Якутские буквы:

Якутский → Якутский

эгдэҥнээ

дьүһ. туохт.
1. Өрүтэ үллэҥниир, түллэҥниир курдук хамсаа. ☉ Слегка вздыматься, приподниматься
Эрдиитэ уҥуор кута саҕатыгар долгуҥҥа бигэттэрэн эгдэҥнии сытар. И. Гоголев
Көлүөһэ эгдэҥниир таастан иҥнэн. К. Турсункулов (тылб.)
2. Өрүтэ көтүөккэлээн эрэр курдук тутун эбэтэр санныларгынан эһиэлэнэ хамсан. ☉ Совершать небольшие движения, направленные вверх (напр., приподниматься, привставать, подёргивать плечами)
Икки илиитин такыччы туттан, бүтүннүү бэйэтэ эгдэҥнииэгдэҥнии, икки өттүнэн хайыспахтаан көрө-көрө, тэбэнэттээхтик ыллаан барар. Амма Аччыгыйа
Истэн олорор киһи эгдэҥнээн ылар күүстээх олоҥхото буолан биэрдэ. А. Сыромятникова
Гитаратын уйан тыаһыгар бигэнэн аргыый эгдэҥнээн ыла-ыла, ким айбыта биллибэт саҥа ырыатын эдэр киһи ыллыыра. СҮК


Еще переводы:

эгдэҥнэт

эгдэҥнэт (Якутский → Якутский)

эгдэҥнээ диэнтэн дьаһ
туһ. Ити «Эргырон» үҥкүүһүттэрэ эгдэҥнэтэ, биэрэҥнэтэ хамсаммыттара хайдах эрэ хараххар бу баар кэриэтэ. И. Федосеев
Сааланы толору дьон. Өрөгөйдөөх муусука сүрэҕи эгдэҥнэтэр. Г. Нынныров

дьулурҕа

дьулурҕа (Якутский → Якутский)

даҕ. Тохтоло суох иннин диэки дьулуһар; түргэн, сыыдам. ☉ Рвущийся вперед; стремительный, быстрый
Кэпсэтиэх эрэ маннык далбар үйэҕэ биһиги төһө үчүгэйдик олорорбутун, дьулурҕа айаммытын туох бытаардарын туһунан. И. Аргунов
Олох уу сүүрүгүн курдук биир күрүс дьулурҕа буолбатах. С. Федотов
[Оҕонньор] кэпсиирэ түргэнэ, тыла бэргэнэ, дьулурҕата сүрдээх. Истэн олорор киһи эгдэҥнээн ылар күүстээх олоҥхото буолан биэрдэ. А. Сыромятникова

эгдэҥнэс

эгдэҥнэс (Якутский → Якутский)

I
эгдэҥнээ диэнтэн холб. туһ. Хаста да атын «таҥастаахтар» Дьэргэ сүрэҕин уотунан хаарыйталаан куотуһан таҕыстылар, ол ахсын көрөөччүлэр дьигиҥнэһэ, эгдэҥнэһэ турдулар. Болот Боотур
[Туруйалар] дьоролдьуйбут синньигэс атахтарынан чэпчэкитик дугуммахтаан эгдэҥнэһэллэр. П. Аввакумов
Мусукааннар бары даҕаны туттан-хаптан эгдэҥнэһэн, киһи эрэ көҕүйэн үҥкүүлээн барыах курдук оонньууллара. Г. Колесов
II
даҕ. Өрүтэ көтүөккэлиир, эһиэлэнэр курдук (хол., хамсаныы). ☉ Неровный, тряский, подпрыгивающий, пляшущий (напр., о походке человека или движении лошади)
Эгдэҥнэс сэлиилээх табалар Элбэх да көлөттөн ордуктар. Р. Баҕатаайыскай. Кини эмиэ бэйэтин эгдэҥнэс, тиэтэйбит хаамыытынан хаамара. Т. Николаева (тылб.)