окружающее пространство; окрестность; куорат эйгэтигэр в окрестностях города.
Якутский → Русский
эйгэ
Якутский → Якутский
эйгэ
аат.
1. Туох эмэ тулалааһына, тулаҕа туох-туох баара (хол., чугас эргиннээҕи барыта). ☉ То, что окружает кого-что-л., находится вокруг кого-чего-л.
Ол турбиналар эргийдэхтэринэ, элэктэриичэстибэ үөскээн, боруобаттар устун ыстаансыйа дьиэтигэр тиийэн баран, бүтүн Бүлүү өрүһүн эйгэтин тухары тарҕаныахтаах. Суорун Омоллоон
«Хараххын ас, тоойуом. Бу тулалаан турар күөх эйгэни көр», — диэтэ учууталым Фёдор Степанович сөҥ саҥата. Н. Лугинов
Туналыйар ньуурдаах Өлүөнэ киэҥ эйгэтэ дьэрэлийэр. Баал Хабырыыс
2. Биир эбэтэр уруулуу идэлээх дьон кэккэтэ, уопсастыба хайа эмэ бөлөҕө, араҥата. ☉ Совокупность людей, связанных одной профессиональной деятельностью или одинаковыми социально-бытовыми условиями
Оройуон сорох сүрүннүүр дьонун-сэргэтин, салайар эйгэтин миниэнньэтэ эмиэ миэнин курдук. Р. Баҕатаайыскай
Хата, ол дойдуга научнай эйгэ киэҥэ бэрт буолан киһи сайдарыгар дэлэй кыахтар бааллара. Н. Лугинов
Еще переводы: