Якутские буквы:

Якутский → Якутский

эгэ-дьэгэ

эгэ-дьэгэ буолар көр эҕэ-дьэҕэ
«Баһылай Макаарабыс таһаҕас таспат киһи буолуо», — Бүөккэ уола эгэ-дьэгэ буолла. А. Сыромятникова
Оҕонньор бэлэмҥэ кэлбититтэн үөрдэ, эгэ-дьэгэ буолан сэгэлдьийэ түстэ. П. Аввакумов


Еще переводы:

сэгэлдьий

сэгэлдьий (Якутский → Якутский)

I
сэгэй I диэнтэн арыт
көстүү. Үүтээҥҥэ киирдилэр. Солдатов оһоҕу тигинэччи оттон кэбиспит, чэй оргуппут, остуолга ас тардан бэлэмнээбит. Оҕонньор бэлэмҥэ кэлбититтэн үөрдэ, эгэ-дьэгэ буолан сэгэлдьийэ түстэ. «ХС»
Түүнү быһа нуктаабакка эн сэргэх тыыныҥ кэлэр, кыламаныҥ сэгэлдьийэн уостаргын ибирдэтэр. Ити тугу этээри эн бачча долгуйдаҥый? Чэчир-80
II
сэгэй II диэнтэн арыт
көстүү. Маайыс хааман сиргэ үктэнэрэ да биллибэттик сэгэлдьийэр. Амма Аччыгыйа

чэрэҥнэт

чэрэҥнэт (Якутский → Якутский)

чэрэҥнээ диэнтэн дьаһ
туһ. Куттас куобах сэрэнэн Кулгааҕын чэрэҥнэтэн, Аргыый аҕай лэкээрэн Аһыы киирбит, көр эрэ! С. Данилов
«Туораах» кыараҕас харахтарынан ырыаһытын көрбөхтүүр, кыракый кулгаахтарын чэрэҥнэтэр, эгэ-дьэгэ буолар. Т. Сметанин
Аттар …… кулгаахтарын чэрэҥнэтэ-чэрэҥнэтэ, оргууй аҕай уулаан куллурҕаталлар. А. Фадеев (тылб.)

эндирдээх

эндирдээх (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Куһаҕан, айанныырга эрэйдээх, аҥхайдаах-куоһахтаах, оллур-боллур (суол туһунан). Плохая, с рытвинами, выбоинами, трудная (о дороге)
Күннээҕи түбүктэн босхо баран, сололоммучча, эндирдээх айан суолун да биллэрбэккэ, ол-бу туһунан сэһэн-сэппэн ыраатта. ЕМП БС
Ыраах, үгүс эндирдээх куһаҕан суолга биирдэ да саахалламмакка, күҥҥэ иккитэ кырынара. АВД АМ
Бу элбэх түһүүлээх-тахсыылаах, эндирдээх таас суолу тымныы да оройугар тааҥ уута халыйан, сиикэй сытар үрэхтэр мэһэйдээннэр улаханнык харгыстыыллар. «ЭК»
2. Тугу эмэ гынарга сэрэхтээх, кутталлаах. Грозящий осложнениями, опасный (напр., о разговоре)
— Агния Аркадьевна этиитэ оруннаахха дылы. — Агния курдук биир киһи этиитигэр олоҕурар эндирдээх буолуо. Далан
Оҕотоойоп, киһим олус быыппастан эрэр дуу диэн дьиксинэ саныы-саныы, бу эндирдээх кэпсэтиини бүтэрэ охсон, атын чэпчэки сэһэргэһиигэ көһөргө тиэтэйэн, эгэ-дьэгэ соҕустук ыйытта. Софр. Данилов
Аһаҕас сиргэ оҕуруот аһын үүннэрии эндирдээх. ПТК
Ханнык баҕарар эпэрээссийэ эндирдээх буолар. Оннооҕор муҥурдааҕы быһыыга ардыгар ол-бу тахсар. «Кыым»