥыны аһыммат, дьадаҥы баайы аһыммат (өс хоһ.). Биһиги, дьадаҥылар, тулаайахтар, эмиэ дьоммут! Амма Аччыгыйа
    Ол эн сүөһү курдук үүрүллэ сылдьар дьадаҥыларыҥ тугу кыайан оҥоруох дьонноруй? С. Ефремов
    Буор дьадаҥы көр буор
    Уйбаан аҕата, буор дьадаҥы киһи, эдэр сааһыгар дьаҥҥа өлбүтүн кэннэ ийэтэ уонуттан тахсыбыт уолу аҕатын аймахтарыгар биир ынахтаан быраҕан баран, атын нэһилиэккэ эргэ баран хаалта. А. Софронов
    Сааһым тухары буор дьадаҥы мин баарбын. Эрилик Эристиин
    Уодьаан диэн буор дьадаҥы киһи олорор балаҕаныгар көтөн түһэллэр. «ХС». Быстар дьадаҥы - олус дьадаҥы, көммөт дьадаҥы олохтоох. Крайне бедный, нищий
    Бу дойдуга бэл быстар дьадаҥылар, хамначчыттар күүстээх санаалаахтар, хайа да баайтан куттамматтар. П. Ойуунускай
    Ити мааҕын эн Борокуоппайга «куһаҕыын баҕайы» диэбит өтөххөр быстар дьадаҥы уоллаах кыыс холбоһоммут, түөрт уон икки сыл син буруо таһааран буккуруһан бараммыт арахсыбыппыт. Амма Аччыгыйа
    Бэл урукку батталлаах-үктэллээх үйэлэргэ быстар дьадаҥы саха киһитэ муҥнаах «үчүгэйтэн» атыны билбэт буолара. И. Аргунов
тоһуй

тоһуй (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Кими, тугу эмэ кэтээ, көрүс, кимиэхэ, туохха эмэ утары таҕыс. Поджидать, встречать когочто-л.; выйти навстречу к кому-чему-л.
Сорох ардыгар …… кэлэр суолбар тоһуйан, сэрбэйэн турар идэлэннэ. Амма Аччыгыйа
Хоту кыраай дойду Хомоҕой тыллаах хоһоонньуттарын Соҕуруу киэҥ дойдулар Суруйааччылара тоһуйдулар. Н. Степанов
Эмискэ тумустан үс тыылаах киһи күөрэс гына түспүттэрэ уонна биһигини тоһуйа турбуттара. М. Доҕордуурап
2. Тугу эмэ туохха эмэ утары тут, хайыс, көмүскэн (хол., көмүскэнээри, көрөөрү, куттараары). Подставлять что-л. подо что-л. (напр., лицо, ёмкость под дождевую воду)
Бөҕө сирин соруйан тоһуйан биэрэр буоллаҕа дии. Амма Аччыгыйа
Кытаран хаалбыт сирэйин тоһуйан олорон: «Тойоттор, Кузьма Петрович», — диир. Н. Якутскай
Үчүгэйкээн самыыр ибиирэригэр, Үөрэммин, тоһуйдум иһиппин. Күннүк Уурастыырап
3. Кими, тугу эмэ өлөрөөрү саһан кэтээ. Быть в засаде
Кыыл өрүһү туоруур сиригэр тоһуйан бултууру тиигээнниир диэн ааттыыллар. Далан
Бандьыыттар Эрнест Георгиевич Светец кыһыл этэрээтин аара суолга тоһуйан олоччу кырган кэбиспиттэрэ. Н. Заболоцкай
Ол бириэмэҕэ биһиги кыра оҕолор өлөҥҥө, талах төрдүгэр олорон, көтөрдөрү тоһуйарбыт. Т. Сметанин
Муоскун тоһуй — кимиэхэ, туохха эмэ кырыктан, утарылас. соотв. встречать в штыки
[Манчаары:] Кулубалары утары …… Муос тоһуйар Күннэрим эмиэ эргийдэ. В. Протодьяконов
Туора сиртэн кэлбит киһиэхэ, кэйиик ынахтыы, муоспутун тоһуйан ылабыт. М. Доҕордуурап
Бороҕон Дьуоттулар түмсэллэрэ буоллар, күүһү көрдөрүөххэ, муоһу тоһуйуохха сөп этэ. «Чолбон». Ытыскын тоһуй — умналаа. Просить подаяние (букв. подставить свою ладонь)
[Мундербек] аан кэннигэр сыста туран, …… ытыһын тоһуйар да, дьон кырыы харахтарынан кынчайан да көрбөттөр. Эрилик Эристиин
Ыаллартан киирэн, ытыһын тоһуйан аһыырын истэннэр, уолу булан ылбыттара. У. Нуолур
Үгүс дьон …… судаарыстыбаҕа эрдэттэн ытыстарын тоһуйбутунан бараллар. П. Егоров
ср. др.-тюрк. туш ‘встречаться’, кирг. тоз ‘преграждать путь; ждать, ожидать’, алт. тос ‘подкарауливать, задерживать’

эмиэ

эмиэ (Якутский → Якутский)

I
сыһ.
1. Өссө төгүл, өссө; хаттаан, хат. Ещё, ещё раз, в добавление, вдобавок к чему-л.; опять, снова
Бука, эмиэ тугу эрэ, тосту туораны соруйаары гыннаҕыҥ буолуо. Софр. Данилов
Ол оҕонньор ынаҕа эмиэ уолара буолуо. Күндэ
Куолубутунан биир киэһэ эмиэ кустуу киирдибит. Үһүөн тус-туспа тарҕастыбыт. Т. Сметанин
2. Ким, туох эрэ курдук, туохха эрэ маарынныырдык. Тоже, так же, как и, также
Тогойкин эмиэ иһиллээн сэгэллэн турда. Амма Аччыгыйа
Оҕолор эмиэ эбэлэригэр олус убаммыттара. Далан
Лоҥкууда хоту сиһигэр дүрбүөннээх үлэ салҕанан бара турда. Оттон өтөх сирдэри хорутааччылар үлэлэрэ эмиэ бэркэ барда. М. Доҕордуурап
ср. др.-тюрк. йемэ ‘и, также, ещё’, гаг. һем, йем ‘и’
II
сыһ. сыһыан т.
1. Сөбүлээбэт, сүөлүргүүр сыһыаны көрдөрөр (сүнньүнэн ыйытыы ф-лаах этиилэргэ тут-лар). Выражает неодобрительное отношение говорящего к содержанию высказывания (употр. в основном в вопросительных предл.)
Ол учууталлааҕы эмиэ тоҕо ыҥыран бэһирдиҥ? Хайа, балай эмэ саҥарар-иҥэрэр этиҥ дии. Н. Неустроев
«Оонньуох дьону, оҕолору, эмиэ тоҕо үүртэлээтиҥ?» — диэн Даайыс сэмэлиир соҕустук киһититтэн ыйытта. Н. Заболоцкай
[Варвара эмээхсин киирбитигэр Егор Егорович:] Хайа, бу эмиэ туохпут соһуллан киирдэ? Манна тоҕо кэллиҥ? С. Ефремов
2. Үгэргиир, сиилиир, сэниир сыһыаны көрдөрөр. Выражает иронию, презрение, осуждение говорящего относительно содержания высказывания (тоже мне!)
Бу эрэйдээх эмиэ киһи буоллаҕым буолан, дьон сиилээх-хоһулаах, эмиэ ырыаоонньуу туомнаах диэн дэлби элэк-хаадьы гыныахтар этэ. П. Ойуунускай
[Кэтириис таҥаһы көрөр уонна:] Сандааран түһэн эмиэ таҥас бөҕө дии, сиидэ төрөөн. С. Ефремов
«Эмиэ хайа тойоммут кэллэҕэй?» — дии-дии Андриан түннүгүнэн көөртө Никифоров кинээс уолунуун эбиттэр. М. Доҕордуурап
III
ситим т.
1. Саҥарааччы туох эмэ буоларыгар дуу, буолбатыгар дуу саарбахтыырын көрдөрөр. Выражает сомнение говорящего или противоречивость действий, о которых идёт речь в высказывании
Эмиэ да мас хайытар, эмиэ да дьаарыстыыр. И. Федосеев
Сороҕор кыыһыран ыйытар, сороҕор эмиэ сымнаан, намыын куолаһынан ыйытар, онтон эмиэ өрө көбдьүөрэр. Т. Сметанин
Тойоммут булкуллар-тэккиллэр — эмиэ да киириэн саныыр, эмиэ да кииримиэн баҕарар. Чэ, быһата, булкуур буолла. А. Бэрияк
2. Тэҥҥэ холбуур суолталаах ситим тыл быһыытынан ааҕар суолталаах уонна биир уустаах чилиэннэри, тэҥ суолталаах этиилэри, этии чаастарын холбооттуур. Выступает как перечислительный союз, объединяющий отдельные члены предложения, части сложносочинённого предложения
Атынан, табанан айаннаан, Арыт уунан устан, Салгынынан даҕаны көтөн, Сатыы эмиэ сылдьан, Сылаас астан араҕан. Сылбай ууну быраҕан, Сибиир киэҥ иэнин кэрийдибит. С. Зверев
Өтөр буолаат инники иһээччилэр саҥа ырыаны саҕалаатылар: эмиэ да кырдал, эмиэ да хайа, эмиэ да туруйа, эмиэ да тураах туһунан. Софр. Данилов
Ыттыы эмиэ үрэр дииллэр, Ынахтыы эмиэ маҥырыыр дииллэр, Хас, хас тылы билэрин Хантан ким ситэн ааҕыай?! Т. Сметанин